Бу күннэргэ Таатта улууhун Амма нэhилиэгэр Дьаам алааhыгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ тэриллибитэ 35 сылыгар аналлаах республикатааҕы култуурунай спортивнай фестиваль буолан ааста. Онно барыта 13 улуустан 255 киһи корнхолл, остуол тенниһэ, дуобат, дартс, бэстилиэтинэн ытыы, волейбол көрүҥнэригэр күөн көрүстэ. Маны таhынан киэhэҥҥи өттүгэр култуурунай бырагыраамаҕа: олоҥхону толорууну, сыаҥкалары көрүү буолла.
Бу күрэстэргэ биhиги улууспутуттан буулдьанан ытыыга Елена Попова 1-кы, 2-с миэстэлэри ылла. Дуобакка Мария Пестрякова 3-с миэстэни ылла. Корнхолл диэн саҥа тэнийэн эрэр көрүҥҥэ Афанасий Афанасьев 3-с миэстэни ылла.
Икки күннээх күрэс түмүгүнэн 1-кы миэстэни Нам, 2-с миэстэни Таатта, 3-с миэстэни биһиги, уус алданнар, ыламмыт кыайыы өрөгөйүн билэн үөрэн-көтөн кэллибит.
Биhигини өйөөбүт улууспут дьаhалтатыгар, чуолаан Василий Аммосовка, Анатолий Сторожевка, успуорт салаатын салайааччытыгар Евгений Алексеевка, Мүрү дьаһалтатыгар, чуолаан Прокопий Румянцевка, Григорий Аргуновка, оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Михаил Слепцовка, социальнай управление дириэктэрэ Елена Кривошапкинаҕа, реабилитациялыыр киин дириэктэрэ Иннокентий Сергеевка биhиэхэ суолта биэрэннэр 27 буолан бэлэм баран кэлбит дьон махталбытын тиэрдэбит, куруутун бу курдук өйүү сылдьалларыгар баҕарабыт. Маны таһынан уопсастыбам чилиэннэригэр, көмөлөһөөччүбэр Иннокентий Алексеевка, икки суоппарбытыгар, ытыыга тренеринэн барсыбыт Ольга Куличкинаҕа, минньигэстик астаан аhаппыт повардарбытыгар (чычымахтар) тус бэйэм ааппыттан махталбын тиэриэрдэбин. Куруутун бу курдук түмсүүлээх буолуохха.
Үтүө дьону кытта алтыһан, доҕордоhон талыы Таатта сиригэр Амма эбэ үрдүгэр сардаана сибэкки ортотугар умнуллубат күннэри атаардыбыт.
Елизавета ВАСИЛЬЕВА, Уус Алдан улууhун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ