Бороҕон нэһилиэгэр Тумулга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан 24 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирээри турар. Быйыл 90/40 миэстэлээх оскуола-саад инвестбырагыраамаҕа киирбит, ону таһынан, спортзал бырайыага оҥоһуллан түмүктэнэн эрэр. Ититии боппуруоһугар хочуолунайга күүһүрдүү үлэтэ барбыт. Онон бөһүөлэккэ тутуу тэтимнээҕэ бэлиэтэннэ.
Бөһүөлэккэ 30 ыал дьиэтэ киинтэн ититиигэ холбонон олороллорун этэн туран, быйыл эмиэ үгүс дьиэҕэ киириэхтээҕин, онно улуус дьаһалтатын өттүттэн өйүүллэригэр көрдөстүлэр. Итиэннэ, нэһилиэккэ бизнес инкубатор, канализационнай ыраастыыр ыстаансыйа баар буоларын туруорустулар.
Элэһин учаастагар саамай тыын боппуруостара – ититии. Эрдэ чааһынай хочуолунай туһунан кэпсэтии бара сылдьыбыт да, тутуох киһи көстүбэтэх. Онуоха ДьУоКХ улуустааҕы филиала аккаастаммат, үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Итиэннэ ыаллар дьиэлэригэр оптоволокно ситиминэн сибээһи хааччыйары туруорустулар, билиҥҥитэ тэрилтэлэргэ эрэ киирэн турар эбит.
Олохтоохтор кыра учаастак куруук үтүрүллүүгэ сылдьарын улаханнык сонньуйалларын биллэрдилэр. Холобур, билиҥҥи кэм ирдэбилинэн граннарга, олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн бөһүөлэктэрин тупсарыахтарын нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаҕынан хапсыбаттарыттан абатыйаллар.
Оскуолаларыгар түөрт оҕо үөрэнэр, эргэ уопсай дьиэни оскуола оҥостон олороллор. Бу дьиэ тымныыта, үөрэнэргэ усулуобуйа суоҕа кыһалҕалаах. Онон олохтоохтор саҥа кыра оскуоланы туруорсаллар.
Бороҕон нэһилиэгэр 10 урбаанньыт баарыттан алтата Элэһиҥҥэ баар. Киинтэн ититиигэ холбонуу киирэр түгэнигэр, нэһилиэнньэ ахсаана элбииригэр, атын сиргэ кыстыыр олохтоохтор төннөллөрүгэр, оччоҕо бөһүөлэк сайдан, тэнийэн тахсарыгар бүк эрэллээхтэр, айылҕалара үчүгэйинэн, турар сирэ табыгастааҕынан санаторий да тутуллуон сөбүн ыралыыллар.
Мария Аргунова