Бүгүн ытык Дүпсүн сиригэр өтөрүнэн буолбатах үөрүүлээх бэлиэ күн үүннэ. Сарсыарда 10 чаастан Дүпсүн дьоно-сэргэтэ бөһүөлэккэ киирии аартыкка тоҕуоруһа муһунна. Дүпсүннээҕи И.Д. Жирков аатынан космонавтика уонна авиация музейа тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах авиацияҕа, космоска аналлаах сквер аһыллыытын долгутуулаах түгэнэ саҕаланна.
Култуура бэтэрээнэ Ульяна Босикова алгыс тылынан саҥа сквер, кэлбит дьон арчыланнылар. Сквергэ киирии лиэнтэтин убаастабыллаах ыалдьыттар ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан кырыйдылар. Өндөл күөх халлааҥҥа музейы төрүттээччи И.Д. Жирков мэтириэттээх дрон үөһэттэн бар дьону эҕэрдэлээн тэлээрэ көтө дайда.
Улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, Дүпсүн нэһилиэгин баһылыга Николай Сивцев, оскуола дириэктэрэ Надежда Дорофеева, РФ салгын транспорын туйгуна, СӨ авиациятын бэтэрээнэ, музей попечителэ Николай Копырин, авиация бэтэрээнэ Черскэйтэн Леонид Борисов, Циолковскай аатынан космонавтика Российскай Академиятын чилиэнэ, академик, байыаннай наукаларга кандидат Константин Чмаров, «Дүпсүн» түмсүү салайааччыта Сергей Сивцев эҕэрдэ тыллары эттилэр. Скверы тутууга үлэлэспиттэр нэһилиэнньэ ортотугар наҕараадалары туттулар.
Үөрүүлээх аһыллыы оскуола оҕолорун ырыаларынан түмүктэннэ. Үөрүү-көтүү аргыстаах дьоро күн салҕанар.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.