Бүгүн Уус Алдаҥҥа «НКО Якутии – вместе вперед!» уопсастыбаннай десант үлэлиир

 Бүгүн «Тойон Мүрү» култуура киинигэр Уус Алдаҥҥа Гражданскай өрөбүллэр чэрчилэринэн «НКО Якутии – вместе вперед!» диэн уопсастыбаннай десант күнэ саҕаланна. Дьокуускай куораттан уопсастыбаннай десант спикердара, экспердэрэ кэллилэр. 

Гражданскай өрөбүллэри СӨ ыччат уонна социальнай коммуникация дьыалатыгар министиэристибэтэ 2019 сылтан сылын аайы ыытар. Тэрээһин гражданскай уопсастыбаны соморҕолуур, бөҕөргөтөр сыаллаах, информационнай, методическай уонна консультация быһыытынан социальнай хайысхалаах эргинэр соруга суох түмсүүлэргэ көмөлөһөр сыаллаах тэриллэр.

Улуус киинигэр тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта РФ, СӨ, улуус гимнэригэр сүгүрүйүүттэн саҕаланна. Ол кэннэ Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Илья Артамонов тыл эттэ уонна тэрээһиҥҥэ кэлбит делегация дьонун махтал суругунан бэлиэтээтэ. Салгыы, онлайн быһа холбонуу нөҥүө СӨ ыччат уонна социальнай коммуникация министирин собуйааччыта Андрей Сосновскай эҕэрдэтин тиэртэ.

«НКО Якутии – вместе вперед!» уопсастыбаннай десант барыта алта былаһаакканан үлэлии турар. Манна күн устата спикердэр, экспердэр араас хайысханан НКО үлэтин сайыннарыыга, араас бырайыактарга, граннарга хайдах киирсэр туһунан сиһилии сырдатыахтара уонна биирдиилээн көрсөн сүбэ-ама биэриэхтэрэ.

Мария Аргунова