Чараҥнар Судаарыстыбаннас күнүн тэрээһиннээхтик бэлиэтээтибит

1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Саха cирин Cудаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Саха cирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, улуу суруйааччы, учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэк «Улуу киһи суолунан» диэн ылыммыт бырайыагын чэрчитинэн «ОЙУУНУСКАЙ ЫҺЫАҔА» тэрээһин ыытылынна.

Нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев ыҥырыылаах ыалдьыттары улуу суруйааччы П.А. Ойуунускай Чараҥ устун хаампыт, сылдьыбыт сиринэн кэритэн кини олоҥхоһуттары истибит икки балаҕанын, хоммут нуучча дьиэтин көрдөрбүтүн уонна Ойуунускай аатынан уулусса устун сырытыннарбытын ыалдьыттар олус сөбүлээтилэр, историяҕа киирбит нэһилиэк ытык миэстэлэрин көрөн астыннылар.

Салгыы «Кыһыл былаах анныгар» история кэрчигин бэлиэтиир үөрүүлээх миитиҥҥэ олохтоохтор, үөрэнээччилэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар күһүҥҥү Нэлээҥҥэ Ойуунускай пааматынньыгын аттыгар миитиҥҥэ мустан уруккуну ахтан-санаан аастылар, инникини ыралаатылар, хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар. Тэрээһини И.И.Находкин аатынан култуура киинин дириэктэрэ Александра Свинобоева иилээн-саҕалаан ыытта.

Күнүс В.Н. Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатыгар Саха сирин суруйааччылара-биир дойдулаахтарбыт Ульяна Бурнашева-Уйана, Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, итиэннэ улуустааҕы «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүүттэн тыл үөрэхтээҕэ Светлана Бурцева, артыыс идэлээх Василий Бурнашев уонна «Мүрү саһарҕата» хаһыат редакциятыттан суруналыыстар Екатерина Захарова, Ольга Шепелева икки бөлөҕүнэн хайдыһан оҕолору кытары көрүстүлэр. Кинилэр бүгүҥҥү күн суолтатын, айар үлэ, төрөөбүт тыл, олох туһунан ирэ-хоро кэпсэттилэр.

Былаан быһыытынан салгыы спортивнай саалаҕа олохтоохтор «Бэргэн ытааччы» уонна саха төрүт остуол оонньууларыгар – хабылыкка, хаамыскаҕа – илин-кэлин түһүстүлэр. Сыал ытыытыгар 1-кы миэстэни Марта Гуляева, 2-с миэстэни Иван Алексеев, 3-с миэстэни Антонина Митрофанова ылан үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Сахалыы остуол оонньууларыгар 1-кы миэстэ – Таня Березкина, 2-с миэстэ – Акулина Иванова, 3-с миэстэ – Айсен Басыгысов буолан үөрдүлэр-көттүлэр.

Бу ыытыллыбыт тэрээһин сүрүн уратытынан 1936 сыллаахха П.А.Ойуунускай кыттыыны ылбыт күһүҥҥү ыһыах хардыыларынан ыытыллыбыта буолар. Ол да иһин суруйааччылар, суруналыыстар, култуура үлэһиттэрэ кыттыбыттарын уонна ытыыга, остуол оонньууларыгар күрэстэһии ыытыллыбытын тэрээһин кыттыылаахтара бары сонургуу көрдүлэр, сэҥээрдилэр. Аны улуу суруйааччы төрөөбүт күнүгэр диэри торумнаммыт үлэлэр,
«Биэс өйдөбүлү — үйэлэргэ» акция-марафон, түмүктүүр тэрээһини бэлэмнээһин үлэлэрэ салҕанан барыахтара.

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше