Дьоруой Готовцев хаһаайыстыбатын ититэр ситимэ – газгольдер

“Удьуор” бааһынай хаһаайыс­тыба (салайааччы Михаил Готовцев) бу сылга CӨ тыа ха­­­­һаа­йыстыбатын министиэрис­тибэтин иһинэн 15 мөлүйүөн суумалаах граны субсидия быһыытынан ылары ситиспитэ.

Хаһаайыстыба бу үбэ тиэхиньикэ атыылаһарга, ититии ситимин тардарга, биир үлэһити хамнастыырга туттуллубут. Кураан дьыллар турдахтарына, элбэх сыллаах оту бэйэ ходуһатыгар үүннэрэр сыалтан ыһыы тиэхиньикэтин атыыласпыттар. Онно бааһынаны хорутан бэлэмниир наадата суох эбит. Анал тиэхиньикэ буорга дьөлө анньан киирэн сиэмэни бэйэтэ түһэрэр оҥоһуулааҕын кэпсииллэр. Итиэннэ оту үүннэрбит ходуһаларын нүөлсүтэргэ ууну ыһар тиэхиньикэни уонна тыраахтары атыыласпыттар.

Улахан хаһаайыстыбаны кө­рүү-истии кэмигэр маһынан оттуллар оһоҕу кэтиир-маныыр үгүс күчүмэҕэйдээҕэ биллэр. Онон субсидия сорох үбэ газгольдер атыылаһарга туттуллубут. Газгольдер диэн гааһы хаһаанар автономнай резервуар. Бу резервуар дьиэ таһыгар сиргэ көмүллэн сытар. Куораттан анаан кэлэн гааһын толорон биэрэллэр эбит. Онтон ситим тардыллан дьиэ иһигэр киирэр.

Хаһаайыстыба олорор дьиэтин биэс кубтаах, сүүстэн тахса сүөһү турар хотонун 10 уонна гарааһын эмиэ биэс кубтаах газгольдердаах ситиминэн сылытар. Нэһилиэнньэттэн тэйиччи олорор, ититии ситимэ тиийбэт сиргэ олус абыраллааҕын үллэстэллэр. “Маннык дьаһанан, сүөһүнү, сылгыны дэлэтэр хаһаайыстыба оттуур ходуһатын аттыгар тэринэн олоруон сөп. Ыччат да дьон тыа сиригэр олохсуйалларыгар көмөлөөх буолуо этэ. Оччотугар бырабыыталыстыбабыт да өйөөн, көмө оҥоруон сөп буоллаҕа… ” – диэн санааларын үл­лэстэллэр. Кырдьык да, дьиэлээхтэр абыраммыттар. Дьиэлэрэ-уоттара, хотонноро сып-сылаас.

Ольга Шепелева