Дүпсүн уһуйаанын иитиллээччилэрэ «ДЕТИ-ВОЛОНТЕРЫ» хамсааһыҥҥа кыттыстылар

Уус Алдан улууһун Дүпсүннээҕи «Сардаҥа» оҕо уһуйаанын бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх оҕолоро «ДЕТИ-ВОЛОНТЁРЫ» хамсааһыҥҥа кыттан, иитээччилэрин кытта СВО-ҕа байыастар уот оттоллоругар аналлаах «розжиг» оҥордулар уонна анал уруһуйу кырааскалаатылар.

Кырачааннар эйэлээх олох туһугар кыргыһа сылдьар биир дойдулаахтара кыайан-хотон дьиэлэригэр кэлэллэрин күүтэллэр уонна бэйэлэрин кыахтарынан көмө оҥороллоруттан үөрэллэр.