Муус устар иккис өрөбүлүгэр Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн СӨ Ил Дархана Егор Борисов 2017 сыллаахха олунньу 6-с күнүнээҕи ыйааҕынан олохтоммута. Быйыл муус устар 14 күнүгэр бэлиэтиэхпит. Ону көрсө оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэриттэн билиҥҥи кэмҥэ уол оҕо хайдах буолуохтааҕын туһунан санааларын ыйыттыбыт.
Эрхан ВИНОКУРОВ, Бэйдиҥэ орто оскуолатын
8-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Билиҥҥи уол оҕо уобараһа уһулуччу үчүгэй диэбэппин. Тутта-хапта сылдьыыбыт, тылбыт-өспүт боростуой. Бары биир киһи курдук боччумнаах, бэрээдэктээх, төрөөбүт тылбытынан лоп бааччы саҥарар-иҥэрэр, төлөпүөҥҥэ наһаа улдьаарбакка успуорду өрө тутан, үчүгэй майгылаах, түмсүүлээх буоларбыт эбитэ буоллар диэн баҕалаахпын. Мин сүүрүүнү, ыстаныыны сэҥээрэбин. Уол оҕо дьиэ кэргэнигэр хайаан да көмөлөһүөхтээх, үлэлээн эрэ харчы ыларын өйдүү улаатыахтаах.
Артем АЛЕКСЕЕВ, Мүрүтээҕи уолаттар
гимназияларын 11-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ:
– Билиҥҥи кэм уола үөрэххэ, спортка бастыҥ, бэйэтин көрүнэр. Интэриниэт ситимэ баһыйда эрээри, дьарыктанар оҕолор элбэхтэр. Уол оҕо сүрүннээн эр киһиэхэ иитиллэн улаатыахтаах, үлэҕэ кыра сааһыттан уһуйуллуохтаах.
Андриан ЛУГИНОВ, Мүрүтээҕи уолаттар
гимназияларын 9-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ:
– Билиҥҥи кэм уола үөрэҕи, спорду баһылаабыт, хорсун уонна инникигэ эрэллээх. Мин саастыы уолаттары ылан көрдөххө, интэриэстэрэ араас, ким туохха дьоҕурдааҕынан дьарыктаналлар. Мин бэйэм хапсаҕайынан дьарыктаммытым. Билигин эксээмэннэрбэр бэлэмнэнээри тохтоттум.
Ваня Гуляев, Найахы орто оскуолатын
8-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Билиҥҥи кэмҥэ уол оҕо, мин санаабар, урукку кэмтэн туох да уратыта суох. Кини күүстээх санаалаах, эппитин толорор, дойдутун, дьиэ кэргэнин, кыамматы харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Билиҥҥи кэмҥэ үгүс оҕо көмпүүтэр оонньуутугар бириэмэтин барыыр. Ол эрээри, билигин уол оҕо бэйэтин доруобуйатын көрүнэрэ, чөл олоҕу тутуһара эмиэ үксээтэ. Мин спортивнай саалаҕа сылдьарбын ордоробун. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ улахан үлэ (сүөһү көрүүтэ, от-мас, дьиэ ис-тас үлэтэ) үксэ биһиэхэ уолаттарга сүктэриллэр. Үлэттэн куттаммаппыт.
Олимпий БОЧКАРЕВ, Өнөр орто оскуолатын
8-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Билиҥҥи кэмҥэ уол оҕо уобараһа урукку уол оҕоттон тосту уларыйда дии саныыбын. Олохпут сайдан бары интэриниэт нөҥүө наһаа элбэҕи билэбит, арыт солуута суохха бириэмэбитин барыыбыт. Олох сайдыытынан тэҥҥэ хаамсан иһэрбит эмиэ да сөп курдук. Мин иллэҥ кэммэр волейболлуубун, араас күрэхтэһиилэргэ кыттабын. Тыа оҕото син биир дьиэ ис-тас үлэтин оҥоро сылдьан үлэҕэ үөрэнэр.
Мария Аргунова