Дьон, норуот биһирэбилинэн кынаттанан

Быйылгы 2023 сыл олунньутуттан “Кэнчээри” ан­саамбыл аадырыһыгар киирбит, ханна да бэчээттэммэтэх  дьон, норуот биһирэбил этиилэрин историяҕа киллэрээри хаһыакка бэчээттэтэргэ сананным. Оҕолорум да, үлэһиттэрим да туох суолталаах дьыаланы оҥорбуттарын кэлин хаһыаттан ааҕан биллиннэр!

Олунньу бүтэһик күннэригэр Азия оҕолорун 2-с кыһыҥҥы спартакиадаларыгар оонньуулар Гимнэрин ыллаабыппыт кэннэ Саха сириттэн кэлбит ыалдьыттар: “Кэнчээрилэр”, олох маладьыастаргыт! Наһаа үчүгэйдик ыллаатыгыт. Сахалары ааттаттыгыт. Наһаа долгуйдубут, киэн тутуннубут”, – диэн эҕэрдэлээн туран, хаартыскаҕа түһүстүлэр.

Анна диэн биһиги бөлөх­пүтүгэр волонтердаабыт Кузбасс үлэһитэ: “Как хорошо вдохновеннно спели, какие прекрасные сильные голоса! Вы прос­лавили Якутию”, – диэн үрдэ суох хайҕаата, сыллата­лаан ылла. Итинник Саха сириттэн араас бөлөхтөртөн хайҕабыл, биһирэбил, киэн туттуу этии­лэрэ быыстала суох кэлэн сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Дойдубутугар кэлбиппит кэннэ Кузбасстан  Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар дирекцияларын салайаач­чыта А.В.Пузынин аатыттан хас биирдии оҕоҕо “Иккис кыһыҥҥы норуоттар икки ардыларынааҕы Азия оҕолорун үөрүүлээх аһыллыытыгар Оонньуулар Гимнэрин үс омук тылынан толорбуккут, успуорт бырааһынньыгын өр сылларга өйгө-санааҕа киирэр гына чаҕылхайдык киэргэппиккитигэр” диэн махтал суруга тиийэн кэллэ. “На открытии Гимн игр на трех языках исполнил детский народный ансамбль “Кэнчээри” из Усть Алданского улуса. Молодцы!” диэн Айсен Сергеевич почтатыттан ыыппыттар. Арай бэйэбит минис­тиэристибэлэрбититтэн туох да суох. Кузбасска Азия оҕолорун Гимнин толорбут оҕолор Вио­летта Омукчанова (9 кыл.), Сандаара Нератова (9 кыл.), Далаана  Черкашина (8 кыл.), Сандаара Парникова (ХИФУ усту­дьуона), көмөлөһөөччүм, Вероника Гоголева (11 кыл), Вика Егорова (8 кыл.), Лия Ушницкая (8 кыл.), Света Пермякова (10 кыл.), Нарыйаана Потапова (10 кыл.).

 Ансаамбыл 50 сылыгар киирбит үтүө тыллар

“Кэнчээрини” куруук өйүүр дурдабыт-хаххабыт, дьокутаап­пыт Александр Жирков: “Кэнчээри” ансаамбыл Арассыы­йаҕа да суох уникальнай кэлэктиип. Саха оҕотун үрдүк хоровой искусствотын, фольклорун, үҥкүүтүн, дэгиттэр талаанын Арассыыйаҕа, Сойууска, Аан дойдуга таһаарбыт киэн туттар кэлэктииппит. Салайааччы Василий Степанович үйэ аҥаарын тухары араас ыарахаттары, өйдүүр, өйдөөбөт дьону кытта туруулаһан, кимиттэн да тутулуга суох санаатын утары этэн иһэр көнө сүрүннээх киһи. Ансаамбылын, үлэтин уонна ким көмүскэһиэй! Кини үлэтэ Г.Бессонов Б.Андреев үлэ­лэрин, ааттарын кытта биир таһымҥа турар үлэ. “Кэнчээри” ансаамбылы бары өттүнэн өйүүр, харыс­тыыр эбээһинэс­тээхпит”.

СӨ норуодунай артыыһа, аксакаалбыт Аркадий Алексеев: “Баһылай Ыстапаанабыһы сүрдээҕин хайгыыр киһим. Мин, туох эмэ культпросветы эҥин бүтэрбитэ буолуо дии саныыр этим. Онтукам бэйэбэр дылы олох да музыкальнай үөрэҕэ суох эбит. Ол быыһыгар хата оройуонугар үс төгүл чөмпүйүөннээбит тустуук этэ. Холобур, ­аатырбыт Д.Коркин нуучча тылын учуутала. Дьэ, итинник бэйэлэрэ туспа көрүүлээх, талаан­наах дьон баар буолаллар. Онон киниэхэ өссө үрдүк ситиһиилэри уонна доруобуйаны баҕарабын”.

Надежда Толбонова, өр сылларга Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэринэн үлэ­лээбит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ: “Дьэ доҕоор, бэҕэһээ оһуобай, чыпчаал, триумфальнай кэнсиэри  көрдүбүт! Олус да элбэх киһи араас көлүөнэлэр  кытыннылар! Национальнай оркестр доҕуһуола “Кэнчээри” кэнсиэрин ырыатын үрдүк таһымҥа таһаарда! Олус астынан дуоһу­йан кэллим! “Кэнчээрилэр” өссө төгүл бэйэлэрин чыпчаалларын бигэргэттилэр! В.С. Парников уникум киһи, итинник киһи өтөрүнэн баар буолара биллибэт! Туһааннаах министиэристибэлэр эҕэрдэлээбэтэхтэрэ хомолтолоох”.

Акулина Акимова, СӨ үтүөлээх артыыската, ансаам­был выпускницата: “50 сыл устата тыһыынчанан оҕону музыка, ырыа алыптаах, кэрэ эйгэтигэр уһуйбут, олохторун суолугар олук уурбут салайаач­чыларбар истиҥ иэйиилээх эҕэр­дэбин тиэрдэбин! “Айар Кут” холбоһук салайааччытыгар, режиссербутугар Егор Ивановка, талааннаах салайааччыга, выпускницабытыгар Лена Павловаҕа, ырыаларбытын, үҥкүүлэрбитин оркестровкалаан доҕуһуоллаабыт Национальнай оркестр бары артыыстарыгар, дирижердар СӨ  искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Петровка, Анюта Ивановаҕа, звукорежиссерга Леонид Ивановка, “Кэнчээри” сайдыытыгар сааһын тухары көмөлөһөн кэлбит Екатерина Парниковаҕа, Сахаяна  Ивановаҕа, кэнсиэр тэрээһинигэр көмөлөспүт улуус баһылыгар А.В. Федотовка, өрөспүүбүлүкэ хоровой  искусствота сайдыытыгар олоҕун анаабыт сүҥкэн кылаатын киллэрбит салайааччыбытыгар, учууталбытыгар улахан махтал тылларбын аныыбын”.

Дьэ, итинник киирбит сыанабыллартан быһа тардан. Санааларын эппит бары сүгүрүйээччилэрбитигэр барҕа махтал буоллун.

Василий Парников

Хаартыска СИА саайтыттан