Дьоһун аҕа, уордьаннаах монтер

Мин бу кырдьаҕаһы Боро­ҕоҥҥо олохсуйуохпуттан кэлэ-бара өрүү көрөбүн. Бэрт сытыы көрүҥнээх, бэйэтин саа­һыгар сылбырҕа соҕус хамсаныылааҕын сөҕөрүм. Кырдьык, ыһыы киһи эбит, төһө да 90 саастаах буоллар, билигин да сэнэх көрүҥнээх. Николай Иванович Портнягин 1934 сыллаахха төрөөбүт. Онон сэрии кэминээҕи аас-туор олоҕу этинэн-хаанынан билбит киһи. Оҕо сааһыттан холкуос хара үлэтигэр эриллэн, олох эриирин-мускуурун да тулуйарга үөрэнэн баччаҕа кэллэҕэ.

Ньукулай кырдьаҕаһы билэр буолуохпуттан дьон кинини наар: ”Ким, Кимчик”, – диэн ыҥырарын истэрим. Ону бука таптал аата буоллаҕа дии санаабытым. Биһиэхэ оннук үгэс баар, таптал аат сурукка киирэр ааты умуннарара. Оттон Ньукулай бастакы сурукка киирбит аата Ким эбит. Онон оҕо эрдэҕиттэн ыал буолуор диэри ити ааты илдьэ сылдьыбыт буолан үөлээннээхтэрэ Ким диэн ыҥыраллар эбит. Аата тоҕо уларыйбытын туһунан кырдьаҕас маннык кэпсиир: ”Ааппын аҕам уларыппыта. Аҕабынан эһэбэр олус майгынныыр эбиппин. Ол иһин аҕам барахсан аҕатын мин сэбэрэбэр көрө сыл­дьаары ааттаатаҕа буолуо”.

Сэрии бүтэн, саҥа олох хардыылара тэтимнээхтик баран испиттэрэ. Сайдыы тыа сиригэр эмиэ киирэн испитэ, саҥа салаалар баар буолбуттара. Онон сиэттэрэн тыа сиригэр телефон сибээһэ тэтимнээхтик киирэн барбыта. Эдэркээн Николай Портнягин телефон сибээһин олус дьиктиргээн, сэҥээрэн, бу салааҕа үлэлиэн баҕаран 18 сааһын туолаат даҕаны, 1952 сыллаахха Бороҕоҥҥо сибээс хонтуоратыгар кэлбит. Икки сылы кыайбат үлэлээбитин кэннэ эдэр киһини Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспаҕа ыҥыраннар үс сыл дойдутуттан тэйэ сылдьыбыта. Уол оҕо буолан дойдутугар ытык иэһин төлөөн кэлэн баран умсугуйбут, ахтыбыт сибээһин эйгэтигэр үлэлии кэлбитэ.

Күнүгэр сылдьар эдэр киһини тэрилтэ салалтата электромонтер кууруһугар ыытан үөрэттэрэн, аны идэтийбит монтер буолан линия көрөөччүнэн сылдьыбыта. Ньукулай кырдьаҕас ол туһунан маннык ахтар: ”Оччолорго тиэхиньикэ да аҕыйах. Онон ханна, туохха сэлээнниэххиний, үксэ илии үлэтэ буолара. Кыһын кэрийэ сылдьан Түүлээххэ диэри линияны көрөҕүн, быстыбыты оҥороҕун. Онтон сайын буолла да, саҥа линия тардыыта, өрөмүөн үлэтэ. Онно тыраахтар баар буоллаҕына, остуолбаҕын хонууга соһон эрэ биэрэр. Онтон атынын: остуолба үүтүн хаһыы, туруоруу барыта илии үлэтэ этэ. Дьэ, кытаанах үлэ этэ. Бука, эдэр буоламмыт кыайан эрдэхпит”.

Николай Баатаҕайтан төрүттээх Дина Неустроева диэн кыыһы кэргэн ылан түөрт оҕоломмуттар. Кэргэнэ эрдэ, 50 сааһын саҥа туолаат да, ыалдьан олохтон туо­раабыт. Оччолорго уолаттара төһө да үлэһит буолан эрдэллэр, кыргыттары­наан эҥээрдэһэн аҕа быһыытынан олоххо суолларын ыйан-­кэр­дэн биэрдэҕэ. Линия монтерун үлэтэ диэн хонтуораҕа буолбакка, күнү быһа сиргэ сылдьар буол­лаҕа. Улахан кыыһа Валентина: ”Аҕабыт сарсыарда эрдэ тахсан барара уонна киэһээ хойут кэлэрэ. Сороҕор хонон хаалара. Онон дьиэ­битигэр үксүгэр бэйэбит эрэ буоларбыт. Ол да буоллар, аҕа быһыытынан болҕомтотун хаһан да умнубатаҕа. Куруутун ыйан-кэрдэн биэрэ сылдьара. Билигин төһө да саа­һырдар, син биир тугу эрэ дьаһайбыта буолаахтыыр. Миэхэ кэлбитэ аҕыйах сыл буолла. Эргэ дьиэтигэр бэйэтэ соҕотоҕун олорбута. Сүрдээх көнө, көрсүө киһи”, – диэн олус истиҥник кэпсиир.

Николай Иванович таһаарыылаах үлэтин иһин элбэх наҕараа­далаах. Урукку кэм сиэринэн “Коммунистическай үлэ ударнига”, “Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа” буолан анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Онтон 1977 сыллаахха бастыҥ үлэлээх монтер дойду улахан наҕараадатын Үлэ Албан Аата уордьан III степенин түөһүгэр иилиммитэ. Сибээс эйгэтигэр маннык улахан наҕарааданы туппуттар Саха сиригэр да олус элбэҕэ суох буолуохтаахтар, онтон Уус Алдаҥҥа мин билэрбинэн соҕотох.
Ньукулай кырдьаҕас үлэтин киниискэтин көрдөххө, үлэлээбитин тухары биир тэрилтэҕэ – сибээс эйгэтигэр үлэлээбит. Омос көрдөххө, онно суруга элбэх курдук эрээри, ол барыта үлэ бэрээдэгинэн монтер разряда үрдээбитэ уонна тэрилтэ аата уларыйбыта эрэ сурулулбут. Онон идэтигэр чахчы бэриниилээх үлэһит эбит.
Николай Иванович Портнягин дьолун бэйэтэ оҥоһуннаҕа. Ол курдук дойду улахан наҕараадатын ылбыт туруу үлэһит, уордьаннаах монтер, улуус уһун үйэлээҕэ, дьоһун аҕа, эйэҕэс эһэ. Онон оҕолоругар холобур буолардыы үлэлээн-хамсаан, кинилэр бары үтүөкэн үлэһит буол­буттар. Улахан уола, эһэтин аатын ылбыт Иван билигин хайыы үйэ бочуот­таах сынньалаҥҥа олорор. Иккис уол Владимир уруккута биллэр спортсмен этэ. Билигин Суоттутааҕы техникумҥа физкультура учууталынан үлэлиир. Улахан кыыс Валентина урбаанньыт, кыра кыыс Айталина ветеринария департаменыгар каадыр отделыгар үлэ­лиир. Аны эһэлэрин удьуорун сэттэ сиэнэ салҕыахтара. Төһө да сааһырыы 90-с хаарын санныгар түһэрдэргин, билигин да сэргэх көрүҥнээх, үөрэн мытырыйа сылдьар Ким­чик кыр­дьаҕас, этэҥҥэ буол.

Билигин сайдыы тэтимин батыһан сибээс араас көрүҥүн баһылаан кэпсэтэбит. Онтон ол кэлиитигэр бастакы олугу охсубут дьонтон биирдэстэринэн үтүөкэн үлэһит Николай Иванович Портнягин – Кимчик буолар.