Чэриктэйгэ дьиэ кэргэни, оҕону өйүүр социальнай десаны тэрийдилэр

Муус устар 11 күнүгэр Чэриктэй нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Сахабыт сиригэр Оҕо саас уонна улууспутугар Аҕа сылынан ыытыллар үлэлэрин чэрчитинэн улуустааҕы сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго аналлаах социальнай  реабилитациялыыр киин үлэһиттэрэ, ПДН инспектора В.А. Алексеев, баһаарынай сулууспа инспектора С.В. Атласова уонна улуустааҕы «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога М.Л.  Леонтьева «Барыта дьиэ – кэргэн туһугар» диэн социальнай десаны үрдүк таһымҥа тэрийдилэр.\

Ол курдук,  оҕолор өттүлэриттэн буруйу оҥоруу, бэрээдэги кэһии тахсыбатын туһугар, оҕону иитиигэ төрөппүт эппиэтинэстээх буолуутун үрдэтиигэ араас хабааннаах көмөлөрү, сүбэлэри, бэсиэдэлэри, маастар кылаастары, биирдиилээн психологическай сүбэлэри ыыттылар. Кылаас салайааччыларыгар уонна социальнай, психологическай түмсүү үлэһиттэригэр реабилитационнай киин отделын сэбиэдиссэйэ С.М. Бурцева уонна ПДН инспектора В.А. Алексеев семинар ыыттылар.

Алын кылаас оҕолоругар реабилитационнай киин иитээччитэ, норуот маастара И.И. Окоемов сахалыы харысхалы оҥорууга маастар кылаас, эбии үөрэхтээһин киинин педагога М.Л.  Леонтьева ментальнай арифметикаҕа дьарыктары ыыттылар.

5-8  кылаас үөрэнээччилэригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан улуустааҕы 34 нүөмэрдээх баһаарынай сулууспа инспектора С.В. Атласова уонна реабилитационнай киин социальнай педагога Ю.А. Бурцева сырдаттылар.  9 -11 кылаас оҕолоругар уопсай ис туругу, өйү-санааны бөҕөргөтүүгэ уонна “Моя профессия – мой выбор” диэн тиэмэлэргэ реабилитационнай киин отделын сэбиэдиссэйэ М.Д. Готовцева уонна киин педагог-психолога А.И. Петрова сүрдээх туһалаах дьарыктары ыыттылар. 8-11 кылаас оҕолоругар ПДН инспектора «Правовой час» диэн бэсиэдэ ыытта. Педагог-психолог А.И. Петрова биирдиилээн психологическай бэсиэдэлэри ыытта.

Эбиэттэн киэһэ «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии» диэн тиэмэҕэ төрөппүттэргэ киэҥ хабааннаах үөрэхтээһин буолла. Маны тэҥэ дьиэнэн сылдьан билсэн, сорох ыалларга сүбэ-ама, анал социальнай программалары билиһиннэрии ыытылынна. Бу курдук олус киэҥ хабааннаах «Барыта дьиэ – кэргэн туһугар» диэн социальнай десаҥҥа тустаах үлэһиттэр кэлэн үрдүк профессиональнай таһымнаах көмөнү, өҥөлөрү, бэсиэдэлэри, маастар кылаастары ыыппыттарыгар В.Ф. Афанасьев – Алданскай аатынан Чэриктэй орто оскуолатын коллективын аатыттан махталбытын биллэрэбит. Үлэҕитигэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу баҕарабыт.

Любомира Дмитриева,

саха тылын уонна литературатын учуутала