Алтынньы 20 күнүгэр Мүрү 2№-дээх орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Күн” диэн оҕо хамсааһынын салайа, көҕүлүү сылдьар Өрөспүүбүлүкэ лицейын үөрэнээччилэрин түмсүүтэ Уус Алдан улууһун оскуолаларын оҕолорун кытары көрсүһүү буолла.
Бу күн улуус оскуолаларыттан ийэ тылларын таптыыр оҕолор түмүстүлэр. Хамаандаларга арахсан төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар туох үлэ барыан сөбүн туһунан бэйэлэрин санааларын үллэстэн, бырайыак оҥорон көмүскээтилэр. Бу тэрээһин туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитин туһунан үөрэх управлениетын методическай отделын начальнигын солбуйааччы Лена Дьяконоваттан уонна “Күн оҕолоро” түмсүү чилиэниттэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей 10 гуманитарнай кылааһын үөрэнээччититтэн Валерия Михайловаттан ыйыталастым:
– Лена Семеновна, бүгүҥҥү тэрээһин туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Бүгүн биһиги улууспутугар “Күн” түмсүүттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей интернат үөрэнээчилэрэ кэллилэр. Кинилэр сүрүн сыаллара саха тылын сайыннарар, тарҕатар туһугар улуустарга сылдьан оҕолору түмэн, маннык тэрээһини ыыталлар. Оҕолор бэйэлэрэ баҕа өттүлэринэн сахабыт тыла сүппэтин, сайда турарын туһугар үлэлэһэ-сүбэлэһэ кэлбиттэрэ олус хайҕаллаах буолар.
– Валерия, бу түмсүү туох сыаллааҕый?
– Сахабыт тыла сүппэтин туһугар, саха тылыгар ыалдьар, чөлүгэр түһэрэр баҕалаах оҕолор мустуулара буолар. Биһиги улуустары кэрийэн араас оонньуулары ыытабыт, санаабытын атастаһабыт. Билигин биһиги биэс улууһу кэрийдибит, өссө да Саҥа дьылга диэри 12 улууска сылдьыахтаахпыт.
– Эн санааҕар, сахабыт тыла тоҕо сүтэн эрэрий?
– Оҕо кыра эрдэҕиттэн ютубка нууччалыы мультиктары көрөн улаатар, тулалыыр эйгэтэ, төрөппүттэрэ нууччалыы кэпсэтэллэр. Онон төрөөбүт тылларынан сатаан саҥарбат буолуулара элбээтэ.
– “Күн” оҕолоро түмсүү хаһааҥҥыттан баар буолбутай?
– 2023 сыл муус устар 15 күнүгэр бастакы түмсүү буолбута. Онтон ыам ыйыттан саҕалаан оскуолаларга сылдьыыбыт саҕаламмыта. Оҕо оҕону быдан үчүгэйдик өйдүүр. Мин саныахпар, маннык түмсүү баар буоллаҕына, сахабыт тыла сүтүө суоҕа, сайда-чэчирии туруоҕа!
Төрөөбүт тылбыт тоҕо мөлтөөбүтүн итиэннэ инникитин хайдах сайыннарар туһунан оҕолор санааларын кытта билистим.
Карина Лугинова, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
– Бу билигин 10 хамаандаҕа арахсаммыт, оҕолор былаан оҥоро сылдьабыт, хайдах саха тылын сүтэрбэт гына идея үллэстэбит. Онтон аҕыйах кэминэн былааммытын көмүскүү тахсабыт.
– Эһиги былааҥҥытын кылгастык кэпсиигин дуу?
– Кылгастык эттэххэ, оскуола оҕолоругар саха тылын уруогун чааһын элбэтэргэ диэн. Тоҕо диэтэргин, саха тылын уруогун чааһа олус аҕыйах. Уонна хас чиэппэр аайы оскуолаҕа сахалыы спортивнай оонньуулары тэрийэргэ. Оҕолор сахабыт омугун төрүтүн умнубатын гына.
Айхал Егоров, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын үөрэнээччитэ:
– Мин санаабар, оҕолор үксүн нууччалыы саҥаран эрэр буолаллар. Нуучча тыла быдан наадалаах диэн нуучча тылынан саҥарар буолаллар дии саныыбын. Ол иһин саха тылын иккис тылын курдук илдьэ сылдьаллар.
Варя Рожина, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
– Биһиги саха норуота буоллахпыт дии, ол иһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тылбытын тута сылдьыахтаахпыт, сайыннарыахтаахпыт.
Эрсан Готовцев, Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
– Саха тылын хайдах харыстыахха сөбүй?
– Оттон бу оҕолор билигин нууччалыы саҥараллар дии, онно хоһоон ааҕан, сахалыы киинэ көрөн, сахалыы кинигэлэри ааҕан сайыннарыахха сөп.
– Эн нууччалыы саҥараҕын да?
– Мин нууччалыы саҥарбаппын. Дьиэбэр наар сахалыы саҥарабын, дьонум эмиэ сахалыы саҥараллар, оскуолаҕа эмиэ сахалыы саҥарабын.
Оҕолор бырайыактарын оҥоро сылдьар кэмнэригэр уһуйааччылар бэйэлэрэ “Төгүрүк остуол” тула мустан, санааларын үллэһиннилэр. Бу хамсааһын үлэтэ ситиһиилээх буоллун. Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бүк эрэнэбин.
Ньургуйаана Гуляева, Чараҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин пресс-киинэ