Чэриктэй баһылыга Федор Карманов: Дьон-сэргэ олохсуйа сатыыр сирэ

Чэриктэй нэһилиэгэ – улуус биир уһук сирэ. Алдан өрүс быйаҥнаах хочотун талан тайаан сытар. Урукку өттүгэр ааттыын Благодатнай диэн үтүөкэн сирдээх-уоттаах бөһүөлэк тигинээн олорбут кэмнэрдээҕэ. Бурдуктаах буолактар долгулдьуспут иккис Украина дэммит бэртээхэй дойду. Булдунан эмиэ кими да тутахсыппатах буолуохтаах. Ол иһин билигин даҕаны ыҥыра-угуйа турар кэрэ сир. Оннооҕор уруккуттан сураҕырар Кириэскэ дойдубут бэрэсидьиэнэ дуоһунаска олоро илигинэ, бука, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар кэлэн сынньанан барбыт сурахтааҕа. Ону туоһулуур хаартыска нэһилиэк баһылыгын хоһугар ыйанан турар.

Хаһыат эйгэтигэр үлэлээбитим балачча сыл буолла эрээри Чэриктэй нэһи­лиэгэр анаан-минээн суруйа диэн сылдьыбытым суох эбит. Арай анал бөлөҕү кытта барсан, куруутун ыксалынан эрэ сылдьан ааһар этим. Ол иһин, түгэн көстүбүччэ, биир күнү онно анаатым. Нэһилиэк баһылыгын Федор Кармановы уруккуттан билэр, үлэтин-хамнаһын көрө сылдьыбыт буоламмын, аны баһылык быһыытынан саҕалаан эрэр үлэтин билсээри наллаан олорон кэпсэттим:

– Федор Альбертович, эн нэһилиэги салайар “муо­һаны” туппутуҥ иккис сыла буолла. Үлэҕин туох­тан саҕалаабыккыный?

– Хайа баҕарар бөһүөлэги киһи бастаан дьиэлэрин-уоттарын хайдах көрүнэн олороллор эбит диэн, ол эбэтэр тас көстүүтүн көрөр буолуохтаах. Биһиги бө­һүөлэкпит сыл аайы ууга барар буолан, көһөөрү гыммыт ыал кур­дук итиннэ болҕомтону ситэ уурбатахпыт. Ол иһин нэһилиэк баһылыгынан талыл­лаат даҕаны ааспыт сылга Ырааһырдыы сылын биллэрэн бөһүөлэкпит иһин ырааста­а­һыҥҥа улахан үлэни ыыттыбыт. Урукку кэмҥэ эргиэн тэрилтэтэ сүрдээх кыахтаах, нэһилиэк аайы элбэх эбийиэктээх этэ. Биһиэхэ онтон хаалбыт маҕаһыын, бэкээринэ балачча киэҥ сири ылан турбуттара, бөһүөлэги хаарбах көстүүлүүллэрэ. Ону тэҥэ урукку квартальнай хочуолунай баара. Балары барытын көтүрэн, субуотунньугунан ыраастаан сирдэрин докумуонун нэһилиэккэ оҥотторон, билигин ханнык баҕарар улахан эбийиэги тутарга миэстэлээх буол­лубут. Ыаллар эмиэ тэлгэһэлэрин бэрткэ көрүнэр буолан эрэллэр.

– Бүгүҥҥү күҥҥэ хайдах тэринэн үлэлии олоро­ҕут, хайдах сайын ааһан эрэрий?

– Билигин нэһилиэккэ 401 киһи олорор. Оскуолабытыгар 54, оҕо саадыгар 21 оҕолоохпут. Ынах сүөһү ахсаана 250 уонна 280 сылгылаахпыт. Быйылгы оттуур былааммыт 480 тн. От үүнүүтэ орто, онон тиэрдиллибит былааны толорор инибит диэн соруктаахпыт. Нэһилиэк тайаан сытар сирэ, ходуһата даҕаны үксэ өрүс уҥуор баар. Оттон ол Алдан эҥээрдээҕи ураты харыс­танар сир буолар. Ол иһин онно көҥүл ылан бултуу, оттуу тахсабыт. Оттон өрүспүт арыылара сылын аайы ууга барар буоланнар, хаһан да курааннаабат быйаҥ сирдэр. Урукку сылларга арыыттан 300 тн тиийэ от кэлэрэ эбитэ үһү. Ол билигин дэлби талаҕынан бүрүллэн ходуһалара лаппа кыараата. Онон манна мелиорация үлэтин ыыттарар баҕа санаалаахпыт. Манна биир кыһалҕалаахпыт. Анал туоратар тэрил суох буолан, арыыга улахан тиэхиньикэни кыайан таһаарбаппыт. Кыра “Синтай” тыраахтардары икки мотуорка корпуһун холбоон, онно анаан оҥоһуллубут поддоҥҥа туруоран туоратабыт. Бу сүрдээх кутталлаах сырыы буолар. Билэргит курдук, Алдан өрүс сүүрүүгэ балачча күүстээх. Ол иһин уруккуттан араас таһымнаах мунньахтарга анал туоратар тэриллэри туруорсубуппут ыраатта да, оннуттан хамсыы илик.

Саамай улахан кыһалҕабытынан кулууппут суоҕа буолар. Алта сыллааҕыта, ол аата 2018 сыллаахха КСК-быт умайан хаа­лан, нэһилиэнньэни култуурунай-маассабай үлэнэн хабыыга, ыччаты спорка угуйууга ыарахаттары көрсөбүт. Ол да буоллар, улуус быйылгы комплекснай спартакиадатыгар кыра нэһи­лиэктэргэ бастаатыбыт. Бу хаһан да ситиһиллибэтэх ситиһии. Ыччат эт-хаан өттүнэн чэбдик буо­лууга тардыһыыта улаатан иһэр. Онон саҥа КСК тутуллуута тыын кыһалҕа буолла. Бу тутуу быра­йыактыыр-сметалыыр үлэтэ түмүктэнэн, “Үтүө дьыала” хамсаа­һын уочаратыгар киирэн турар.

Чэриктэй нэһилиэгин сэргэ Өспөх, Түүлээх нэһилиэктэрэ Алдан өрүс кытылын кыйа олороллор. Онон сайын хойукка диэри кинилэр сиринэн сырыылара быстарынан, өрүһүнэн биһиэхэ кэлэн баран Бороҕону булаллар. Оччоҕо сырыы хойдор. Ол иһин, биһиги суолбут ити өттүгэр улахан суолталааҕынан көрүүгэ-истиигэ болҕомто күүһүрэрэ наада.

– Чэриктэй сирэ-уота бы­йаҥнааҕын ааһан, булдунан эмиэ биллэр. Итиннэ туризмы тэрийии боппуруостарыгар үлэлэһэр баҕа санаа баар дуо?

– Биһиги нэһилиэкпит суол­лаах-иистээх буолан, атын сиртэн бултуу кэлээччи элбээн иһэр. Ол иһин, туризмы тэрийиигэ үлэлэһэргэ санаалар баал­лар. Уопсайынан, биһиги нэһилиэкпит ураты айылҕа­лаах сир. Ол иһин оҕолорго биология хайысхалаах лааҕыр тэ­риллэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт. Итиннэ эмиэ үлэни ыытыахпыт.

– Дойду сурахтаах, алаас ааттаах буоллаҕа. Чэриктэй нэһилиэгэ эмиэ сураҕырар дьоннооҕо биллэр. Кинилэр тустарынан билиһиннэрэ, түс эрэ?

– Биһиги ыччаппыт бы­йылгы спартакиадаҕа бастаа­быта мээнэҕэ буолбатаҕа бил­лэр кэмэ кэллэ дуу, дии саныыбын. Чэриктэй нэһилиэгэр номоххо киирбит Конон Степанович Попов – Күүстээх Куо­наан, Дмит­рий Куприянович Босиков – Кынаттаах кылыыһыт төрөөн-үөскээн ааспыттара. Кинилэри ааттатар ыччат өссө да тахсыахтара дии саныыбын. Дмитрий Босиковы үгүс киһи кылыыһыт эрэ диэн билэр буолуохтаахтар. Ити эрээри, кини дьиҥнээх идэтэ тыйаатыр артыыһа. Сэрии сылларыгар Ньурба тыйаатырыгар. Оттон кэлэн баран, Саха тыйаа­тырыгар үлэлээбитэ. Уус Алдаҥҥа автономия дьаһалларын олоххо киллэриигэ, хомсомуо­лу тэрийиигэ Николай Окое­мовы кытары тэҥҥэ үлэлэс­пит Петр Николаевич Гуляев эмиэ Чэриктэйтэн төрүттээх. Бөһүөлэкпит киин уулуссата кини аатын сүгэр. Биир сүдү киһинэн айылҕаттан айдарыылаах норуот эмчитэ, дьон ытыктабылын, махталын ылбыт Вера Михайловна Рожина – Эдьиий Биэрэ буолар. Бэйиэт Василий Васильевич Саввины үгүстэр Дүпсүн киһитинэн ааҕаллар. Ол эрээри, кини төрөөбүт сирэ Чэриктэй нэһилиэгин Ыччат диэн сирэ буолар. Оттон билиҥҥи кэмҥэ саамай биллэр киһибитинэн Хотугу Форум секрета­риатыгар Аляскаҕа олорон уһун­нук үлэлээбит Анас­тасия Николаевна Божедонованы ааттыыбын.

Итинник чулуу дьон үөскээбит сиригэр билигин ыччат олохсуйа сатыыр буолла. Нэһилиэнньэбит ахсаана да улаханнык хам­саабат. Тэрилтэлэрбитигэр испи­сэлиистэринэн толору хаач­чыллан олоробут. Онон кинилэргэ олорор усулуобуйаны тэрийдэрбит, олорор нэһилиэкпитигэр тардыһыы өссө улаатыа этэ.

– Федор Альбертович, кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕэр ситиһии­ни баҕарабын.

Афанасий КОПЫРИН