Билигин, туох барыта дэлэйбит кэмигэр, сыаналыыр, таптыыр киһибитигэр ураты бэлэх оҥорон үөрдүөхпүтүн, санаатын көтөҕүөхпүтүн баҕарарбыт кэмнээх буолуо дуо?! Ордук бэлэххэ-туһахха илиинэн оҥоһук, бэйэ аһа-үөлэ, ураты өҥө ордук сыаналанар буолла. Улууспут киинигэр сакалааттан сибэкки дьөрбөтүн чочуйан таһаарар, сакалааттан араас фигуралары сакааска оҥорор өҥө баар буолбута үөрдэр.
Сакалаат дьарыгын соторутааҕыта саҥа саҕалаабыта буолан баран, номнуо бу көрүҥү баһылаабыт Елена Орлова туһунан сырдатыым. Елена бэйэтэ туспа, ураты киһи. Кини идэтинэн агроинженер, ученай агроном дипломнаах. Ол эрээри «Саханефтегазсбыт» АО-ҕа оператор кассирынан үлэлээбитэ 10-тан тахса сыл буолла уонна сакалаатынан дьүһүйэр дьарыктаах. Бу бэйэ бэйэлэригэр сыһыана суох икки идэни баһылаабытын таһынан, кини иистэнэр, баайар, асчыт бэрдэ.
Үс оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Елена Николаевна дьарыгын туһунан бу курдук кэпсиир:
– Бу дьарыгым, нууччалыы эттэххэ, «профессия шоколатье» диэн. Сүрүннээн бельгийскэй сакалаатынан үлэлиибин. Ол сакалааппын интэриниэт нөҥүө сакаастаан ылабын. Маастар кылаас атыылаһаммын, оҥорор тиэхиньикэтигэр үөрэммитим. Манна сүрүннээн сөптөөх температураны табан сакалааты уулларыыны, тоҥорууну сатыахха наада. Анаан халыыптар бааллар, олору туһанан, араас тиэмэлээх набордары, букеттары оҥоробун.
Сакалааты сатаан уулларар буоллаххына, мин санаабар, сакалааттан тугу барытын оҥоруохха сөп эбит, киэҥ фантазия эрэ наада. Амтана маҕаһыын киэниттэн атын, бельгийскэй сакалаат бэйэтэ ураты амтаннаах эбит диэн кэнники саҥа биллим. Дьон баҕатынан эриэхэ эбэбин, хатарыллыбыт малина, клубника эбэбин. Онон туох да химическэй эбилигэ суох олус минньигэс буолан тахсар. Ону таһынан «клубника в шоколаде» эмиэ оҥоробун дьон ону ордук сэҥээрдэ дуу диибин. Салгыы сайдан истээх сакалаат оҥоруохпун баҕарабын. Икки кыыстаахпын, кэнники кинилэр да оҥоруохтара эбии дохуот киллэриниэхтэрэ, дьарык оҥостуохтара диэн баҕа санаалаахпын.
Мария Аргунова