Бүгүн нэһилиэктэр баһылыктарын уочараттаах планеркалара буолла. Планерканы улуус баһылыга Василий Аммосов салайан ыытта. Мунньахха барыта 16 нэһилиэк баһылыга, 4 баһылыгы солбуйааччы кытынна, 4 боппуруос көрүлүннэ.
Бастакынан улуус дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын салайааччыта Петр Попов иһитиннэрии оҥордо. Кини кыстыкка 12 тыһ. сүөһү, 12.5 тыһ. сылгы киирэрэ былааннанарын бэлиэтээн, быйыл от былаана 30 тыһ. тоннаҕа, сиилэс былаана 500 тоннаҕа тиэрдиллибитин иһитиннэрдэ.
Окко киирии ааспыт өрөбүллэртэн саҕаланан, бүгүҥҥү туругунан, 418 звено, 886 киһи оттуу сылдьар, техника ахсаана 567. Ходуһаларга 1542 га сир охсуллубут, 224 тонна от бэлэмнэммит. Оттуур хаһаайыстыбалар аһыҥа эминэн, уматыгынан хааччыллыбыттар.
Улуус үрдүнэн 3381 туонна кур от баарын ааҕыммыттар. Быйыл сайын 20 мобильнай биригээдэни тэрийэн ыраах ходуһаларга оттуурга былаан баар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ мобильнай биригээдэҕэ 1 тонна окко 1700 солкуобайы төлүүр.
Быйыл от үүнүүтүгэр балаһыанньа куһаҕана суох, от былаанын 89% толорор сорук турар.
Салгыы улуус дьаһалтатын архитектураҕа уонна хапытаалынай тутууга управлениетын инженерэ Иван Портнягин иһитиннэрии оҥордо. Кини эмиэ кыстыкка киириигэ бэлэмнэнии үлэлэри билиһиннэрдэ. Ол курдук, ититэр ситим туругун бэрэбиэркэлиир, өрөмүөннүүр уонна элбэх квартиралаах дьиэлэргэ, социальнай эбийиэктэргэ ититэр ситими ыраастыыр үлэ атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтааҕын эттэ.
Бу боппуруоска улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев эбийиэктэр кыстыкка бэлэмнэрин туһунан пааспардарын оҥорууну эрдэттэн саҕалаан ирдэнэр болдьоҕор туттарарга сорудахтаата. Оттон Василий Аммосов байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин дьиэлэрин ититии ситимигэр холбуурга сүрүн болҕомтону ууралларыгар сорук туруорда.
Улуус дьаһалтатын бюджетнай салаатын салайааччыта Евдокия Жиркова нэһилиэктэр кэлэр сыллааҕы бюджеттара оҥоһулларыгар ирдэнэр дааннайдары кэмигэр тиксэрэри хонтуруоллуурга эттэ. Оттон үп управлениетын салайааччытын солбуйааччы Туяра Кузьмина нэһилиэктэр дебиторскай, кредиторскай иэстэрин көҕүрэтиигэ үлэни ыыталларыгар сорудахтаата.
Бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Федоров Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө быланнааммыт тэрээһиннэри билиһиннэрдэ. Ол курдук, Кыһыл Кырдалтан сэриигэ барбыт буойуттарга аналлаах өйдөбүнньүк сквери оҥоруу, кинилэр тустарынан уонна «Россия ийэлэрэ» общественнай түмсүү тэрийиитинэн сэрии хонуутугар охтубут буойуттар ийэлэрин туһунан кинигэлэри таһаарыы, о.д.а. тэрээһиннэр былааҥҥа киирбиттэр. Ону таһынан нэһилиэктэргэ Кыайыы болуоссаттарын сөргүтэргэ болҕомтолорун ууралларыгар, үйэтитии үлэтигэр ирдэнэр дааннайдары кэмигэр ыытан иһэллэригэр сорудахтаата.
Түмүккэ улуус баһылыга Василий Аммосов байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэлбит делегация сырыытын, билиҥҥи буола турар балаһыанньаны кэпсээтэ, көмөнү оҥоруу ситимэ быстыбатыгар этэн, бары түмсэн үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырда.
Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан