Быйыл 30 сылларын бэлиэтиир Бээрийэ туосчуттара утумнарын салгыыр ыччаттаахтарыттан үөрэллэр

“Бээрийэ туосчуттара” түмсүү тэриллибитэ быйыл 30 сыла. Отут сыл усталаах-туоратыгар нэһилиэк дьахталлара түмсэн туоһунан тигиини, тигии бары ымпыгын-чымпыгын баһылаан, уһун сылларга муспут уопуттарын түмэн, кэлэр кэнчээри ыччакка үлэ үөрүйэхтэрин тарҕатар, билбиттэрин-көрбүттэрин хаалларар, тиэрдэр сыалтан тоҕоостоох үбүлүөйдээх кэмҥэ кинигэ оҥорон хааллараары бэлэмнии сылдьаллар.

Туосчуттар саамай улахан сыаллара-соруктара — үөрүйэхтэрин талааннаах ыччакка тиэрдии. Онуоха кинилэр үлэлэрин утумнааччы биир эдэркээн кыыс баарын киэн тутта кэпсииллэр.  Кини ХИФУ Саха сирин норуоттарын култууратын уонна тылын-өһүн үөрэтэр институт, норуот уус-уран култууратын салаатын этно-култуурунай киинин салайааччыта идэҕэ уһуйуллан, бастакы кууруһу бүтэрбит Ньургуйаана Васильева буолар.

Ньургуйаана 2005 сылтан үлэлиир Бээрийэ туосчуттарын лааҕырыгар иитиллибит. Бастаан бу лааҕырга 5-с кылааска сылдьыбыт. Сөбүлээн туосчуттар кэккэлэрин хаҥатардыы сайдан, тупсан тахсыбыт. Бастакы салайааччыта Марианна Арсентьева эбит. 2016 сылтан туоһунан тигиигэ СӨ, Уус Алдан улууһун норуотун маастара Екатерина Васильева кынатын анныгар киирбит.

Ньургуйаана ийэтэ Прасковья Васильева эмиэ туосчут, Уус Алдан улууһун норуотун маастара. Онон Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр утуму салҕааччы баарыттан ийэтэ сэмэйдик үөрэр. Талааннаах эдэр кыыс ийэтин кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьан, көрөн-истэн быйыл сайын дойдутугар үөрэҕин практикатын барда. Итиэннэ Аммаҕа ыытыллыбыт республикатааҕы XVII Олоҥхо ыһыаҕын култуурунай тэрээһиннэригэр кыттарга сорук туруорунан маллаах иһит ньэмиэтин быһан бастакы улахан республикатааҕы тэрээһиҥҥэ холонон көрдө.

Ньургуйаана үөрэҕин бүтэрэригэр дипломнай үлэтин эмиэ туос оҥоһугунан көмүскүөн баҕарар. Онуоха салайааччыта Екатерина Николаевна сүктэр кыыс маллаах иһитин оҥорорго сүбэлээбит.

Ньургуйаана ХИФУ киириэн иннинэ Дьокуускайдааҕы «Айар Уустар» креативнай индустрия колледжын бүтэрбит, Онно конструктор-модельер идэтин баһылаан бэйэтэ эскизтээн кэрэ таҥастары тигэр.

– Туоһунан тигиини олус сөбүлүүбүн. Бастаан 5-с кылааска лааҕырга киирэн баран 3 миэтэрэ уһуннаах ситии хатан салама өрбүтүм. Онно 6 см үрдүктээх ыаҕайкалары, 4 сантиметрдаах томторуктары тикпитим. Салгыы иис абылаҥын билэн истэҕим аайы тигэр малым улаатан испитэ. Салгыы 1 лиитэрэлээх ыаҕайаны тикпитим. Маннык саас-сааһынан сайдан иһэн ыаҕайам үксээтэ. Улахан кылааска уонна устудьуоннуу сылдьан маллаах иһит тигэн саҕалаабытым. Салама, ыаҕайа, кыра маллаах иһит тикпитим. Бу курдук сайдан-тупсан туос иһит арааһын тигиэхпин баҕарабын. Туоһунан иистэнэрбин өссө сайыннарар, билиибин хаҥатар сыалтан улахан маллаах иһити тигиэхпин баҕарабын.

Туоһунан тигии – ыарахан үлэ. Кытаанах матырыйаал буолан күүс-уох, тулуур наада. Оттон үлэм бүттэҕинэ түмүгүттэн дуоһуйабын, үөрэбин олус астынабын.

Олоҥхо ыһыаҕар кыттаары хаппахтаах маллаах иһити ыам ыйын 4 күнүгэр саҕалаабытым. Ыйы кыайбат тиктим. Иһитим 22 см үрдүктээх, сүлүүдэ, талах, ситии сап көмөтүнэн киэргэтиллэн тигилиннэ. Маннык үлэҕэ түгэҕин тигии саамай уустук буолар. Хас эмит хос халыҥ туоһу тэҥҥэ тутан тигии ыарахаттардаах. Ону оҥордуҥ да, иһитиҥ сүрүнэ бүтэр курдук санаан, ииһиҥ табыллан, салҕанан барар. Былыргы ньыманы тутта сатыыбыт. Саппытын атахпытыгар хатабыт. Олоҥхо ыһыаҕар “Уран иэйии, талба талаан түһүлгэтэ”   быыстапка-куонкуруска декоративнай-прикладной искусство көрүҥҥэ Екатерина Васильева ньэмиэтинэн, эскиһинэн маллаах иһит тигэн ийэбинээн кытынныбыт. Ийэм 2008 сылтан тигэр. Алтыс сылын туосчуттар түмсүүлэрин чилиэнэ. Кини маллаах иһитэ биһирэнэн «Бастыҥ көстүүлээх оҥоһук» ааты ылбыта, — диэн кэпсиир эдэр туосчут Ньургуйаана Васильева.

Кини салайааччыта оҕо саадын иитээччитэ идэлээх Екатерина Васильева Ньургуйаана ситиһиититтэн олус үөрэр, туох баарынан көмөлөһөр, сүбэ-ама буолар.

– Үлэбит кэхтибэт кэскиллэнэригэр, салҕааччылардаахпытыттан, ыччаппыт үөрэхтэнэн эрэриттэн уһуйааччылар уонна наставникпыт Варвара Тихоновна Васильева олуһун үөрэбит. Ол туһугар сыллата дойдуга бэриниини иҥэрэн, өбүгэ үгэһин сайыннаран, тилиннэрэн, салгыы тэнитэр сыаллаах сайын ахсын оскуола иһинэн лааҕырбытын үлэлэтэбит.

Онтон кынаттанан Ньургуйаана курдук талааннаах ыччаппыт тахсан кэлэн үөрдэллэр. Кини сиигин, сап хатыытын олус бэркэ сатыыр, билэр. Үлэлиирэ аккуратнай. Маныаха дьиэ кэргэҥҥэ иитии сүрүн оруолу ылар. Ийэтэ Прасковья Артемовна норуот маастара, туоһунан эмиэ уһун сылларга дьарыктанар. Үөрэппит маастара – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара Марианна Терентьевна Арсентьева. Онон утум салҕанар.

Бээрийэ туосчут оҕолорун лааҕырын иитиллээччилэрэ илиинэн үлэ сыаналанарын билэллэр. Номнуо бэйэлэрин оҥоһуктарын атыылаабыт уопуттаахтар. Киэҥ эйгэҕэ тахсаннар, билиилэрэ-көрүүлэрэ, сайдыылара киэҥ. Биллэн турар, туоһунан тигиигэ бастакыттан үчүгэйдик тигии ирдэнэр. Сыыһар, көтүрэр табыллыбат. Сабы хатыы – саамай улахан ирдэбил. Сап үчүгэй буолла да, барыта табыллар. Ол үөрүйэхтэргэ кыраларыттан үөрэтэбит, такайабыт. Оҕо бэйэтин үлэтин олус харыстыыр. Бастаан атыыга диэн турунан бараннар, бүтэрбиттэрин кэннэ олус астынан, дуоһуйан, бастакы үлэлэрин өйдөбүнньүк быһыытынан  хаалларбыттара.

Быйылгы лааҕырбытыгар 26 оҕо сайыҥҥы сынньалаҥнарын ооус туһалаахтык атаардылар. 2026 сылга Бээрийэ нэһилиэгэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсөөрү олоробут. Онно анаан кыралаан бэлэмнэнэбит. Быйыл үбүлүөйбүтүн көрсө 30 харысхалы оҥоттордум уонна бэйэлэрин баҕаларынан туойунан свистулька, колокольчик уонна араас кыра сувенир оноһуктары оҥордулар.

Туоһунан тигии сүрүн үлэбит таһынан, араас аралдьытар, үөрэтэр дьарыктар буолаллар. Онно нэһилиэк библиотеката, «Арчы» сынньалаҥ киин эмиэ олус көмөлөһөллөр.  Үбүлүөйү көрсө библиотека үлэһитин кытта ретро-музей тэрийбиппит. Быйылгы ыһыахха быыстапка туруордулар. Кыраайы үөрэтэн эмтээх оттору хомуйаллар, анимация оҥороллор. Кулууп иһинэн дьарыктанар хайысхалара эбилиннэ. “Кэскил” студияҕа ВИАҕа дьарыктаналлар. Итиэннэ оскуола психологын “Сырдык санаа” бырайыагынан дьарыктаннылар.