Биир дойдулаахпыт киинэтэ ситиһиилэннэ

Муус устар 25 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Кыталыктаах кырдалым» («Там, где танцуют стерхи») диэн саҥа сахалыы киинэ тахсаары турар. Бу киинэ Чукоткаҕа Анадырь куоракка буолбут Арктикатааҕы «GOLDEN RAVEN» («Золотой ворон») норуоттар икки ардыларынааҕы VIII бэстибээлгэ Гран При үрдүк аатын ылла.

Манна 11 омук бастыҥ киинэлэрэ киирсибиттэрэ. Киэн туттуохпут иһин, киинэ режиссера биир дойдулаахпыт, Чараҥ бөһүөлэгиттэн төрүттээх Михаил Лукачевскай буолар. Кини ситиһиитин туһунан биир дойдулаахтарыгар маннык кэпсээтэ:

– Мин оҕо сылдьан Кыталык Уйбаан кэпсээннэрин сөбүлээн аахпытым. Чуолаан «Кустугу ситтэрбиэн» диэн айымньытын олус сөбүлээбитим. Киинэ курдук харахпар оҥорон көрөр этим. Ол баҕа санаабын олоххо киллэрэрбэр Амма улууһун дьаһалтата, дьоно-сэргэтэ утары бараннар, өйөөннөр, киинэбит таҕыста. Киһи аҥаардас бэйэтин баҕатынан эрэ киинэ устубат буоллаҕа.

Киинэни 2021 сыллаахха устубут эбит буоллахпытына, кыталык үҥкүүтэ компьютернай графиканан уһуннук оҥоһуллан тардыллан хааллыбыт. Кыталык үҥкүүтүн көрбүт киһи дьоллоох буолар дииллэр. Киинэ нөҥүө кыталык үҥкүүтүн дьоҥҥо көрдөрөн, кинилэр санааларын сырдатаар, дьолу уунар киинэм сүрүн идеята буолар.

Киинэбит бастакы сүрэхтэниитэ муус устар 15 күнүгэр «Золотой ворон» бэстибээлгэ көһүннэ. Индияттан, Кытайтан дьүүллүүр сүбэҕэ кэлбиттэр этэ. Биһиги киинэбитин дьон-сэргэ наһаа сөбүлээбит, ытаан, күлэн, үөрүүнэн туолан эмоция бөҕөтүн ылбыттар этэ.

Урукку өттүгэр психологическай, уустук киинэлэри устар эбит буоллахпына, бу киинэм быдан судургу, оҕолорго да өйдөнүмтүө. Классическай киинэ, ол иһин норуокка үйэлэргэ хаалар киинэ буолуо дии саныыбын. Өссө бу бэстибээлгэ сүрүн оруолу оонньообут уолбут Миша «Эр киһи бастыҥ оруола» анал аатынан наҕараадаланна.

Мария Аргунова