Сэтинньи 16 күнүттэн Бороҕоҥҥо улууспут народнай кэлэктииптэрин күннэрэ ыытыллыахтара.
Бастакы күн Суотту народнай тыйаатыра, сэтинньи 17-с күнүгэр Тумул “Айыллан” народнай тыйаатыра ыалдьыттыахтара, испэктээктэрин көрдөрүөхтэрэ. Сэтинньи 23-с күнүгэр Бээрийэ нэһилиэгиттэн “Кэскил” студия, 24-с чыыһылаҕа Түүлээхтэн “Аргыс” эр дьон вокальнай ансаамбыллара, ахсынньы 2 күнүгэр Тандаттан “Дьиэрэй” эр дьон вокальнай ансаамбыллара, 12-с чыыһылаҕа Бороҕоннооҕу ырыа-үҥкүү норуодунай кэлэктиип Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар айар кэнсиэрдэрин көрдөрүөхтэрэ, быыстапкаларын туруоруохтара.
Итини таһынан ити күннэргэ кэлэктииптэр хаһан хайдах тэриллибиттэрин, кимнээх тэрийбиттэрин, кимнээх кыттыбыттарын, ситиһиилэрин олохтоох “Дуораан” араадьыйа нөҥүө билиһиннэриэхтэрэ, биэриилэр күнүс 13.00 чаастан тахсыахтара.
Саха сиригэр күн бүгүн 207 народнай кэлэктиип баарыттан Уус Алдан улууһугар 9 народнай кэлэктиип айымньылаахтык үлэлиир, айар-тутар. Бу кэлэктииптэргэ нэһилиэктэр олохтоохторо, учууталлар, үөрэнээччилэр, медицина, тыа хаһаайыстыбатын, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын, сибээс, култуура үлэһиттэрэ, дьиэ хаһаайкалара, пенсионердар бэйэлэрин иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааран, талааннарын арыйан, нэһилиэккэ ыытыллар араас култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ кытталлар, тэрийсэллэр, улуус, өрөспүүбүлүкэ, Россия, аан дойду таһымнаах куонкурустарга, фестивалларга кыттан улууспут аатын ааттаталлар.
Улууспутугар “народнай самодеятельнай кэлэктиип” аат аан бастаан 1966 сыллаахха Саха АССР култуура министиэристибэтин алтынньы 1 күнүнээҕи 258 №-дээх бирикээһинэн Найахытааҕы үҥкүү-ырыа кэлэктиибигэр иҥэриллибитэ. Онтон 1971 сыллаахха Бороҕоннооҕу ырыа-үҥкүү кэлэктиибэ, 1980 сыллаахха “Кэнчээри” оҕо ансаамбыла, 1986 сыллаахха Суотту норуодунай тыйаатыра, 1990 сыллаахха Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын иһинэн үлэлээбит “Мүрү” фотостудия, 1992 сыллаахха Чараҥ оскуолатын иһинэн үлэлээбит “Чараҥ” декоративнай-прикладной кэлэктиип, эмиэ ити сыл “Кэскил” оҕо вокальнай-инструментальнай ансаамбыла, 1993 сыллаахха Тандаҕа “Дьиэрэй” эр дьон вокальнай ансаамбыла, 1997 сыллаахха Чэриктэйгэ үлэлээбит “Сандалы” эстраднай бөлөх, 2001 сыллаахха Түүлээххэ “Аргыс” эр дьон вокальнай ансаамбыллара, 2012 сыллаахха Тумул “Айыллан” драматическай кэлэктиибэ “народнай кэлэктиип” аатын ылбыттара. Итини таһынан 2015 сыллаахха “Чараҥ” декоративнай-прикладной кэлэктиибин народнай статуһа “Алтан Кыл” вокальнай-инструментальнай айар студияҕа көһөрүллүбүтэ.
Уус Алдан улууһун култуураҕа управлениетын матырыйаалынан