Бүгүн Бүтүн Россиятааҕы «Биир ньыгыл Россия» политическай партия Уус Алданнааҕы салаатын отчуоттуур-быыбардыыр конференциятыгар улуустааҕы салаа сэбиэтин сэкирэтээринэн улуус дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов талылынна.
Ону таһынан партия чилиэннэрин кистэлэҥ куоластааһыннарынан хонтуруоллуур хамыыһыйа чилиэннэринэн Лөгөй орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Марина Петрова, биэнсийэҕэ олорор Прокопий Харитонов, урбаанньыт Гавриил Шелковников буоллулар.
Оттон сэбиэт састаабыгар улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокений Аммосов, I Хоро нэһилиэгин баһылыга Василий Бурцев, улуус дьаһалтатын аппараатын салайааччы Мария Горохова, үөрэх салалтатын начаалынньыга Степан Литвинцев, Өнөр нэһилиэгин баһылыга Николай Лукачевскай, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрин э.т. Иван Копырин, улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев, партия Мүрү нэһилиэгиенээҕи маҥнайгы сүһүөх салаатын сэкирэтээрэ Валентина Шадрина киирдилэр.
Мария Аргунова