Хараҕа Төрдө. Бу уус алданнарга, биһиэхэ – түҥ былыргыттан Ытык сир. Үһүйээҥҥэ ахтылларынан, Тыгын Дархан киирэн ааспыта үһү. Этэргэ дылы, Тойон Мүрүнү ааттаан-суоллаан кэлэр суон сурахтаахтар бары Хараҕа Төрдүнэн киирэн аарыыллара, төттөрү баралларыгар ыраах айаннарын суолун туталлара. Онтон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги хоодуот уолаттарбыт бу аартыгынан өргөстөөх өстөөҕү утары кыргыһыыга барбыттара. Унньуктаах уһун сэрииттэн кыайыы көтөллөнөн эргиллибиттэр эмиэ бу суолунан төннүбүттэрэ.
Онон Мүрү Эбэ бу арҕаа кырдалыгар сыл аайы Улуу Кыайыы бырааһынньыгар аналлаах тэрээһиннэр саҕаланар үгэһэ олохсуйбута. Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, ытык дьоммутун чиэстиир тэрээһиҥҥэ буоларын курдук, көлүөнэ солбуһуутун быһыытынан Улуу Кыайыыны аҕалбыттар оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ муһуннулар. Өрөгөйдөөх муусука ньиргийдэ, өрө күүрүүлээх ырыалар ылланнылар. Өйдөбүнньүк тэрээһини Мүрү 2№-дээх оскуолатын оҕолоро монтаж ааҕыытынан саҕалаатылар. Онон эһэлэрин, эбэлэрин хорсун быһыыларын уруйдаатылар.
Эҕэрдэ тылы улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев, улуус дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Федоров эттилэр. Онтон кэлэр кэнчээри ыччакка анаан кэс тылын ытык кырдьаҕас, тыыл бэтэрээнэ Мария Фомина тиэртэ. Кини бу кыайыы хайдахтаах курдук ыараханнык, сэриигэ хорсуннук кыргыһыынан, тыылга күнү-дьылы аахсыбат үлэнэн ситиһиллибитин өрүү ытыктаан өйдүү-саныы сылдьалларыгар баҕарда.
Оо, бу аартык билэн эрдэҕэ сэриигэ аттаанааччы дойдутуттан арахсар ыар түгэнин, кыайыылаах хоодуот саллаат төннөн кэлэн үөрүүтүттэн хараҕын уутун соттубут дьоллоох түгэнин.
Ол кыайыы үөрүүтэ Хос Үрэххэ дьиэрэйбитэ. Манна 1945 сыллаахха бэс ыйын 21-21 күннэригэр кыайыыны уруйдуур Улуу ыһыах ыһыллыбыта. Онно бүгүн эмиэ өйдөбүнньүк тэрээһинэ буолла. Уруйдан, Улуу Кыайыы!
Афанасий Сектяев