«Доҕордоһуу» музей сааскы сезонун үгэнэ саҕаланна

«Доҕордоһуу» музей кулун тутар 1-гы күнүттэн сааскы сезонун арыйан ыалдьыттары көрсөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылынан анаан хаартан, муустан остуоруйа персонажтарыгар республикатааҕы оҥоһук күрэһэ ыытыллыбытын түмүгэр мусуой дьикти, алыптаах оҥоһуктарынан киэркэйдэ.

Күрэскэ хаар оҥоһуктарга бастакы миэстэни ылбыт Таатта улууһуттан Алквиад Атастыров уонна Святослав Петров, иккис миэстэни ылбыт Уус Алдан улууһун Уһун Күөл бөһүөлэгиттэн Ян Стрекаловскай, үһүс миэстэни ылбыт Таатта Уолбатыттан Василий Попов, Иван Боппосов, муус оҥоһуктарга бастакы миэстэни Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас улууһуттан Иван, Игорь Мохначевскайдар, иккис миэстэни Мэҥэ Хаҥаластан Аркадий Сивцев, Елисей Баишев, үһүс миэстэниылбыт Уолбаттан Василий Попов, Иван Боппосов үлэлэрин көрүөхпүт. Онон Сахабыт сирин хаар-муус оҥоһуктарын биллэр уустара чочуйан таһаарбыт остуоруйалара сааскы күҥҥэ күлүмүрдүү оонньуу көрсүөҕэ.

Ону таһынан, саамай уһун 250 миэтэрэ уһуннаах сыыр, алта ортоку, биир үрдүк, биир уһун, икки кыра сыырдар күүтэллэр. «Доҕордоһуу» мусуойугар бу ый 23 күнүгэр оҕолорго аналлаах «Хаар, хаар барахсан» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаарга оонньуулар, кулун тутар «Хоровод дружбы» өрөспүүбүлүктээҕи нуучча наруотун бырааһынньыга тэриллиэҕэ.

Мария Аргунова

Читайте дальше