Саха АССР-ы тэрийии бүтэһиктээх юридическай күүһүгэр 1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр БРКСК президиумун уурааҕынан ылыныллыбыта, Саха АССР киин куората, кыраныыссата 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт Декретинэн председатель М. Калинин, секретарь А. Енукидзе илии баттааһыннаах бигэргэтиллибитэ.
Тыа сирин улуустарыгар Сэбиэскэй былааһы чөлүгэр түһэрии кэнниттэн Бороҕон, Дүпсүн уонна Байаҕантай улуустарыгар Саха АССР тэриллибитигэр аналлаах Сэбиэттэр дьокутааттарын киэҥ ыҥырыылаах мунньахтара балаҕан ыйын бүтэһик, алтынньы бастакы күннэригэр ыытыллар кыахтаммыттара. Ол күннэри бигэргэтэр чахчы “Автономная Якутия” хаһыат 1922 сыл алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр Бороҕон улууһун эҕэрдэтэ бэчээттэммит эбит:
“1922 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр буолбут Бороҕон улууһун Советтарын депутаттарын холбоһуктаах мунньахтара Саха сиригэр автономия бэриллибитин, Саха АССР байыаннай-политическай балаһыанньатын тустарынан дакылааты дьүүллэһэн баран бэлиэтиир:
Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката тэриллибитинэн Саҥа Экономическай Политика уонна революционнай сокуоннас олохтоноллорунан улуус үлэлээн иитиллээччилэрин итиитик эҕэрдэлиибит.
Экономическай уонна культурнай өттүнэн мөлтөх сайдыылаах, хаалыылаах хаһаайыстыбалаах Саха сирэ Советскай Россия федеративнай састаабыгар эрэ сылдьан, экономическай өттүнэн сайдыылаах уонна күүстээх норуоттар көмөлөрүн туһанан автономнай Саха сирин туругурдар кыахтаах.
Советскай былаас Саха сиригэр автомияны биэрэн туран, үлэһит дьон былааска активнайдык кыттыыларыгар, көлөһүннүүр кылаастары эһиилэригэр, саха норуотун интэриэһигэр уонна олохтоох усулуобуйаҕа толору эппиэттиир государственнай итиэннэ чааһынай хаһаайыстыбаны көҥүллүк сайыннаралларыгар, культурнай тутууну былааннаахтык ыыталларыгар итиэннэ үрүҥ баандалары укатыннаахтык эһиигэ көмөлөһүөҕэ.
Революционнай сокуоннас халбаҥасуох чуолкайдык тутуһуллуохтаах, эрэйи-кыһалҕаны, өлүүнү-сиэртибэни көрбүт Саха сиригэр кытаанах правовой бэрээдэк олохтонуохтаах.
Олохтоох Советтарга быыбардары ыытан, улуустарга, уокуруктарга уонна бүтүн Саха сирин үрдүнэн Советтар съезтэрин ыҥырталаан, сокуоннайдык быыбардаммыт былаас органнарын – рабочайдар, саллааттар уонна бааһынайдар Советтарын нормальнайдык үлэлэтии – билиҥҥи кэм уочараттаах соруга.
Туругурдун РСФСР! Туругурдун Саха АССР!
Мунньах председателэ И. Новгородов. Секретарь И. Пухов”.
Бу кимнээхтэрин быһаарар буоллахха маннык: Иван Дмитриевич Новгородов – РСФСР, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, историк, археолог, кыраайы үөрэтээччи. Е. Ярославскай аатынан музейга өр кэмҥэ үлэлээбит научнай үлэһит, Иннокентий Васильевич Пухов – Саха АССР наукатын үтүөлээх деятелэ, филологическай наука кандидата. Москваҕа Аан дойдутааҕы литературнай институтка 25сыл научнай сотруднигынан үлэлээн олоҥхону уонна Сибиир норуоттарын эпостарын үөрэппитэ. И. Новгородов уонна И. Пухов Иркутскай университетын 30-с сылларга үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.
“Автономная Якутия” хаһыат 1922 сыл алтынньы 19 күнүнээҕи нүөмэригэр аны Дүпсүн улууһун үлэһиттэрин бэрэстэбиитэллэрин съеһэ Саха сиригэр автономия бэриллибитин туһунан боппуруоһу дьүүллэһэн баран, резолюция ылыммыттара бэчээттэммит:
“Биһиги гражданскай сэрии бары ыарахаттарын санныбытыгар сүгэн билбит Дүпсүн улууһун үлэһит дьоно, Саха АССР тэриллибитин өрө көтөҕүллэн эҕэрдэлиибит. Советскай былаас Саха кыраайын экономическай уонна культурнай өттүнэн сайыннарарга ылынар дьаһалларын, үрүҥ баандалар өрө турууларын утары охсуһууга тускуллаах байыаннай-политическай линиятынбиһириибит.
Мунньах председателя А. Сыроватскай, Секретарь Н. Бурнашев”
диэн суруллубут.
Онтон 1922 сыл алтынньы 20 күнүнээҕи нүөмэригэр Байаҕантай улууһун туһунан суруллубут.
“Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрдээх Советтарын депутаттара 1922 сыл алтынньы 2 күнүгэр буолбут 60 киһилээх съезтэрэ Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката тэриллибитин итиитик эҕэрдэлииллэр.”
Ити сыл от ыйыттан сэтинньигэ диэри бу 3 улууска крайком дьокутаата уонна боломуочунайа Н.Н. Окоемов автономия туһунан сүрүн дакылааттары оҥорбута, мунньахтары ыыппыта биллэр. Кини сэтинньи ыйтан ыла Бороҕон улууһун исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
Салайар дьоҕурун көрдөрбүт Н.Н. Окоемовы республика салалтата өйөөн Москваҕа үөрэттэрэ ыытар. 1929 сылтан ыла партия уобаластааҕы комитетыгар үлэлиир,1931-1938 сылларга обком 2-с сэкирэтээринэн репрессияҕа түбэһиэр диэри үлэлээбит. 1930-с сылларга республикаҕа колхозтааһын, культурнай революция, бастакы, иккис пятилеткалар былааннарын олоххо киллэрсибит Н.Н. Окоемов саха норуотун биир биллэр-көстөр салайааччыта буола үүммүтэ, сайдыбыта.
Геннадий Пестряков, учуутал