Сааһырбыттар уонна Учуутал күннэринэн Дүпсүн орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччилэрэ (учуутал Людмила Ноговицына) алтынньы 6 күнүгэр педагогическай үлэ бэтэрээнэ Зинаида Семеновна уонна үлэ бэтэрээнэ Петр Иванович Новогодиннары дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр, оҕолор төрөппүттэрин кытта хомуйбут туостарын оһох оттуналларыгар анаан пакеттарга уган илдьэн туттардылар.
Оҕолор: «Дьиэҕит куруук сылаас буоллун, доруобайдык, ыалдьыбакка сылдьыҥ, сиэннэргит үөрдэ сырыттыннар», – диэн баҕа санааларын эттилэр.
Оттон Петр Иванович оҕолорго туһаайан: «Дьоҥҥо туһаны оҥорор үтүө дьон буолуҥ, учууталларгыт, төрөппүттэргит тылларын истиҥ, кыһаллан үчүгэйдик үөрэниҥ», – диэн алгыс тылын анаата.
Кыра дьон бу көрсүһүүттэн астыннылар, дьоҥҥо кыһамньылаахтык, убаастабыллаахтык сыһыаннаһыы үөрүүнү аҕаларын өйдөөтүлэр.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.