Улууспутугар социальнай контрагы түһэрсии 2012 сылтан саҕаланан, соҕотох олорор дьон, дьиэ кэргэттэр олохторун таһымын үрдэтэргэ анаан туһаннылар. Социальнай контракт хайысхата элбэх: кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии, бэйэ дьыалатын арыныы, ыарахан балаһыанньаттан тахсыыга биир бириэмэлээх көмө уонна үлэ буларга көмөлөһүү. Сыл аайы бэйэ дьыалатын тэриниигэ саҥа көрүҥнэр киирэн иһэллэр. Ол курдук, массаж салона, клининг сулууспата, туризм, нэһилиэк тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар араас ыскамыайкалары, олбуордары тимиринэн уһааран оҥоруу, сибэкки уонна оҕуруот аһын рассадатын олордон атыылааһын.
Социальнай контракт баттаһыытыгар улуус, нэһилиэк дьаһалталарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Улууска анал хамыыһыйа тэриллибитэ, хамыыһыйаны улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Анатолий Дмитриевич Сторожев салайар. Манна араас салаалартан эппиэттээх үлэһиттэр киирэллэр. Бастаан нэһилиэк дьаһалтатын хамыыһыйатын, онтон улуус киэнигэр ааһаллар. Үлэтэ суох киһи социальнай контрагынан туһанар. Бизнес былааны хайаан да оҥороллор, ону таһынан ирдэнэр докумуоннары ситиһэллэр. Кыра дохуоттаах эбэтэр олох дохуота да суох дьон ылыахтарын сөп. Социальнай контрагы ылбыт киһи тус сыалыгар туһаныахтаах, эппиэтинэстээх буолуохтаах уонна ый аайы оҥорон таһааран киллэрбит дохуотун отчуоттаан иһиэхтээх.
2024 сыл аҥаарын түмүгүнэн, барыта 20 киһи туһанна, ол иһиттэн икки кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ, 16 киһи бэйэ дьыалатын арыныыга, икки киһи үлэ булуутугар.
Елена Кривошапкина, улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта