Хаһан эрэ биир саас, массыынам тиэхиньиичэскэй туругун көрдөрөөрү Автодорожнайдааҕы пууҥҥа наадалаах киһибин кэтэһэн турдахпына, Петя Павлов хааман бытыгыратан иһэр эбит. Үлэбиттэн уурайбыт кэмим этэ, онон сээкэйи сэһэргэһээри, арааһы ыйыталаһаары утары бардым.
Үлэтигэр баран иһэрин, «Дьулурҕанын» «Саха сирдэрэ» саппыттарын, «Киин куоракка» сыстан таһааран эрэрин эҥин туһунан син баһаамы кэпсээтэ. Бараары туран Петям: “Милан Матвеевич, спортсменнар тылларынан эттэхпинэ, эн миэхэ бастакы тириэньэрим буолаҕын ээ”, – дии-дии, күлэ-күлэ бара турбута.
Ону санаан кэллим ээ, тэһэ кэйдэрбиттии. Соторутааҕыта Москва анныгар балтараатыгар чугаһаабыт сиэммин Матюшаны кэлээскэҕэ анньа сылдьан.
Тоҕо эбитэ буолла? Арааһа, Саҥа дьыл кэнниттэн тута кэриэтэ кэлбит киһи дойдубун, дьоннорбун аҕыннаҕым. Дьэ, дьиибэ. Петя уол тоҕо итинник эппитэ, өссө тириэньэргэ холообута буолла? Буолаары буолан бастакыга. Итинник уонна итиниэхэ майгынныыр араас санаалар киирэн эрдэхтэринэ, Матюшам тугу эрэ ыйбыт быыкайкаан сөмүйэтэ чочоҥолоон аралдьытта…
Таба көрбүт, өйдөөбүт
Аар-саарга биллибит үлэһиттэр, аатырбыт спортсменнар үөрэппит, такайбыт маҥнайгы учууталларын, тириэньэрдэрин хаһан да умнубаттар, куруук ахта-саныы, кэпсии сылдьааччылар. Түгэн эрэ көһүннэр. Махтанан уонна ытыктаан буолуо. Ону үлэлиир эрдэхпинэ элбэхтик истибитим уонна билбитим.
Онно сыһыары тутан көрдөхпүнэ, Петя Павлов бастакы эрэдээктэрим диэн өйдөбүлү ханарытан эппит буолуон сөп курдук. Дьэ, оччотугар маладьыастаабыт. Өссө саамай сөпкө эппит, холообут. Бу санаан көрдөххө, итинник тыллар биһиэхэ суруналыыстарга эмиэ сөп түбэһэргэ дылылар.
Тоҕо диэҥ? Төһө да учуутал курдук кылааска киирэн үөрэппэтэхпит, тириэньэр курдук көлөһүн-балаһын алла такайбатахпыт иһин, бэйэбит суруйууларбытынан, олоҕу көрүүлэрбитинэн, дьоҥҥо, үлэҕэ сыһыаммытынан элбэх киһини сырдыкка, кэрэҕэ, үйэлээххэ сиэтэн киллэрдэхпит. Саамай кылаабынайа, сахалыы суруналыыстыка муударастарын аанын аһалларыгар, ол үрдүк үктэллэрин дабайалларыгар, төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин таба туһаналларыгар сүбэ-соргу буоллахпыт.
Ону Петя Павлов өйдөөн, таба көрөн биһигини, эдэр суруналыыстары иитэн-үөрэтэн, үлэһит гынан таһаарбыт саастаах дьону, үүнүүлээх өҥ буорга күҥҥэ, киэҥҥэ, үрдүккэ тардыһар уохтаах сиэмэни ыһар, онтон тахсыбыт толуу астаах туорааҕы ууран-тутан, чочуйан кустук сэттэ өҥүнэн кылабачыта оонньотор учууталлары уонна тириэньэрдэри кытары кыһыл көбүөрүнэн бүрүллүбүт биир муостаҕа туруорбут, кинилэргэ тэҥнээбит. Саамай ытыктыыр уонна сүгүрүйэр дьоммор. Онон маны биир бэйэм үрдүк сыанабыл быһыытынан ылынным.
Ийэтин кыһамньытынан
Өбүгэлэрбит барахсаттар күн-дьыл хаамыытын олус түргэн дииллэрин кытары сааһыран истэхпит аайы итэҕэйэрбитигэр эрэ тиийэбит. Тоҕо диэтэххэ, ол кэмтэн бэлиэр 40-тан тахса сыл ааһа охсубут. Оттон ол олох бэҕэһээҥҥи курдук этэ, ээ…
1980 сыл атырдьах ыйыгар Уус Алдан оройуонунааҕы «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыакка эрэдээктэринэн ананан тиийбитим. Хаһан да үктэммэтэх, түһээн баттаппатах, биир да киһини билбэт сирбэр. Буорунан оргуйан олорор, уулусса нөҥүө туох да көстүбэт Бороҕонугар.
Саҥа, эдэр эрэдээктэри көрөөрү-истээри араас дьон киирэн тахсара. Олор ортолоругар үтэн-анньан көрөөччүлэр, сүрдээх үтүө санаалаахтар, сүбэ-соргу тыллаахтар кытта бааллара. Өйдүүбүн, биирдэ бэрт наҕыл саҥалаах, тугу барытын сэрэммиттии ыйыталаһар Екатерина Егоровна Павлова киирэ сылдьыбытын.
Хаһыакка уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан суруйарын, орто оскуолаҕа дьиэ хомуйарын кэпсээбитэ. Үксүн «туох ааттаах ыаспайдаатыҥ» диэҕэ диэбиттии бэркэ сэрэнэн, хайа оройуон оҕото буоларбын, туох үөрэхтээхпин, дьонноохпун, санаалаахпын туоһуласпыта. Дойдутун, оройуонун дьоно туох уратылаахтарын, үгэстээхтэрин сиһилии билиһиннэрбитэ. Онон Е.Е. Павлова Уус Алдаҥҥа тиийэн «муна сырыттахпына» харахпын аспыт, иннибин-кэннибин ыйбыт дьоммуттан биирдэстэрэ.
Кини уонна да атын үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн, төһө да сыыстарбын-таптарбын, ити кэнниттэн «һай-һат» диэбитинэн барбытым, Екатерина Егоровнаны кытары чугастык билсибитим. Илин баска бэйэлэрэ дьиэлээх этилэр, кэргэнэ тутууга үлэлиирэ, биэс оҕолооҕо. Улаханнарын Машаны эрэдээксийэҕэ үлэҕэ ылларбыта. Маша дьиэ сууйа-сууйа курьердаабыта да, мин эрэдээксийэ үлэтигэр барытыгар сыһыарбытым. Массыыҥкаҕа охсорун таһынан кылгас иһитиннэриилэри булан оҥорор буолбута. Сүрдээх сыһыаннаах этэ эрээри, хаһыат үлэтэ – киниэнэ буолбатах быһыылааҕа. Култуура үлэтигэр сыстыбыта.
Дьиэлэригэр хаста да сылдьыбытым. Оччолорго иккис оҕо, оскуола үөрэнээччитэ Петя табаарыстарын кытары кыһыл, күөх триколаан уруһуйдаабыт, оччотооҕу биллэр бөҕөстөр ааттарын ылбыт кумааҕы тустууктарын туһуннаран (үрэн) оонньуурун көрөрүм. Кини тустууктара үксүгэр кыайар быһыылаахтара, үөрэрин-көтөрүн, күлэрин-саларын, аан дойду бары аатырар бөҕөстөрүн биэс тарбах курдук билэрин сөҕө саныырым. Оччолорго кинини үлэҕэ ылыам, суруналыыстыка суолугар киллэриэм дии санаабат этим.
1982 сыл үүммүтэ. Саас эрдэ Екатерина Егоровна сэрэммиттии аргыый аҕай үлэлиир хоспор киирэн кэлбитэ. Идэтинэн арааһы кэпсээн, ыйыталаһан баран: “Петя хаһыатчыт буолуон баҕарар, тугунан эмэ көмөлөһөр кыахтааххын дуо?” – диэбитэ уонна уола 5-с кылаастан «Бэлэм буолга», «Ленинскэй тэрийээччигэ» суруйарын, өссө хаартыскаҕа түһэрэрин кэпсээбитэ.
Мин хаһыаппар кини суруйууларын көрбүппүн өйдөөбөт буолан: “Ол таһааттарбыт суруйуулара бааллар дуо? Кырыйан мунньааччы дуо?“ – диэтим уонна онтун туппутунан кэлэ сылдьарыгар эппитим.
Пахай, онтубун былыр үйэҕэ умнан сырыттахпына, биирдэ хантан эрэ кэлбитим, Екатерина Егоровна уолунаан күүтэн олороро. Хоспор киирэн Петя суруйууларын көрдүм. Сүрдээх кичэллээхтик «Скорошиватель» паапкаҕа тиспиттэр аҕай. Дьөлө үүттээн. Аахтым, оскуола оҕотун суруйуутугар хоп курдуктар. Үксэ оскуола олоҕун, тустуу, успуорт күрэхтэһиитин иһитиннэриитэ. Хаартыскалара даҕаны оччотооҕу кэминэн. Сырдыктар, ыраастар…
– Ханна барыаххын, тугу гыныаххын баҕараҕын? – диибин.
– Ханна ыытаргынан барабын, тугу үлэлэтэргинэн үлэлиибин, – уолум туох да чобуота сүрдээх, уун-утары ып-ырааһынан көрбөлүүр.
Туоҕу-туоҕу эппитим буолла, чопчу бу диэн өйдөөбөппүн. Ол эрээри, биири умнубаппын, суруйууларын паапкаҕа тиспэккэ уруһуй альбомугар тус-туһунан, тиэмэлэринэн сыһыарарыгар, өҥнөөх харандааһынан дуу, фломастерынан дуу киэргэтэригэр сүбэлээбитим. Үлэҕэ ылыахпын штатым толору этэ. Онон үөрэххэ ыытыы боппуруоһа турбута.
Үөһээҥҥи тэрилтэлэрбиттэн ыйыталаһан, полиграфистары бэлэмниир Уфатааҕы ПТУ-га фотокорреспонденнары үөрэтэллэрин билбитим. Ону дьоммор эппиппэр – сөбүлэстилэр. Инньэ гынан, ити сыл Мүрү орто оскуолатын бүтэрбит Петр Семенович Павловка оройуоннааҕы «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыат эрэдээксийэтин аатыттан үөрэххэ барар путевка туттарбытым. Дьиэтигэр баран үөрэххэ атаарар үөрүүлээх киэһэлэригэр этэҥҥэ сылдьан, үчүгэйдик үөрэнэн кэлэригэр, ыра санаата туоларыгар баҕарбытым.
Эһиилигэр үөрэҕин бүтэрбит Петр Павловы «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыакка фотокоррунан ылбытым. Ол туһунан кини үлэтин киниискэтигэр 3-с нүөмэринэн суруйан илии баттаабытым. Онон П.С. Павлов быйыл от ыйын 18 күнүгэр хаһыат хамнастаах үлэһитэ аатырбыта 40 сылын томточчу туолла.
Эмиэ да чугас, эмиэ да тэйиччи
Ити гынан баран, Дьылҕа Хааным миигин Петя Павловтан эмиэ да чугас, эмиэ да тэйиччи тута сырытта. Ол Бороҕоҥҥо үлэҕэ ылбытым кэннэ күннэтэ сорудахха сүүрдэн, ыксаллаах матырыйаал суруйтаран, хаһыат ыарахан сыарҕатын состорон этин-хаанын, өйүн-санаатын бэлэмниир, тылын-өһүн имитэр кыаҕы биэрбэтэҕэ. Күһүөрү уолум ытык иэһин төлүү Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Эһиилигэр, кини төннө илигинэ, аны бэйэм куораттаан хаалбытым.
Петя куоракка киирбитин кэннэ «Саха сирэ» хаһыакка бииргэ үлэлэппитэ эрээри, иккиэммитин атын-атын салааҕа туппута. Хомойорум баар, саатар, биирдэ эмэ командировкаҕа бииргэ түбэһиннэрбэтэҕэ. Ол эрээри, этиэх тустаахпын үөрэттэрбит, үлэҕэ ылбыт, суруналыыстыка эйгэтигэр киллэрбит Петя Павловпын кытары сибээспин быспатаҕым, хайдах үлэлиирин, суруйарын, тугунан тыынарын көрө-истэ, билэ сылдьыбытым.
П.С. Павловы саха бэчээтин Аал Луук маһыгар намчы лабаа быһыытынан үүннэрбитим билигин бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, ааттаах-суоллаах, тардыалаатахха маталдьыйбат, үктүөлээтэххэ өҕүллэҥнээбэт, охсуолаатахха тостубат модьу мутук буолла. Оройуон хаһыатын фотокорруттан саҕалаан ааҕааччы билиниитин ылбыт, 23 сыл устата чөл олоҕу, успуорду өрөспүүбүлүкэҕэ сырдаппыт, суруйа сылдьар «Дьулурҕан» сыһыарыы эрэдээктэригэр тиийэ үүннэ.
ПТУ-га үөрэммитин, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ытык иэһин төлөөбүтүн, онтон төннөн кэлэн эрэдээксийэҕэ миэстэ тахсыбакка оройуоннааҕы олох-дьаһах кэмбинээтигэр фотографтаабытын туораттахха, аҥаардас бэйэҥ суруйууҥ табыллан таҕыстаҕына, хайҕаннаҕына, онтуҥ күн аайы буолбат ээ, эрэ минньийэр, үксүгэр хойуу, тууһа-тумата биллибэтэх киһи киэр да анньыан сөп хаһыат хааһытын 36 сыл салгыбакка «сиэтэ». Бу – уһун кэм.
«Дьулурҕанын» атаҕар туруораары…
Үөһээ этэн аһарбытым курдук, итинтэн 23 сылын, бу үйэ чиэппэрин кэриҥэ, бэйэтэ толкуйдаан таһаарбыт, оҕолообут, билигин олох эриирдэрин туоратан сүһүөҕэр туруорбут, киһи гыммыт «Дьулурҕанын» таһаарыыга биэрдэ. Мэлдьи сылайбакка суруйар биир албастан субуруччу атыҥҥа сылбырҕатык көһөн кыайыыны ситиһэр тустууктарын курдук «Дьулурҕанын» атаҕар туруораары араас хаһыаттар ааннарын харса суох тоҥсуйбута. Билигин «Дьулурҕан» билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи «Забота-Арчы» хаһыакка сыһыарыы быһыытынан тахса сылдьарын билэбин.
«Дьулурҕан» билиҥҥи олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр биир инники иһэр хаһыат. Кумааҕы хаһыата биһиги курдук саастаах дьон интэриэһин урут тутар. Инньэ гынан, манна сүрүннээн санаа атастаһыытын, араас ырытыһыыны, сынньалаҥҥа сыттык анныгар уура сытан ааҕыллар матырыйааллары таһаарарын сөбүлээн ааҕабын.
«Билэрим эрэ биэс» диэбит киһилии эттэххэ, көрөрүм уонна сатыырым – ютуб ханаал. Онно Саха сирин билиҥҥи эдэр тустууктара атын дойду ааттаахтарын кытары уҥа-хаҥас бырахсалларын, иэмэх мастыы эрийсэллэрин устан, бэйэтэ быһаарыы кэпсээннээн угарын көрөн астынабын. Оттон бу социальнай ситимҥэ миигиннээҕэр урутаан иһээччилэр, ким хайа иннинэ тугу барытын иилэ хабан ылааччылар хаһыат саайтыгар, телеграм ханаалыгар, «ВКонтакте» страницатыгар киирдэхтэринэ өссө интэриэһинэй матырыйааллары, видеолары булан көрөллөрө чахчы.
Онон «Дьулурҕан» сыһыарыы бэйэтэ туспа медиа эйгэ буолла. Маны барытын соҕотох Петя Павлов иилиир-саҕалыыр.
Ытыктабылы, билиниини ылыы
Петя Павловы билигин Петр Семенович диэн ыҥыраллар. Итинник ытыктабылы, билиниини, этэргэ диэри харытын ньыппарынан, тилэҕин элэтэн туран ситистэ. Онно мин П.С. Павловы тустуу уонна успуорт диэн баран муннукка ытаабыт бэриниилээх (фанат) дьоннор кэккэлэригэр киллэрэрим эбиилэһэр. Дэлэҕэ субуотатын уонна өрөбүлүн араас күрэхтэһиилэргэ ыытыа, өйүн-санаатын, олоҕун бүүс-бүтүннүү тустууга аныа, суруналыыстар дуона суох хамнастарын ыраах айаннарыгар, таһааттарар кинигэлэригэр тэбиэ дуо?!
Атыттары билбэппин, биир бэйэм хаһыатчыт буолууну Дьылҕа Хаан оҥоһуута диибин. Өссө манна Үрдүк Үөһээ Айыылар көмөлөһөллөрүн эбэбин уонна умнубаппын. Оннук оҥоһуулаах буолан, П.С. Павлов оройуонун хаһыатыгар сүүрүүттэн-көтүүттэн саллыбатах, ыарахан сыарҕаны тардыыттан бурҕалдьытын булгуйбатах, төттөрүтүн буспут-хаппыт, өксүөнү-буурҕаны туоруур кытаанах куорсун үүннэриммит диибин. Үрдүк Үөһээ Айыылартан этитиллибит буолан, өрөспүүбүлүкэ киинигэр киирэн улахан хаһыаттар билигин да мүлүйэ илик тиистээх ыарахан миэлиҥсэлэрин иһинэн ааста. Ол түмүгэр Петр Семенович Павлов билигин аан дойду ааттаахтарын кытары тэҥнээхтэрин курдук «эн-мин» дэһэн кэпсэтэр кыахтанна.
П.С. Павлов Арассыыйа эбэ хотун суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Успуорт уонна тустуу туһунан алта кинигэ ааптара. Сыыстарбат буоллахпына, өссө көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөннэрин туһунан кинигэтэ туманнаах Альбион тылынан бэлэмнэнэ сылдьар. СӨ бэчээтин туйгуна, Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Петя Павлов миигин тириэньэрим диэбитэ биир санааны үөскэтэр. Ону хайаатар да эттэхпинэ сатанар. Тириэньэрдэр тустууктарын билэр буолан хапсыһа сырыттахтарына, балаһыанньаттан көрөн, үксүгэр: «Үлэлээ, үлэлиэххэ наада!» дииллэрин элбэхтэ истэбин. Ол кинилэр «өссө үлэлээн баалла ыл, кыай» диир быһыылара.
Мин онно майгыннатан, «Кытаат. Өссө нэмийэн, күүрэн биэр. Оччоҕо Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа аат көтөн-мөҕөн тиийэн кэлиэ этэ» диибин. Ол аакка П.С. Павлов толору эппиэттиир. Үлэтинэн даҕаны, суруналыыс да быһыытынан.
х х х
Түмүктүөххэ. Туөрт уон биир сыл анараа өттүгэр үөрэххэ ыыппыт, онтон салгыы үлэҕэ ылбыт Петя Павловым, дьэ, итинник үлэлээх-хамнастаах, ааттаах-суоллаах, сахалыы тыллаах бэчээт биир киэн туттар, тарбахха баттыыр суруналыыһа буолан таҕыста. Дьэ, хайдаҕый! Онон Петя Павловы «мин үлэҕэ ылбыт, суруналыыс гыммыт уолум» диэн ааттыыр толору кыахтаахпын. Доргуччу, киэн тутта, дьон-сэргэ истэрин курдук.
Милан АФАНАСЬЕВ, ССРС уонна РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата