Учуутал үрдүк аатын өрө тутан, үтүө аналын сиэрдээхтик толорон үйэлээҕи айан-тутан хаалларбыт Василий Николаевич Мигалкин аатын Чараҥ орто оскуолата 2005 сылтан чиэстээхтик сүгэр. Оскуола коллектива бу тумус туттар киһилэрин, улахан учууталларын албан аатын үйэтитэр сыаллаах киэҥ хабааннаах үлэни сыллата ситимнээхтик тэрийэн ыытар.
Кулун тутар 1 күнүгэр В.Н. Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатыгар оскуолалар икки ардыларыгар региональнай суолталаах «Мигалкинскай ааҕыылар» научнай-практическай конференция 7-с төгүлүн элбэх хайысханан үрдүк таһымҥа ыытылынна. Манна 13 оскуолаттан барыта 88 оҕо кэлэн наукаҕа билиилэрин, аныгы технологиялары туһаныыга сатабылларын тургутустулар. Бу уратылаах тэрээһиҥҥэ Василий Николаевич Мигалкин оҕолоруттан: М.К.Аммосов аатынан ХИФУ информационнай технологияларга кафедратын доцена, техническэй наука кандидата Василий Васильевич Мигалкин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, М.К. Аммосов аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ сурук-бичик музейын директора Афанасий Васильевич Мигалкин, сиэннэриттэн Е.М. Ярославскай аатынан музей үлэһитэ Майя Афанасьевна Мигалкина, Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччы Алексей Михайлович Мигалкин кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин аһыллыытыгар үөрэнээччилэр хордарын толоруутугар оскуола гимнэ ылламмыта үөрүүлээх чааһы ураты тыыннаата. Бастакынан эҕэрдэ тылы Чараҥ орто оскуолатын директора Егор Егорович Филиппов эттэ. Салгыы 1-кы Хоро баһылыга Василий Васильевич Бурцев, В.Н. Мигалкин оҕолорун ааттарыттан Афанасий Васильевич Мигалкин, Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы Анатолий Дмитриевич Сторожев, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Иван Иванович Никонов, Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун председателин солбуйааччы, “Полярная звезда” сурунаал сүрүн редактора Владислав Семенович Доллонов эҕэрдэ тыллары эттилэр. Кинилэр бары бүгүҥҥү тэрээһин суолтатын, кэнчээри ыччаты иитиигэ оруолун чорботон бэлиэтээтилэр. Ол кэнниттэн хайысхаларынан күрэхтэр саҕаланнылар.
Дакылааттары истии 3 секциянан ыытылынна. «Үлэ-чиэс, албан аат» секцияҕа 1-кы миэстэ – Богдан Нафанаилов (Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара), 2-с миэстэ – Анжелина Готовцева (Танда орто оскуолата), 3-с миэстэ – Алия Бурцева (Чараҥ орто оскуолата) буоллулар. Кинилэргэ уонна бастаабыт оҕону бэлэмнээбит учууталга бу секцияҕа эксперт буолан үлэлэспит Дьокуускай куораттан урбаанньыт Евгений Дмитриевич Кривошапкин харчынан бириэмийэлэри туттартаата. «История семьи Мигалкиных» секцияҕа 1-кы миэстэни Милена Платонова (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата), 2-с миэстэни Харысхан Корнилов «Чараҥ орто оскуолата» ыллылар. “Роль отца в семейном воспитании” секцияҕа 1-кы миэстэ Дайаана Гуляева «Чараҥ орто оскуолата», 2-с миэстэ Айаал Гуляев (Уһун Күөл орто оскуолата) буолан үөрдүлэр-көттүлэр.
В.Н. Мигалкин уола, саха народнай суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин хоһооннорунан «Оҕо этим, отон этим» уус-уран ааҕыы күрэҕэ И.И. Находкин аатынан культура киинигэр сценаҕа ыытылынна.
1 бөлөх 1-2 кылаас оҕолоругар:
- Гран При – Дмитриева Ася (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата);
- 1 үрдэл – Иванов Арсен (Тулуна орто оскуолата);
- 2 үрдэл – Фомин Эрхаан (Найахы орто оскуолата);
- 3 үрдэл – Васильева Намыына (Мүрү 2№-дээх орто оскуолата);
- 1 үктэл – Яковлева Дайаана (Чараҥ орто оскуолата);
- 2 үктэл – Готовцева Айтыына (Танда орто оскуолата);
- 3 үктэл – Олесова Аяна (Мүрү 2№-дээх орто оскуолата);
Анал ааттар:
- Кэскиллээх ааҕааччы – Троев Айаан (Тулуна орто оскуолата);
- Хоьоонноохтук ааҕыы – Иванова Амелия (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата);
- Иэйиилээхтик ааҕыы – Пестрякова Полина (Чараҥ орто оскуолата);
- Умсугутуулаахтык ааҕыы – Ефимова Зарина (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата);
- Дорҕоонноохтук ааҕыы – Фомин Эрхаан (Найахы орто оскуолата);
- Хомоҕой хоһоонньут – Матвеева Ира (Танда орто оскуолата);
- Добун ааҕааччы – Гуляев Любомир (Чараҥ орто оскуолата).
2 бөлөх 3-4 кылаас оҕолоругар:
- Гран-при – Готовцева Вера (Танда орто оскуолата);
- 1 үрдэл – Гуляева Клава (Уһун-Күөл орто оскуолата);
- 2 үрдэл – Тарский Алеша (Чараҥ орто оскуолата);
- 3 үрдэл – Румянцев Илья (Чараҥ орто оскуолата);
- 1 үктэл – Старостин Егор (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата);
- 2 үктэл – Афанасьева Аделина (Мүрү 2№-дээх орто оскуолата);
- 3 үктэл – Васильева Сааскылаана (Тулуна орто оскуолата).
Анал ааттар:
- Кэскиллээх ааҕааччы – Васильев Айал (Тулуна орто оскуолата);
- Хоһоонноохтук ааҕааччы – Окоемов Арчын ( Тулуна орто оскуолата);
- Ааҕааччы – Гуляева Клава (Уһун Күөл орто оскуолата);
- Умсугутуулаахтык ааҕааччы – Иванова Арина (Тулуна орто оскуолата);
- Дорҕоонноохтук ааҕааччы – Румянцев Илья (Чараҥ орто оскуолата);
- Хомоҕой хоһоонньут – Кривошапкина Зоя (Чараҥ орто оскуолата);
- Добун ааҕааччы – Готовцева Камила (Танда орто оскуолата).
Араатар оҕолор күрэхтэригэр 1-кы миэстэни Күннэй Румянцева (Чараҥ орто оскуолата), 2-с миэстэни Айаал Гуляев (Уһун Күөл орто оскуолата), 3-с миэстэни Люба Лукина (Чараҥ орто оскуолата), 3-с миэстэни Эрсан Васильев (Найахы орто оскуолата) ылан үөрүү үрдүгүн биллилэр. Анал ааттарынан Миша Соловьев (Найахы орто оскуолата) “Лучшее выступление на якутском языке”, Маша Рожина (Найахы орто оскуолата) “Лучшее выступление на русском языке”, Таня Березкина (Чараҥ орто оскуолата) “Лучшее выступление на английском языке” бэлиэтэннилэр.
«Брейн-ринг» диэн сонун хайысхалаах күрэххэ 1-кы миэстэни Уһун-Күөл орто оскуолатын “Патриот” хамаандата, 2-с миэстэни Чараҥ орто оскуолатын “Мигалкиннар сиэннэрэ” хамаандата үллэһиннилэр.
“Робототехника” диэн аныгылыы хайысхалаах күрэххэ «Многоборье визуального пилотирования» түһүмэххэ 1-кы миэстэ – Арсен Готовцев (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата), 2-с миэстэ – Андриан Бобровскай (Мындааба орто оскуолата), 3-с миэстэ – Денис Бурцев (Чараҥ орто оскуолата), «Перетягивание каната» түһүмэххэ 1-кы миэстэ – Артем Чердонов, Ваня Сивцев (Мүрү 1№-дээх орто оскуолата), 2-с миэстэ – Аян Копырин (Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара), 3-с – миэстэ Эрэл Босиков (Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара) кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Хайысхаларынан күрэхтэр кыайыылаахтарыгар грамоталар, В.Н. Мигалкин оҕолоро олохтообут бириистэрэ, харчынан бириэмийэлэрэ дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан туттарылыннылар. Оҕолор аны икки сылынан эмиэ көрсүөх буолан бары үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Светлана Бурцева, суруналыыс