Айылҕа барахсан араас көстүүтэ элбэх. Балысхан халаан уутун, умайар уот куйааһы эмиэ ыытыан сөп. Умайар уот куйааска баай хара тыабыт улаханнык эмсэҕэлиэн сөп. Ол ону араҥаччылыыр, көрөр-истэр ойуур хаһаайыстыбата диэн баар. Сайыммыт саҕаланна. Онно кураан күннэр хайаан да баар буолуохтара. Дьэ, оннук кэмҥэ ойуурга баһаар турар куттала улаатар. Онно эрдэттэн бэлэмнэнии, сэрэтэр үлэлэр барыахтаахтар. Бу туһунан Уус Алданнааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччытын Дмитрий МАКСИМОВЫ кытта кэпсэттим:
– Дмитрий Федорович, сайыҥҥы курааны кытары ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу тэҥҥэ сэргэстэһэн кэлэр. Онно сүрүн үлэни оҥорооччунан эһиги тэрилтэҕит буолар. Быйыл үлэ хайдах баран эрэрий?
– Үлэбит бастакы таммах түһүүтүттэн саҕаланар диэххэ сөп. Ойуур хаһаайыстыбатын иһинэн “Якутлесресурс” диэн тэрилтэ баар. Кинилэр уоту бохсор техниканы өрөмүөннээн бэлэм оҥорорго ылсыбытынан бараллар. Оттон биһиги, бастатан туран, сэрэтэр үлэни ыытабыт. Ол курдук, харалдьык таҕыстар эрэ рейдэҕэ тахсабыт. Ыам ыйын 1 күнүттэн 31 рейдэни ыыттыбыт, мантан 11 рейдэ полиция, айылҕа харыстабылын инспекциятын үлэһиттэрин кыттыгас. Манна сылдьаммыт 226 инструктаһы аахтыбыт, 143 листовканы түҥэттибит. “Якутлесресурс” тэрилтэ манна эмиэ бэйэтин тустаах үлэтин ыытар. Ол курдук аналлаах сирдэргэ баннердары туруорар, ойуурга киирии суолларга шлагбаумнары оҥорор. Шлагбаум анала диэн баһаар турар куттала улааппытынан ойуурга тахсыыны бобуу биллэрилиннэҕинэ, онно киирэр суолу бүөлүү түһэриллэр. Барыта 30 баннеры туруордулар, 4 шлагбауму оҥордулар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы баһаар ыам ыйын 6 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Биһиэхэ билиҥҥитэ этэҥҥэ.
– Баһаары умуруорууга кэнники кэмҥэ техниканан хааччыйыы күүһүрдэ диэн көрөбүн. Тэрээһин да үлэ балачча барар быһыылаах дии?
– Кырдьык, болҕомто улаатан иһэр. Ол үлэ көдьүүһүн улаатыннарара чахчы. Билигин биһиги “Якутлесресурс” тэрилтэбит үс тиһиликтээх, биир көлүөһэлээх тыраахтардаах, биир тыаҕа сылдьар уоту умуруорар массыыналаах. Былырыын улуус үрдүнэн 11 баһаар буолбута, онно 149,5 гаа сир умайбыта. Мантан 9 баһаары биир күн иһинэн умуруорбуппут. Уоту түргэнник умуруоруу нэһилиэктэргэ баһаары утары анал этэрээттэр тэриллибиттэрэ улахан көмөнү оҥорор дии саныыбын. Баһаар буолбута билиннэ да, биһиги миэстэтигэр тиийиэхпитигэр диэри этэрээт чилиэннэрэ үлэни ыыппытынан бараллар. Улуус дьаһалтатыгар нэдиэлэ саҥатыгар буолбут баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэ туһунан мунньахха иһитиннэрбиттэринэн, нэһилиэктэргэ баһаарынай этэрээттэргэ 210 киһи киирбит уонна 70 техника бэлэм турара этилиннэ. Бу – улахан күүс.
– Үөһээттэн кэтээн көрүүгэ сөмөлүөттэр хаһан көтүөхтэрэй?
– Барыллаан көтүү, биһиги рацияларбыт, үлэһиттэрбит бэлэмнэрин билсии оҥоһуллубута. Оттон график быһыытынан ойуурга баһаар турар куттала үһүс стадиятыгар тиийдэҕинэ көтүөхтээх.
Билигин ханна уот турбутун космостан кэтээн көрөллөр уонна биллэрэн иһэллэр. Оттон биһиги улууспутугар Бороҕоҥҥо уонна Кэптэнигэ улахан вышкаларга ойуур баһаарын кэтиир анал камералар турдулар. Бу камералар эмиэ түүннэри-күнүстэри кэтээн көрөн, биллэрии ыытан иһэллэр.
Итинник кэтээн көрүү күүһүрдэ, ону тэҥэ көрөр-истэр ойуурбут иэнэ эмиэ кэҥээтэ. Ол курдук, урут Алдан өрүс уҥуор ойуур умайдаҕына, биһиги көрүүбүтүгэр киирбэт буолан барбат этибит. Онно уот турдаҕына, биллэн турар, авиалесоохрана этэрээтэ барар. Тоҕо диэтэргин, техника тиийбэт, суола-ииһэ суох дойду.
Түмүкпэр улуус олохтоохторун ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһаргытыгар ыҥырабын. Ойуур – барыбыт баайбыт буолар.
Афанасий Сектяев