Окоемовкаҕа Быччыылык эбэни эргийэ төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, тулалыыр айылҕаны харыстыыр, дойдуларын историятыгар ытыктабылы үөскэтэр уонна үөрэтэр сыаллаах экскурсия ыам ыйын 24 күнүгэр тэрилиннэ.
Оҕолору улууска биллэр кыраайы үөрэтээччи, история учуутала Геннадий Пестряков, биология учуутала Никита Ховров, физкультура учуутала Дьулустан Готовцев тэрийэн, салайан илдьэ сырыттылар.
Барыта 3-7 кылаастартан 12 оҕо экскурсияҕа кыттан таарыйа эбэ кытыытын ыраастаатылар, Быччыылык эбэ кытылыгар үүнэр үүнээйилэри, үөнү-көйүүрү,хамсыыр-харамайдары көрдүлэр-иһиттилэр, моҕотойдоон да сырыстылар, оонньоон да ыллылар. Онон оҕолорго үөрэх дьылын түмүктүүр өссө биир интэриэһинэй күн ааста.
Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.