И.В. Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатын историяҕа учуутала Геннадий Пестряков төрөөбүт дойдуну үөрэтиигэ утумнаах үлэни ыытар. Ол курдук сыл аайы оҕолору илдьэ араас хайысхалаах экспедицияларга сылдьыбыттара хаһыс да сыла. Былырыын Уус Алдан кэрэ-бэлиэ сирдэринэн айаннаабыттара.
Экспедицияҕа сатыы бараллар. Онно оҕолор төрөөбүт улуустарын туһунан элбэҕи билэн-көрөн кэлэр буоланнар, сыллата онно барсыан баҕалаах оҕо элбээн иһэр. Маннык барыыны Геннадий Дмитриевич “Айан уруок” диэн ааттыыр.
Быйылгы экспедиция Гражданскай сэрии дьоруойа, Саха сиригэр элбэх оскуоланы туттаран культармеец быһыытынан киэҥник биллибит Г.В.Егоров – Бартыһаан Дьөгүөрэп төрөөбүтэ 145 сылыгар ананна. Онон бүгүн, бэс ыйын 7 күнүгэр, үс улахан киһи, 13 оҕо буоланнар айаҥҥа туруннулар. Хайысхалара: Курбуһах – Байаҕантай – II Байаҕантай – Бээрийэ. Биллэрин курдук, Бартыһаан Дьөгүөрэп Уус Күөлүгэр, Тандаҕа, Бээрийэҕэ оскуолалары туттарбыта.
Бүгүн Толоон Эбэ диэн уруккута холкуос киинэ буола сылдьыбыт сиргэ хонон баран, сарсын Тандаҕа айаннаан иһэн аара Уоттай Арыылааҕа диэн Бартыһаан Дьөгүөрэп төрөөбүт алааһыгар тохтоон ааһыахтара.
Ити курдук тохтообут сирдэрин ахсын киэҥ чинчийэр-үөрэтэр бырагырааманан көрсүһүүлэри, лиэксийэлэри оҥоруохтара.
Афанасий СЕКТЯЕВ