Будимир Крылов айанын суола дьон махталынан арыалланар

Улууспут биир уопуттаах суоппарын Будимир Крылову билбэт киһи, бука, аҕыйаҕа буолуо. Будимир Николаевич ыытар автобуһугар тобус-толору оҕолоох, үгүс киһилээх айаннаан иһэрин уулуссаҕа, суолга-иискэ үгүстүк көрөбүт. Кини үөрэхтээһин эйгэтигэр сыстан, оҕону, дьону таһыы үрдүк эппиэтинэстээх үлэтин чиэстээхтик сүгэр.

“Кыра эрдэхпиттэн тиэхиньикэни сэргии, сэҥээрэ көрөрүм. Массыына уруулугар олорорбун үгүстүк оҥорон көрөрүм. Ол санаабын, суоппар үөрэҕэр уһу­йуллан, улахан массыыналар суоппардара буолан ситис­тим дии саныыбын”, – диэн Будимир Крылов кэпсээнин саҕалыыр. Ол оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаата туолан, күн бүгүн кини туһунан улуус үөрэхтээһинин эйгэтигэр, итиэннэ бииргэ үлэлээбит араас эйгэ үлэһиттэрэ киэн тутта кэпсииллэрэ саарбахтаммат.

Будимир Николаевич аҕата, Майаҕастан төрүттээх Николай Дмитриевич Крылов Суоттуга “Лена” сопхуоска кыладыапсыктыыр этэ. Ийэтэ Евдокия Николаевна кассирынан үлэлээбитэ. Будимир биэс оҕолоох улахан дьиэ кэргэн иккис уол оҕото. Оскуоланы Суоттуга бүтэрээт, 1985-1987 сылларга Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ытык иэһин толорон сулууспалаан кэлбитэ. Тута Уус Алданнааҕы СПТУ-га суоппар идэтигэр үөрэммитэ. Онтон ыла, өрүү суол-иис аргыстаах үлэлии-­хамсыы сылдьар.

Будимир Крылов суоппар быһыытынан үлэтин Мындаабатааҕы “Сельхозтехникаҕа” “ГАЗ-53” массыына суоппарынан саҕалаабыта. Салгыы 1993 сылтан “Доҕордоһуу” Өлүөнэтээҕи история-архитектура мусуой-комплексыгар автобус суоппарынан үлэлээбитэ. Мантан ыла кини куруутун үгүс киһини таһар автобус суоппарын эппиэтинэс­тээх үлэтигэр ананан, күн бүгүнүгэр диэри бэриниилээхтик үлэлии сылдьар. Кэлин улуус кии­нигэр көһөн киирэн, араас тэрилтэҕэ суоппардаабыта. Онтон улуус­тааҕы үөрэх управлениетыгар үлэлии киирэн үгүс киһини, оҕону кытта алтыһар, куттала суох айаны хааччыйар.

Биллэн турар, хас биирдии киһи үлэтэ кини дьиэ кэргэнин өйөбүлүнэн таһаарыылаах, ситиһиилээх буолар. Будимир Николаевич кэргэнэ Ульяна Ушницкая үгүс оҕону үөрэххэ-билиигэ сирдиир, бастакы оҥкулу оҥорор Мындаабатааҕы “Күнчээнэ” оҕо саадын иитээччитэ. Оҕолоро Ньургуйаана устудьуон, Уйгулаана ахсыс, Айыына төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ. Будимир Николаевич дьиэ кэргэнин кэрэчээн кыргыттарыгар таптала, махтала муҥура суох.

Оттон иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын диэн ыйытыыбар: “Иллэҥ кэмим да суох. Куруутун суолга сылдьабын, тимир көлөттөн түспэппин”, – диэн үгүс толкуйа суох хардарда. Ол эрээри кини муусука кэрэ эйгэтигэр умсан ылар талаан­наах эбит. Дьиэтигэр баар буоллар эрэ, баянын сыыйа тардан, араас мелодияны таһааран оонньоон киирэн барар. Бу үөрүйэҕэ кини Суоттуга музыкальнай оскуолаҕа баян кылааһын бүтэриэҕиттэн ыла умнуллубакка, иллэҥ кэм дьарыга буолан иитиллэ сылдьар. Кыргыттара ону көрө-истэ үөрэнэн эмиэ олус талааннаах­тар. Улахан кыыс Уйгулаана аҕатын батан Бороҕоннооҕу музыкальнай оскуола фортепиано кылааһын бүтэрбитэ, билигин гитараҕа оонньуур, ыллыыр.

Кини дьаныардаах үлэтин “Уус Алдан улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ уонна соторутааҕыта “СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ” үрдүк ааты ылбыта туоһулууллар. Маннык үрдүк сыанабылы биэрбиттэригэр улуустааҕы үөрэх управлениетын салалтатыгар, үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр улахан махталын тиэрдэр. Олус соһуйбутун, долгуйбутун, үөрбүтүн сахалыы сэмэйдик үллэстэр. Үчүгэй кэлэктииптэргэ үлэлээбитин астына ахтар-саныыр. Оттон билигин кини Мындааба орто оскуолатыгар көһөн, саҥа үөрэх дьылыгар саҥалыы тэтиминэн үлэлии-хамсыы сылдьар.

Ольга Шепелева

Читайте дальше