Былыр-былыргыттан оҕо улахан киһини убаастыы, ытыктыы үөрэнэригэр улахан болҕомтону уураллара. Оччотугар оҕо кэнэҕэс улахан киһи буолан, олох суолугар үктэнэригэр улахан суолталаах буолара биллэр.
Кырачааннарбыт оҕо саадыгар сылдьар кэмнэригэр өй-санаа өттүнэн ордук сайдаллар. Оҕо майгыта, интэриэһэ, ирдэбилэ сайдарыгар төрөппүттэрин болҕомтото, дьиэ кэргэн иһигэр истиҥ сыһыан баар буолара улахан суолталаах.
Оҕо төрүөҕүттэн үчүгэйгэ эрэ тардыһар аналлаах. Онуоха оҕоҕо үчүгэйи, куһаҕаны араарарга үөрэтиэххэ наада. Кинини киһи быһыытынан убаастаан, оҕо санаатын болҕойон истэр, кэпсэтэр ордук. Оҕону кыра сааһыттан кыайар үлэтигэр сыһыарар уонна ийэлээх аҕатыгар көмөлөһөрүн тэрийэр олус туһалаах. Дьиэ кэргэнин: ийэтин, аҕатын, эбэтин, эһэтин, эдьиийин, убайын үтүө холобуругар уһуйуллан, кинилэри үтүктэн улаатар.
Дьиэ кэргэн бииргэ түмсэн, сынньалаҥы тэрийэн, биир эмит кыһалҕаны, сорудаҕы тэҥҥэ быһаарар буоллахтарына, бу ыалга бэйэ-бэйэни өйөһүү, өйдөһүү үөскүүр.
“Күнчээнэ” оҕо саадыгар кэрэ аҥаардар күннэринэн Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт аралдьытыыга “Үс көлүөнэ” диэн төрөппүт оҕотун кытта оҥорбут фотоколлажтарын быыстапката туруоруллубута. Манна оҕолор төрөппүттэрин кытта бииргэ үлэлээбиттэрин, биир киэһэни олус туһалаахтык атаарбыттарын олус киэн тутта кэпсээбиттэрэ, ону табаарыстара кэрэхсээн истибиттэрэ. Саха Республикатын маҥнайгы президенэ М.Е. Николаев этэн турардаах: «Өскөтүн дьиэ кэргэн оҕолоругар кыһаллан, үөрэхтээх, үлэһит дьон буола улааталларын ситистэҕинэ, ол аата бүгүн дьиэ кэргэн, аймах-билэ дьон инники кэскилэ, эрэлэ буолар» – диэн. Онон төрөппүт оҕотун үлэһит, үөрэхтээх, дьону убаастыыр, ытыктыыр киһи оҥорон таһаарыахтаах.
Ульяна Ушницкая, Мындаабатааҕы “Күнчээнэ” оҕо саадын иитээччитэ