Дүпсүҥҥэ оскуола оҕолорун кытта «Дүөндү» сынньалаҥ киинин 50 сылыгар аналлаах көрсүһүү буолла

Олунньу 8 күнүгэр Дүпсүн орто оскуолатыгар кыраайы үөрэтэр музей үлэһитэ Вера Соловьева тэрээһининэн «Культура – олоххо тапталы иҥэрэр күүс!» диэн «Дүөндү» сынньанаҥ киинин 50 үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах көрсүһүү буолан ааста. Ыалдьыттарбытынан Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Егор Афанасьев уонна олохтоох суруйааччы Агафья Сивцева буоллулар.

Көрсүһүү туһунан Агафья Ивановна маннык кэпсээтэ:

– Ыалдьыттаан сэргэхсийии! Егор Егорович Афанасьев Остуойка бэриниилээх патриота Остуойкатын уруккутуттан саҕалаан Дүпсүн улууһун устуоруйатын , Өспөх тойоҥҥо тиийэ сыһыааран сырдатан сөхтөрдө, Вера Иннокентьевна эппитинии, «кырдьыбат талба куолас» Остуойкатын туһунан аҕата суруйбут хоһоонугар ырыата дьыл-күн сүүрүгэ суурайбат , киһини долгутар ырыатын , ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан иһиттибит. Аныгы олох сиэринэн медиа презентациянан Дүпсүнтэн тахсыбыт культураҕа тахсыылаах дьоммутун, суруйааччыларбытын көрдүбүт.
Оҕолор чуумпутук, болҕойон олорон истэллэрин, биһирээн бэлиэтиибин!

Дүпсүнтэн тахсыбыт суруйааччыларбыт , кинигэ, ааҕар күүс киһиэхэ дьайар алыба -үүнүү-сайдыы төрүөтэ буоларын быстах, кылгас кэпсэтиигэ да миигиттэн тугу эмэ иҥэриннэхтэрэ дии санаатым.

Күннүк Уурастыырап: «Мин Дүпсүҥҥэ ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, дүпсүннэр талааннаах да, ыллыыр -туойар да дьоҕурдаахтарын сөҕөн турабын, Анна Сыроватская Кыыс Кыскыйдааны ыллаан куйуһута, көтө-дайа сылдьарын харахпар керебун, Дүпсүннэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону аан маҥнай операнан толорбутара диэн билинэбин диэн эппиттээҕэ. Ити мин Саха сирин суруйааччыларын сойууһн бырабылыанньатыгар курьерынан үлэлээбит кэмнэрбэр илэ истибит киһи буолабын. Өссө эн Дүпсүнтэн үһүс курьергын, маҥнай Күлүмнүүр уола Валериан Васильевич Никифоров, иккис Анна Митрофановна Рожина үлэлээбиттэрэ диэн кэпсииллэрэ.

Тэрээһин түмүгэр мэтээл кэттибит, бэлиэ сурук тутан долгуйдубут. Дүпсүнтэн тахсыбыт суруйааччы, суруналыыс элбэҕин таһынан, айар-тутар дьоммут элбэх, мин 42 айар киһини аахпыттааҕым!

Маннык көрсүһүүлэр оҕолорго элбэҕи иҥэрэр үтүө өрүттээхтэр. Оскуола коллективыгар, тэрийбит оскуола
саха салаатын, төрүт культуратын учууталларыгар, сылаас, сэргэх библиотека сэбиэдиссэйэ Евдокия Васильевнаҕа, тэрийэн, салайан , ыҥыран ыалдьыттаппыт Вера Иннокентьевнаҕа, оҕолорго махтал!

Ыччаты иитиигэ түбүктээх үлэҕит тахсыылаах буоллун, төрөөбүт Дүпсүммүт талааннаах дьонунан байа, барҕара турдун!

Кэрэ кэпсээннээх, дэлэгэй сэһэннээх ыалдьыттарбытыттан Дүпсүн нэһилиэгин историятын туһунан элбэҕи иһиттибит-биллибит. Өссө да киһи хасыһан аахтахха, үөрэттэххэ, олус элбэх эбит дии санаатыбыт.

Христина Ябловская