Бороҕоҥҥо икки дыбарыастанныбыт!

Дьэ, доҕоттор, бэҕэһээ биһиэхэ, уус алданнарга, чахчы даҕаны үрдүк өрөгөйдөөх күн буолан ааста. Ааспытын кэннэ санаан көрөн: «Бу биһиэхэ, Бороҕоҥҥо дуо?» – диэтим. Тоҕо диэтэххэ, били аатырда кэпсиир баараҕай тутуулартан биирдэстэрэ бу биһиэхэ үлэҕэ киирбит спорт дыбарыаһа эбит!

Онон Бороҕоҥҥо икки дыбарыастанныбыт! Хайдахтаах курдук үчүгэйий! Аһыллар күнүгэр аттыгар кэлэн хантайан көрбүппүт үс этээстээх үрдүк уораҕай эбит! Иһигэр киирдэххэ – иһирдьэ диэки бара турар үтүмэн элбэх хостоох эбит. Сүрүн эркинигэр биһиги улуус спорт өттүнэн киэн туттуубут Николай Тарскай мэтириэтэ: «Миигин көрүҥ, үөрүҥ-көтүҥ!» – диэбиттии уруйдуу көрүстэ.

Хаҥас диэки аанынан дьон кэнниттэн батыһан сыһыы диэбит курдук сырдык, киэҥ сиргэ ааны аргыый аһан киирэн кэллибит. «Бай, бу ханна киирдибит?» – диэн үөрэ-көтө ыйытыыбытыгар хата биир эдэр киһи хардатынан сүүрүктэр дьарыктанар сирдэрэ диэн буолла. Салгыы «үөһээ тахсан олоруҥ» диэни истэммит кирилиэһинэн дабайан аны алаас саҕа саалаҕа баар буола түстүбүт. Тыый, бу тугуй? Харахпыт алаарыйан, санаабыт сандаарыйан үөрүүттэн бөтө бэрдэрэн чочумча тура түстүбүт, уҥа-хаҥас көрдүбүт.

Киириигэ урукку маҕаһыын уочаратыныы үгүс киһи үтүрүһэ-үтүрүһэ киирбит курдуга да, манна киирэн бары толугураһан хааллыбыт. Оннук киэҥ киэлилээх дойду эбит. Олорор сири элбэхтэн кэрийэ сылдьан талан буллубут уонна дьэ үчүгэйдик өйдөөн-дьүүллээн көрдүбүт.

Бу бэйэлээх килэрийбит-халарыйбыт саалаҕа эрчиллиэххэ диэтэххэ эриэккэс, сүүрүөххэ-көтүөххэ диэтэххэ сүүнэ сир эбит… Харах халтарыйар, дууһа ыллыыр, сүрэх үөрэр кэрэ тэрээһин кыттыылаахтара бука бары сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ сүр, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыта олус…

Биһиги Надежда Свинобоевалыын бу аарыма тутууга кыттыгастаах кыыспытын, ииппит-үөрэппит оҕобутун Айна Неустроеваны булан эҕэрдэлээтибит, ситиһиини баҕардыбыт, бииргэ хаартыскаҕа түстүбүт. Маннык үөрэнээччилээхпитинэн киэн туттуу иккиэммитин сылаастык кууста, үөһэ көтүттэ, учуутал буолуу дьолун өссө төгүл биллэрдэ. Эдэр ыччаппыт туһугар бу үйэлээх тутууну төрүттэспит, тутуспут, кыттыспыт дьоҥҥо барыларыгар барҕа махтал буолуохтун! Манна эрчиллэн, эбиллэн, сайдан спортсменнарбыт чыпчаалга тиийдиннэр, улуустарын ааттата турдуннар!

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше