Кыһыҥҥы тымныыга сылаас дьиэҕэ-уокка олорортон ордук туох кэлиэй? Дьиэҥ киинтэн ититиллэр буоллаҕына, олох абыраллаах. Бытарҕан да тымныыга оһоҕу манаан хаайтарбаккын. Оттон оннук нус-хас, сылаас олоҕу хааччыйааччыларынан ДьУоКХ үлэһиттэрэ буолаллар.
«СӨ ДьУоКХ» ГУТ Уус Алданнааҕы филиалын Курбуһахтааҕы учаастага үс бөһүөлэги көрөр-истэр уратылаах. Нэһилиэк үс бөһүөлэктээх. Онон сылааһы мэктиэлээччилэргэ кэккэ ыарахаттардаах. Кыстыкка хайдах үлэлээн-хамсаан олороллорун туһунан Курбуһах учаастагын салайааччыта Семен Протопопов маннык кэпсээтэ:
– Нэһилиэк үс бөһүөлэгин сылааһынан хааччыйан олоробут. Киин бөһүөлэктэн Уус Күөлүттэн учаастактар Балаҕаннаах уонна Окоемовка илин-арҕаа 15-тии км тэйиччи олороллор. Онон олору кэрийэн көрөргө биир күҥҥэ 120 км айанныахха наада. Билигин учаастакка 35 үлэһит баар. Сүрүннээн эдэрдэр үлэлииллэр.
Кыстыкка киириигэ өрөмүөн ыытыллан, билигин этэҥҥэ үлэлии олоробут. Ол курдук 2011 сыллаахха киирбит модульнай хочуолунай икки оһоҕор хапытаалынай өрөмүөн оҥордубут. Балаҕаннаах учаастагар саҥа дизельнэй станция, оһох туруордубут. Окоемовка учаастагар сэндвич панелынан станция турар дьиэтэ тутулунна. Онон кыһыны толоро бэлэмнээх көрсөн үлэлии сылдьабыт. Барыта түөрт хочуолунайдаахпытыттан кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэрин киэнэ убаҕас ньиэбинэн үлэлиир. Аны Уус Күөлүгэр баар модульнай хочуолунай Харбалаах чоҕунан үлэлиир. Окоемовкаҕа уонна Балаҕаннаахха Кангалас чоҕо кэлэр. Онон чох икки арааһа уонна ньиэп кэлэринэн уратылаахпыт.
Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ дьуһуурустуба олохтооммут балаһыанньаны хонтуруолга тутан олордубут. Кыра саахаллар баалларын бэйэбит туораттыбыт. Билиҥҥи туругунан, күҥҥэ 25-26 тонна чоҕу оттобут. Ол быстыбакка кэлэ турар.
Сүрүн кыһалҕабыт уу баһар массыына буолар. Эргэ, 1982 сыллаах массыынабыт оҥостуу күүһүнэн сүүрэр. Барыта 464 куб ууну хаһаанар емкостардаахпыт. Ону бу баара суоҕа 3,6 кубтаах емкостаах массыына хааччыйара кэккэ уустуктардаах. Ол иһин, ыксал буоллаҕына, улуус кииниттэн уу баһар массыыналар көмөҕө кэлэллэр.
Тымныы өссө да туруо. Онон тохсунньу, олунньу ыйдары мүччү түстэрбит эрэ диэн үлэлиибит.
Туман оргуйар, томороон тымныылаах Саха сиригэр олоҕу-дьаһаҕы сылааһынан хааччыйар улахан сорук буолар. Ол туһуттан хачыгаардар барахсаттар балаҕан ыйыгар оттубут оһохторун умулларбакка, ыам ыйыгар диэри түүннэри-күнүстэри түбүгүрэн эрдэхтэрэ.
Афанасий Сектяев