Өнөргө аҕам саастаахтар күннэрин сэргэхтик көрүстүбүт

Өнөргө аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн бэртээхэй сэргэх тэрээһиннэр буолан аастылар. Ол курдук алтынньы 2 күнүгэр Василий Попов муҥхатынан Ньимииттэ алааска муҥха тэрээһинэ буолбута. Алтынньы 4 күнүгэр сааһырбыттарга анаан аныгы төлөпүөнү сөпкө туттарга, холбуурга, араарарга, о.д.а. туһалаах сүбэлэри ыларга «Цифровая грамотность» диэн тэрээһиҥҥэ “Тускул» СК үлэһиттэрэ күн устата кэлбит дьоҥҥо сүбэ-ама буоллулар.

Салгыы алтынньы 6 күнүгэр сэрии сылын оҕолоругар аҕыс киһиэхэ нэһилиэкпит тэрилтэлэрин дьоно-сэргэтэ, бэтэрээн сэбиэтин түмсүүтэ, булчут эр дьоно аҕам саастаах дьоммутугар бэлэх оҥорон түҥэттилэр, эҕэрдэ ырыанан сэргэхситтилэр. Ытыктыыр бэтэрээн дьоммут санаалыын сырдаан, олус үөрэн көрүстүлэр.

Алтынньы 7 күнүгэр «Көмүс күһүн» биэчэргэ кулууп үлэһиттэрэ көрдөөх оонньуулары тэрийдилэр, олохтоох бибилэтиэкэ  сэбиэдиссэйэ Светлана Черноградская норуодунай суруйааччылар күһүн туһунан суруйбут хоһооннорун аахтаран күрэхтэһии тэрийдэ уонна викторина ыытта. Бэтэрээннэр түмсүүлэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Любовь Борисова истиҥ эҕэрдэтин эттэ, ытык-мааны дьоммутугар үбүлүөйдээх саастарын туолбуттарынан чиэстээһин буолла, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Кинилэр ортолоругар Андрей Сергеев, Зоя Борисова, Светлана Протопопова  70 саастарын уонна Анисия Ушницкая 85 сааһын бэлиэтээтилэр. Социальнай үлэһит Октябрина Протопопова олохтоох дьаһалта аатыттан  эҕэрдэ тыл эттэ. Онтон минньигэс астаах сандалы тула сүбэ-ама ылан, ирэ-хоро кэпсэтэн, санаабытын үллэстэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн дуоһуйдубут.

Алтынньы 9 күнүгэр кулуупка аҕам саастаахтарга спортивнай күрэхтэһии бэрт көхтөөхтүк ааста, успуорт инструктора Егор Афанасьев тэрийдэ. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн: «дартска» Любовь Борисова, сыал ытыытыгар Тимофей Атласов, хабылыкка, хаамыскаҕа Александра Ушницкая, түү мээчиги  быраҕыыга Петр Протопопов бастаатылар. Саамай актыыбынай кыттааччыга Пелагея Парниковаҕа грамота туттардылар, бары үөрэн-көтөн илии тутуурдаах тарҕастыбыт. Маннык өрүү түмсэн, сомоҕолоһон сылдьыаҕыҥ.

Варвара Парникова, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше