Дүпсүннэр биир дойдулаахтарынан киэн тутталлар

Дүпсүн нэһилиэгин «Сардаҥа» оҕо уһуйаанын төрөппүттэрэ, урбаанньыттар Валентина, Юрий Сивцевтэр нэһилиэккэ, уһуйааҥҥа ыытыллар тэрээһиннэргэ өрүү күүс-көмө буолаллар.

Ол курдук соторутааҕыта олус үчүгэй, улахан бэлэх оҥорон, олохтоохтору, оҕо саадын коллективын үөртүлэр – Валентина бэйэтин илиитинэн ыскамыайкалары оҥорон бэлэх уунна.

Төрөппүттэргэ Валентина Ивановнаҕа, Юрий Алексеевичка уонна иитиллээччилэригэр, выпусниктарыгар Женяҕа, Викаҕа, Лераҕа үтүө санаанан салайтаран, уһуйааннарын истиҥник саныылларыгар, өрүү көмөлөһөллөрүгэр барҕа махтал тылларын тиэрдэллэр. Доруобуйаны, дьолу, үөрэххэ, үлэҕэ ситиһиини, табыллыыны, этэҥҥэ буолууну баҕараллар.

Ольга Шепелева

Читайте дальше