Икки күн устата ыытыллыбыт «Якутянка — надежный тыл страны!» хатыһыылаах спартакиада түмүктэннэ. Уус алданнар уопсай түмүккэ 23 хамаандаттан 4-с миэстэ буоллулар.
Улууспут волейболга хамаандата кыайыы өрөгөйүн биллэ. Итиэннэ хамаанда чилиэнэ Анна Готовцева – «Бастыҥ оонньооччу», Елена Дрищева «Волейболга бэриниитин иһин» ааттар хаһаайкаларынан буоллулар.
Саахымакка хамаанданан – II, биирдиилээн көрсүһүүгэ Евдокия Избекова 1-кы дуоскаҕа II миэстэни ылары ситистэ. Аэробика хамаандата эмиэ II бириистээх миэстэни ылла. Оҕунан ытыыга биирдиилээн киирсиигэ Ольга Куличкина II миэстэ буолла. Буулдьанан ытыыга доруобуйаларынан хааччаахтаахтаахтарга анаммыт ааты улууспут спортсменыгар Елена Поповаҕа анаатылар.
Дьахталларга физическэй култуураны уонна спорду пропагандалыыр үтүө тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллыбытынан тэрийээччилэргэ махтал, эҕэрдэ бастыҥа ананна. Биир дойдулаахпыт Зинаида Афанасьева кинилэр кэккэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарынан киэн туттабыт.