Чараҥ оскуолатыгар Ойуунускайга анаммыт кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолла

Сэтинньи 9 күнүгэр В.Н. Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатыгар саха норуотун чулуу уола, бөдөҥ государственнай, политическай, общественнай деятель, саха советскай литературатын төрүттээччи, саха автономиятын төрүттэспит салайааччы, биллиилээх суруйааччы, учуонай Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах уус-уран ааҕыы кэрэхсэбиллээх киэһэтэ буолан ааста.

Бу Чараҥҥа 1-кы Хоро нэһилиэгин «Улуу киһи суолунан» бырайыагынан 4-с улахан тэрээһин ыытылынна. Манна олохтоох дьаһалта, тэрилтэлэр салайааччылара, депутаттар кыттыыны ыллылар. Дьоро күн үөрэнээччилэр, учууталлар кыттыылаах улахан хорунан саҕаланна. Кинилэр П. Ойуунускай тылларыгар, Г..Григорян мелодиятыгар «Былааһы – Сэбиэккэ» диэн биллэр ырыаны биир тыынынан ыллаабыттарын сэҥээрэн иһиттибит. Тэрээһини Надежда Трофимова, Спиридон Аммосов сатабыллаахтык иилээн-саҕалаан ыыттылар.Салгыы истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр, оҕолор суруйааччы туһунан бэйэлэрэ чинчийэн тугу билбиттэрин-көрбүттэрин билиһиннэрдилэр, хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар. Илья Румянцев П.Бурцев, Н.Свинобоева мелодиятыгар «Улуу ыһыах» диэн патриотическай ырыаны сүрдээх үчүгэйдик толордо. В.Н.Протодьяконов-Кулантай аатынан литературнай музей улахан быыстапкатын музей сотруднига Дина Бурцева интэриэһинэйдик кэпсээбитин оҕолор чуумпуран олорон иһиттилэр. Онтон саха тылын учуутала Сардана Ушницкая оҕолор аахпыт дакылааттарынан викторина ыытта. Оҕолор болҕойон истибит буолан ыйытыыларга кэбэҕэстик хоруйдаатылар. Кыайыылаахтар анал бириистэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Түмүккэ директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Александр Егоров уруһуй күрэҕин кыайыылаахтарыгар наҕараадалары уонна тэрийсээччилэргэ махтал суруктары туттартаата.

Чараҥнар ый бүтүөр диэри өссө икки улахан тэрээһини түмсэн ыытыахтара.

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше