Булт абылаҥа

Саха эр киһитэ барахсан булт диэн баран муннукка ытаабытынан бу күн сирин көрөр. Кини ханна төрөөбүтүттэн тутулуга суох этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар былыргы өбүгэлэрин тыыннаах буолар, олох олорор туһугар туруулаһыылара син биир этин-хаанын хайа эрэ муннугар кирийэн, саһан сытар. Дьэ, ол сытан саас буолаары гынна да хайаан да кыйбаҥнаабытынан, уһуктубутунан барар айылҕа сүдү күүһэ буолар. Кырдьыга даҕаны, уһун кыһыҥҥа таас да, мас да дьиэҕэ түөрт истиэнэҕэ хаайтарбыт эр дьон, өбүгэ ыҥырар күүһэ уһуктан, эрдэттэн бултуу барарга оҥостубутунан, кистии-саба хомуммутунан барар буоллахтара. Буолумуна, көҥүл дуолга, киэҥ халлаан анныгар ыраас чэлгиэн халлааҥҥа дугдаҕа утуйартан ордук баар үһүө?! 

Сөрүүн салгыны чэ, тымныы да диэххэ, толору түөс муҥунан чачайыахха диэри ыймахтаан тыынартан ордук, ама баар үһүө! Дугда таһыгар кэлэн талах чыычааҕа таптал ырыатын ыллаан уһугуннарара, хайа да кэрэ куоластаах улуу ырыаһыттааҕар киһи дууһатын эймэнитэр буоллаҕа…

Түүнү быһа кэккэ кыра көлүйэҕэ кустан эрэ бастыҥа, кэрэтэ, мэнигэ мороду барахсан омун-төлөн буолан, кутан-симэн, үрүт үрдүгэр бэйэтин хайҕанан, дьүөгэтин ыҥырар саҥатыттан утуйар ууҥ көтөрө умнуллубат өйдөбүл буолар эбит. Ол быыһыгар ол бу кыра кустары, чыккымайы, хаххырыалы, бараахтары эҥин буойардыы, манна тойоҥҥут мин баарбын диэбиттии, атыыр көҕөн кэһиэхтээх куолаһынан хойуу баҕайытык маатырҕаатаҕына, чочумча чуумпуран ылаллара эмиэ да  соһуччу, дьикти музыка буоллаҕа! Бай, манна эмиэ улуутуйар улуу тойон баар эбит дуу дии саныыгын.

Кэтэһэн-манаһан олордоххуна соҕотох чыккый кэлэн ууга түстэҕинэ бу көстүүтэ бөдөҥүн! Санааҕар омуҥҥар көҕөн саҕа буолааччы. Киэһээҥҥи барыарга тэйиччи уйус көҕөн түһэн устан сундулуйдаҕына уу толонугар ханна төбөтө, ханна кутуруга буолара биллибэккэ, Айболит доктор Тяни-Толкайын курдук икки төбөлөнөн көстөрө эмиэ биир дьикти көстүү буолар.

Моонньоҕон барахсан чуһуурбутунан торпеда курдук устан сундулуйдаҕына ытаргын умнан, харах иччитэ буолан, батыһа көрөн олороргун билиминэ хаалаҕын.

Оо, онтон анды!!! Анды барахсан сарсыарда эрдэ ыраахтан бу сирилээн иһэрэ… Олоро биэрээт хантайан суугун иһиллэр тыаһын диэки хайыстаххына, дьэ, бу күнү-ыйы бүөлээн иһэр буолаллар, ээ үөр анды!  Харалара бэрт, бэйэлэрэ ыйааһыннаах, кынаттара кылгас буолан, күүскэ сапсынан көтөр тыастара күрүлгэн тыаһыгар майгынныыр буолар. Эчи бу хайа да куска маарыннаабат дьикти саҥалараа!.. Булчут сүрэҕин тэбиитин түргэтэтэр, саһан сыппыт адреналины булгу көбүтэр, хайа да бэйэлээх сүрэҕэ суоҕу, бытаан наҕыл киһини киэбиттэн таһаарар, кыараҕаһынан аар саарга аатырбыт харахпытын диэличчи көрдөрөр, чыычаахтыыр саҥаларын туохха холуохха сөп эбитэ буолла?! Хайа да бэйэлээх таптыыр дьахтарын минньигэс сипсиэринээҕэр күндү, уйулҕаҕын хамсатар күүстээх буолаахтаатаҕа!

Дьэ, маны барытын илэ бэйэҕинэн көрдөххүнэ, иһиттэххинэ эрэ эккэр-хааҥҥар киирэн дьикти өйдөбүл буолар. Ол иһин эр дьон барахсаттар саас аайы аҕыс айдаанынан, арахса сыһа-сыһа баралларын өйдүүбүн.

Уолаттар, ол иһин сүбэлиэм этэ, биирдэ эмэ кэргэттэргитин илдьэ баран, дугдаҕа хоннорон тоҥоро-хатара түһүҥ! Биир эмэ чөккөйү, барааҕы ыттаран, саннылара көҕөрүөр диэри саа тэбиитин биллэриҥ, үөр куска ытыалаан сирэй-харах өрүкүнэйэрин көрдөрүҥ! Табылыннаҕына үөр анды эбэтэр хаас күргүөмнээн киирэрин көрдөрүҥ! Сааскытыйбыт атыыр туртас дьүөгэтин ыҥыран орулуур саҥатынан сүрэхтэрин хайытыҥ! Түүнү быһа кэрээбэккэ этэр кэҕэ, былдьырыыт, чөкчөҥө араас кэрэ ырыаларын иһитиннэриҥ! Сааскы күн күлүмүрдээн, мин аҕай диэн киэмсийэн, килбик кыыс оҕолуу үтүөмсүйэн көстүөм дуу, көстүмүөм дуу диирдии, чаллах тииттэр быыстарынан, оргууй быган тахсарын анаардыҥ! Дьэ, ол кэннэ эһигини ким да бултуу барартан тутуо суоҕа!

Кыргыттар! Холоонноох доҕотторгутун төһө да өр буолалларыттан хараастыбыккыт иһин, үөрэ-көтө өйүөлээн, уот иччитин аһаталларын хааччыйан, таҥастарын-саптарын ичигэс наскытыгар тиийэ сылаас илиигитинэн хомуйан, барар күннэригэр күлэн-үөрэн күлүмүрдээн, сыллаан-уураан, алгыс бастыҥын анаан ыытаарыҥ, баай барыылаах Байанай оҕонньор эһиэхэ кэһиитин өлгөмнүк ыытыаҕа! Биирдэ эмэтэ бэйэҕит оҥостон туран, хараххыт уутун хараһыйбакка өлгөм соҕустук ыһыктан, эрдэттэн ичигэс таҥаскытын куулга симинэн бэлэмнээн, хайаан да барсан дугдаҕа икки-үс хонсон, буруо сыттаах чэйи дуоһуйа иһэн кэлээриҥ!

Эр дьон барахсаттар үгүстэрэ бу халлаантан быыкаа лоскуй эт түһэрин дуу, түспэтин дуу, кыһыны быһа ыра оҥостон, кистии саба бэлэмнэнэн, улуу бырааһынньыкка барардыы, хомунан-тэринэн, сорохтор мөгүллэ-мөҕүллэ да буоллар бараҕыт!

Уолаттар! Булт бириэмэтэ аһыллыбытынан эҕэрдэ бастыҥа буолуохтун! Баай Байанай мичик аллайдын, үгүөрү соҕустук илии тутуурдаан, өттүк харалаан ыыттын! Дэлэччи бултаах-алтаах, сүгэһэр муҥунан кустаах, балыктаах, дьиэҕит аанын эрчимнээхтик тэлэччи аһан киирээриҥ!

Варвара Васильева, 1959 сылтан булчут билиэттээх, сэрии  тулаайаҕа, норуот эмчитэ,  норуот маастара, норуот үөрэҕириитин туйгуна Бээрийэ олохтооҕо