Бороҕоҥҥо бөх хомуурун боппуруоһа кыаллара өссө да уустук

Оннукка тиэрдэ сатааччынан эрэгийиэннээҕи оператор эбит диэн санааҕа кэллим. Бороҕоҥҥо, сокуон хараҕынан эттэххэ, кытаанах хомунаалынай тобох хараллыыта быйыл кыһыҥҥыттан бэрт сытыы кыһалҕа буолбутун туһунан суруйуулар, видеоустуулар социальнай ситимнэри толорон кэбистилэр.

Ол иһин бүгүн улуус дьаһалтатын таһымыгар Уус Алдаҥҥа үлэлиир “Экологические системы Якутии” диэн эрэгийиэннээҕи оператор бэрэстэбиитэлин кытары видеосибээс нөҥүө мунньах буолла. Мунньаҕы улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев салайан ыытта. Манна Мүрү дьаһалтатын, улуустааҕы административнай хамыыһыйа, айылҕа харыстабылын улуустааҕы инспекциятын салайааччылара кыттыыны ыллылар.

Үөскээбит балаһыанньаны туоратыыга Мүрү дьаһалтатын уонна улуус салалтатын өттүттэн араас этиилэр оҥоһулуннулар. Онно бэрэстэбиитэл Валерий Семенович эбии үлэһити көрүүгэ эбэтэр тэҥҥэ үлэлэһэр тэрилтэни булууга үп-харчы тиийбэтигэр тирэҕирдэ. Бөх тиэйэр массыына суоппара мөлтөхтүк үлэлиирин туһунан этиигэ эмиэ күттүөннээх хоруйу биэрбэтэ. Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын өттүттэн ыһыллыбыт бөҕү хомуйууга биригээдэ тэриллиэн сөбүн, онно төлөбүрүн оҥорор туһунан этиигэ эрэ сөбүлэстэ. «Төһө улахан үлэ оҥоһуллуохтааҕын суоттаан баран дуогабаргытын түһэриҥ» диэтэ. Оттон Мүрү нэһилиэгин иһигэр бөх тоҕор 61 былаһаакка баар.

Уопсайынан, оператор өттүттэн үлэ тэрээһинэ мөлтөхтүк барара ыйылынна. Ол иһин, Мүрү улахан нэһилиэк буоларынан, учаастак салайааччыта диэн үлэһити тутарга этии киирбитигэр сөбүлэспэтэ, «үлэни кыайыахпыт, кэҥээн бардахпытына эрэ оннук үлэһити көрүөххэ сөп» диэн хоруй кэллэ.

«Үлэ оҥорумтуотун үрдэтиигэ анаан эбии бөх таһар массыына кэлэр ый бүтүүтэ кэлиэҕэ уонна докумуона ситтэҕинэ Бороҕоҥҥо ыытыахпыт», – диэн бэрэстэбиитэл эттэ. «Ол кэллэҕинэ эбии Чараҥ, Майаҕас бөһүөлэктэрин бөҕүн тиэйиэҕэ» диэн этиини улуус салалтата да, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата да ылымматылар. Онон «Бастаан Мүрү нэһилиэгэр үлэ хайдах тэриллэриттэн көрүөхпүт» диэн буолла.

Үлэни сатаан тэрийбэтиттэн аймалҕан тахсарын билэ-билэ, ону ылыммат тэрилтэҕэ эрэнимиэххэ да сөп курдук эрээри атыҥҥа көһүү мачайа өссө улахан буоллаҕа. Бөх иһин мөлүйүөнүнэн харчыны ылар эрэ туһуттан итинник быһыыланар сиэргэ баппат.

Афанасий Сектяев