Дьокуускайга Саха сирин пионердарын 100 сылыгар анаммыт көрсүһүү буолла

Сааһыран истэх аайы эдэр саас­пытыгар биир интэриэстээхтик, эрбии тииһинии хатыһан, илин-кэлин түсүһэн, бииргэ сайдан, си­тэн-хотон тахсыбыт дьүөгэ кыргыттарбын күндүтүк саныырым, өрүү көрсөн, ахтыһа кэпсэтиэхпин баҕарарым күүһүрэн иһэргэ дылы. Ол иһин пионерия күнүгэр өрүү көрсө сатыыбыт, сорохторбут бу орто дойдуга суохтар.

Биһиги көлүөнэ уратыбыт диэн, уоттаах сэриини кыайбыт дьон оҕолоро буолабыт, кинилэр өйдөрүнэн-санааларынан иитиллибиппит. Ол иһин эрэллээх доҕор буоларга, ыарахантан толлубат дьулуурдаах, дойдуга туһалаах киһи буо­ларга туохтан да баҕаран туран дьулуһарбыт. Ол – биһиги көлүөнэ туохха да бэриллибэт баайбыт.

Итинник иитиллэн эдэркээн комсомол кыргыттары оройуон орто уонна аҕыс кылаастаах оскуолаларыгар пио­нербаһаатай оҥортообуттара. 1970 сыллаахха Зинаида Дмитриевна тэрийиитинэн «Искра» старшай б­а­һаатайдар этэрээттэрэ тэриллибитэ. Комсомол райкомун дьаһалынан пионерскай дружиналар баһаатайдарга оройуоҥҥа пионерскай үлэни илиибитигэр ылан көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик, тэрээһиннээхтик үлэ­лээбиппит. Билигин санаатахха, олус да үчүгэй кэмнэр ааспыттар эбит. Билигин оскуоланы бүтэрбит оҕолор кылаастарын туһунан кинигэ таһаараллар. Онно саамай күндүтүк саныыллара пионер буола сылдьыбыттарын ахталлара эбит, көрсүһүүгэ бары пилотка уонна пионерскай кыһыл хаалтыстаах буолаллара киһини үөрдэр.

Биһиги Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ 100 сыллаах үбүлүө­йүн «Искра» этэрээтин баһаатайдара, Дьокуускайга олорооччулар балай да тэрээһиннээхтик атааран эрэбит. Ыам ыйын 18 күнүгэр Ил Түмэн дьиэтин таһыгар дьоһуннук туттан олорор саха норуотун тумус туттар киһитэ Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр паа­матынньыгар төрөөбүт күнүнэн сибээстээн Дьокуускай куорат общес­твенноһын, Ил Түмэн, правительство тэрээһинигэр кыттан сибэкки ууруутугар кытынныбыт. Онтон депутаппыт Ил Түмэн Государственнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйаач­чы, саха норуотун чулуу киһитэ, киэн туттуута Александр Николаевич Жирков ыҥырыытынан, кини кабинетыгар приемҥа сырыттыбыт. Ханна да буолларбыт, өрүү стройдаан девиз, рапорт этэн, анал пио­нерскай ырыабытын ыллаан көрсүһүүбүтүн саҕалаатыбыт уонна бэ­тэрээн баһаатайдар Уус Алданнаа­ҕы ассоциацияларын аатыттан бочуоттаах пионерга киллэрэн кыһыл хаалтыс баайдыбыт.

Александр Николаевич бэйэтин эҕэрдэтин пионерскай олоҕуттан саҕалаан, активист пионер буолан «Орленок» лааҕырга сынньаммытын, пионербаһаатайыгар Светлана Дмитриевна Солдатоваҕа махтанарын эттэ. Пионерскай тэрилтэ оҕолору түмэрин, үөрэххэ, үлэҕэ көҕүлүүрүн, онно дружина баһаатайа улахан оруоллааҕын ыйан туран, бары кэлбит 10 ветеран баһаа­тайга махтал суруктары туттарда, сибэкки бэлэхтээтэ.

Ол кэннэ итии үүттээх хойуу чэйи иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэттибит. Хас биирдии баһаатай пионерскай үлэтин, кэлин туох үлэһит буолбуттарын кэпсээтилэр. «Искра» этэрээт салайааччыта З.Д. Винокурова таһаарбыт кинигэтин Александр Николаевичка бэлэхтээтэ, Л.Н. Васильева, З.М. Егорова, З.К. Желобцова, Н.Н. Белолюбская, И.С. Новгородова, М.С. Охлопкова, Е.И. Ильина, М.Н. Ноговицына, А.С. Крылова, А.П. Бурнашева ахтыыларын сэргээн иһиттибит. Кыыһар кыһыл хаалтыстаах пионердар этэрээттэрэ, дружиналара араас тэрээһиннэрэ: сбордар, костердар, тимуровскай көмөлөр, следопыттар үлэлэрэ, интернацио­нальнай доҕордоһуу кулууптара, десаннар, кэтэхтэн айаннар, олорор сиринэн үлэлэр, уо.д.а. үлэ формалара оччотооҕу көлүөнэ ыччаты иитии­гэ сүҥкэн оруолу ыл­быттара ахты­лынна.

«Балары иилээн-саҕалаан ыытаач­чы, оҕолуу ыраас дууһа­лаах, өрүүтүн сырдык санаалаах, хаһан баҕарар көмөҕө кэлэр эрэллээх доҕор, кытыастар сүрэхтээх пионер баһаатайдар буо­лаҕыт, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиигэ улахан кылааккытын киллэрсибиккит, кэлин да араас салаа үлэлэргэ ол пионерскай эрчимҥитин ыһыктыбакка үлэ­лээбиккитин астына бэлиэтиибин, олоххутугар куруутун билинии, убаас­табыл эрэ эҥэрдэстин», – диэн алгыс тылынан истиҥ-иһирэх көрсүһүүнү Александр Жирков түмүктээтэ.

Биһиги, баһаатайдар эдэрбитигэр түһэн, тутум үрдээн, астынан, дуоһуйан убаастабыл­лаах Александр Николаевичка махтанан, үлэтигэр ситиһиини, доруобуйаны баҕаран туран, саҕалаабыт үлэтэ сатанан, ситэн силигилээтин, тол­куйдаа­быта туолан истин диэн баҕа санаабыт бас­тыҥын аныыбыт. Урааҥхайдыы уруй буол­лун, сахалыы айхал буол­лун!

«Искра» этэрээт аатыттан Анна БУРНАШЕВА, Дүпсүн орто оскуолатын В.Д. Лонгинов аатынан сэттэ төгүл уҥа флангаҕа турар пионерскай дружина баһаатайа