Мин, Тулуна бөһүөлэгин олохтооҕо, түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбиппин, атын дьон, ордук аҕам саастаахтарбыт аахтыннар диэн, “Мүрү саһарҕата” хаһыат үлэһиттэригэр таҕыстым уонна хаһыакка, саайтка, социальнай ситимнэргэ таһаардыннар диэн көрдөстүм. Саас-сааһынан кэпсиим.
Бастаан миэхэ билэр киһибиттэн, оскуолабыт урукку директорыттан, төлөпүөммэр Телеграм нөҥүө сообщение кэлбитэ, нууччалыы суруллубут этэ. Онно “Эйиэхэ Росфинмониторинг диэн тэрилтэттэн эрийбэтилэр дуо? Оскуола үлэһиттэрин, оскуола үлэтин туһунан проверкалаары эрийиэхтэрэ” диэн ис хоһоонноох этэ.
Мин ону нууччалыы суруйбут диэн дьиктиргээбитим эрээри, итэҕэйэ санаабытым. Дьэ, ол кэнниттэн сотору буолаат «Росфинмониторингтан Булатов диэммин» диэн биир киһи эрийдэ. Кини: “Эһиги вкладкытыттан харчы устан Украинаҕа “Вернись живым” диэн фондаҕа көмө ыытыллан эрэр”, – диэтэ. Онтон аны: “ФСБ үлэһитэбин, Белов диэммин”, – өссө биир киһи эрийдэ. Бэл телефонун нүөмэрин сайтка киллэрэн бэрэбиэркэлэттэ. Онно оруобуна Северо-Восточный отдел ФСБ диэҥҥэ кини эрийэ турар нүөмэрэ сурулла сылдьар этэ. Өссө гербэлээх кумааҕыга бэчээттэммит суруктары ыыттылар. Оннук гынан миигин итэҕэтэн кэбистилэр.
“Түөкүттэртэн харчыгын түргэнник куоттара охсуоххун наада. Биһиги бу эрийбиппитин кимиэхэ да кэпсээмэ, үһүс сирэй билиэ суохтаах, информацияны тарҕата сылдьар диэн 183 статьянан сууттаныаҥ”, – игин диэн дэлби куттаатылар. Өссө: “Оччоҕо билэр, чугас дьонуҥ проблемаланыахтара”, – диэтилэр.
Онон харчыбын кинилэр эппиттэринэн вкладым счетуттан хамнаһым картатыгар ыыттым. Онтон кинилэр биэрбит нүөмэрдэригэр ыыта сатаатым, онуоха хата суумата улахан буолан, картам тута блоктанан хаалла. Онно “дьонум” “билигин 900 нүөмэртэн бааҥҥа үлэлиир түөкүттэр эрийиэхтэрэ. Маннык, итинник ыйытыахтара, ону эн маннык диигин, итинник диигин” диэн барытын “быһааран” биэрдилэр.
Мин олох гипнозка киирбит киһи курдук кинилэр тугу этэллэрин толорон истим. Ол тухары кимиэхэ да эппэппин. Өссө: “Төлөпүөҥҥэр “прослушка” туруордубут”, – диэтилэр уонна “Антифрод” диэн приложениены скачайдаттылар. Онтуларын “система безопасности телефона” диэн быһаардылар. Онтон: “Бороҕоҥҥо киирэн картаҕын, Сберонлайн приложениеҕын разблокировкалат”, – диэтилэр. Мин ол тухары итэҕэйэн сылдьабын, тута Бороҕонноотум, бааҥҥа тиийэн барытын оҥоттордум.
Арай ол кэнниттэн били тохтоло суох эрийэр “дьонум” сүтэн хааллылар. Онно дьэ эмискэ түөкүттэр быһыылаах дуу дии санаатым да, коллегабар сүбэлэтэ сүүрдүм. Букатын төлөпүөнүм паролун да умнуохпар диэри сап-салыбыраспын, куттанным аҕай. Хата, мин дьолбор, эдэр коллегам миигиннээҕэр түргэнник сып-сап туттан, толкуйдуу охсон харчыбын төттөрү вкладпар уган дьиэ туттуохтаах 2 мөлүйүөн кэриҥэ харчыбын быыһаата.
Наһаа да киһини итэҕэтэр, бэйэлэрин угаайыларыгар киллэрэр гына кэпсэтэр “дьон” эбиттэр. Мин түбэспит алдьархайбар киирэн биэримэҥ, сэрэхтээх буолуҥ, чугас дьоҥҥутун, оҕолоргутун сэрэтиҥ. Манныкка түбэспит дьон аһаҕастык суруйан, таһааран, тарҕатан иһиҥ. Мин даҕаны төлөпүөнүнэн албынныыр түөкүттэр бааллар диэн эрдэттэн да билэр бөҕө буоллаҕым, уонна бэйэм-бэйэбинэн хайдах киирэн биэрбиппин билигин да итэҕэйбэккэ олоробун.
Л.А.