Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Павел Пермяков көҕүлээһининэн, быйылгы сайыҥҥы былааҥҥа киллэриллибит кыраайы үөрэтэр экспедиция тула кэпсэтии олунньу 8 күнүгэр буолла. Дьокуускайтан ыҥырыылаах ыалдьыттар бырайыак тула кэпсэтии таһаардылар, ол курдук тэрээһиҥҥэ ХИФУ Сурук-бичик түмэлин дириэктэрэ Афанасий Мигалкин, СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрэ Петр Румянцев кытыннылар.
Тэриллиэхтээх экспедицияҕа улууспут салалтата болҕомтотун ууран, чуолаан улуус баһылыга Василий Аммосов бэйэтинэн сүбэ-ама биэрэн үлэбит тосхолун сүрүннээн биэрбитэ хайҕаллаах дьыала. Улуус култууратын салалтатын начальнига Сергей Нафанаилов бырайыагы өйүүрүн биллэрбитэ биһиэхэ эрэл кыымын сахпыта саарбаҕа суох. Түүлээх нэһилиэгин баһылыга Станислав Винокуров тэриллиэхтээх экспедиция кинилэр нэһилиэктэрин иһинэн ааһарынан сибээстээн, суола ыараханын, ханнык моһоллор күүтэллэрин ыйан туран, кыах баарынан көмөлөһүөхпүт диэн биллэрдэ.
Экспедиция маршрутун туһунан аҕыйах тылынан кэпсээтэххэ, Бороҕон – Танда – Тиит-Арыы – Бээрийэ– Түүлээх хайысханан, ол кэнниттэн Танда Төрдүн үрэҕиттэн (уруккута дьаам станцията) өрүһү туораан Саастымаҕа тахсан баран, Тукулаан үрэҕинэн хайа тэллэҕэр тиийэ барыахтаахпыт диэн былаан баар.
Бу ыйыллыбыт сирдэр уруккута Чуумпу акыйаан суолугар тиэрдэр, аан дойдуга аатырбыт Витус Беринг бастакы Камчатскай экспедицията 1724 сыллаахха айаннаабыт суола буолара биллэр.
Историяҕа биллэринэн, дьаам суола оччотооҕу Арассыыйа эбэ хотун үс акыйааннаах империя буоларыгар олук уурбут айан суола буоларынан биллэр. Улууспут биир маанылаах сиригэр Томторго турар таҥара дьиэтин сөргүтүүгэ экспедиция бырайыага күүс-көмө буолуо диэн киһи эрэнэ саныыр. Онон улууспут историятын сөргүтүүгэ буолуохтаах экспедициябыт саҥа саҕахтары арыйыаҕа диэн эрэл кыымнаах тарҕастыбыт.
Александр Сивцев, улуус историятын музейын сотруднига