И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатыгар бүтүн республика киэн туттар, Россияҕа, аан дойдуга биһирэммит хомусчут уолаттар «Кэскил» образцовай ансаамбылларын туһунан тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Манна кинигэ тахсыытыгар күүс-көмө буолбут дьон ыҥырыллан ыалдьыттаатылар.
Ол курдук СӨ Ил Түмэнин народнай депутата Геннадий Васильев, кинигэ редактора – П.А.Ойуунускай аатынан литература музейын директорын солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна, Дүпсүн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Линда Иванова, Хомус аан дойдутааҕы түмэлин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ методиһа Евдокия Слепцова, Уус Алдан улууһун үөрэхтээһин управлениетыттан оскуолабыт куратора Александра Ушницкая, культура управлениетыттан начальник Сергей Нафанаилов, Анна Федорова, улуус хомуска түмсүүтүн салайааччыта Альберт Находкин кэлэн кинигэ туһунан кэпсэтиһэн, истиҥник эҕэрдэлээн, бэлэх туттаран бардылар. Үгүс ыалдьыт ансаамбыл маҥнайгы салайааччыларыттан биирдэстэрэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара Мария Соловьеваны ахтан-санаан аастылар.
Тэрээһин саҕаланыытыгар тахсыбыт кинигэ туһунан ансаамбыл салайааччылара СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Тамара Михайлова уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна Евдокия Атласова билиһиннэрдилэр, ыалдьыттарга махтал сурук, кинигэ бэлэхтээтилэр.
Салгыы олохтоох дьаһалта баһылыга Николай Сивцев, оскуола директора Надежда Дорофеева, технопарк директора Гаврил Кудрин, ансаамбыл төрөппүттэрэ, Мария Соловьева аймахтара педагогическай үлэ ветерана Мария Соловьева уонна Мария Сивцева тыл эттилэр, эҕэрдэлээтилэр. Хомус маастара Петр Куличкин–Быйаман уус ансаамбыл солиһа, билигин студент Сивцев Айаалга, Лена Павловаҕа хомус туттарда, ансаамбыл оҕолоругар минньигэс бэлэх уунна.
Ансаамбыл салайааччыларгар Тамара Михайловаҕа «Уус Алдан улууһун культуратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ, Евдокия Атласоваҕа «Уус Алдан улууһун үөрэҕэриитин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ ытыс дохсун тыаһынан туттарылынна. Үөрүүлээх тэрээһин чаҕылхай ыалдьытынан норуокка тута биллибит, «Киэн туттар мин дойдум – Уус Алдан!» ырыа ааптара, оскуола выпускнига, СӨ культуратын туйгуна Катя Алексеева–Готовцева буолла.
Бу күн 2012 сыллаахха Франция Париж куоратыгар ыытыллыбыт «Я люблю тебя, Париж» бүтүн аан дойдутааҕы фестиваль I степеннээх лауреата, 2014 сыллаахха Италия Рим куоратыгар ыытыллыбыт «Римские каникулы» бүтүн аан дойдутааҕы фестиваль Гран При хаһаайына, аан дойду, Россия, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус араас таһымнаах күрэхтэрин лауреаттара, Кылаан чыпчаал кыайыылаахтара – «Кэскил» хомуска уолаттар ансаамбыллара — «Республика образцовай коллектива» «Дьүрүһүйэ тур, сахам хомуһа!» хоһоон монтаһынан, «Дьулуруйар Ньургун олоҥхоттон Үрүҥ Уолан өрөгөйө» уонна «Дьөһөгөй оҕото» дьүһүйүүнэн эҕэрдэлээтилэр, онтон ансаамбыл биир киэн туттар выпускнига, импровизатор-хомусчут үрдүк ааты ылбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ сыллата ыытыллар “Муус устар” күрэххэ ситиһиилээхтик кыттар, эдэр хомус ууһа,”Чулуу болгуо уус”анал аат хаһаайына, 2023 сыллаахха Москуба куоракка ыытыллыбыт ВДНХ-ҕа хомус оҥоруутугар маастар кылааһы ыытан дьон биһирэбилин ылбыт, прикладной математика уонна информатика магистрана Спиридон Иванов бэйэтин оҥорбут хомуһунан оонньоон дьүрүһүтэ, онтон салгыы ансаамбыл биир киэн туттар 2023 сыллаах выпускнига, элбэх республиканскай, улуус таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, лауреаттара билигин Десяткин аатынан промышленнай техникум студена Айаал Сивцев Быйаман уус бүгүн бэлэхтээбит хомуһунан оонньоон дьиэрэһиттэ.
Бу бэлиэ тэрээһин 2014 сылтан «Кэскил» ансаамбыл оскуола выпускнига Снежана Бурцева суруйбут «Дуорай, уран хомуһум!” ырыатын өрөгөй ырыата оҥостон, элбэх сирдэргэ ыллаабыт ырыаларынан түмүктэннэ.
Вера Соловьева, эбии үөрэхтээһин педагога