Биир дойдулаахпыт Анастасия Васильева 27-с сылын кэрэни кэрэхсииргэ уһуйар

Биhиги Бээрийэбитигэр эҥин бэйэлээхтэр, араас айдарыылаахтар төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан дойдуларын сураҕырдаллар. Кинилэртэн биир сэдэх идэлээх киhинэн энтузиаст, СӨ култууратын туйгуна Анастасия Васильева буолар.

Кини 1996 сыллаахха, оччолорго уустук кэмҥэ, төрөөбүт дойдутун кытыы сир диэбэккэ, кыахпыт кыратыттан толлубакка, ахсааммыт аҕыйаҕын аахсыбакка, суол-иис мөлтөҕүттэн тутуллубакка, Улан Удэтээҕи култуура институтун бүтэрэн хореограф идэтин ылбыта. Бээрийэҕэ олохсуйан, аныгы олоххо оҕону уhуйаан сааhыттан ыччатыгар, улахан киhитигэр, кырдьаҕаhыгар тиийэ эт-сиин өттүнэн сайыннарыыга, кэрэни кэрэхсииргэ, талбыт курдук быhыылаах-таhаалаах, дьүhүннээх-бодолоох, үрдүк култууралаах буолууга 27-с сылын уhуйан кэллэ.

Анастасия Васильева Бээрийэҕэ 1965 сыллаахха төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн үҥкүүлүөн баҕарар эбит да, кыра бөhүөлэккэ оччолорго үөрэтэр киhи суоҕа. Ол эрээри баҕатын ыhыктыбакка, оскуола кэнниттэн икки сыл Герой Егоров сопхуоhун Бээрийэтээҕи отделениетыгар ыанньыксытынан үлэлээн баран, Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Училищены бүтэрэн, сыалын ситиhэ, аны Улан Удэҕэ барар…

«Дьиэрэӊкэй» оҕо үӊкүү ансаамбылын бастакы састааба. 1997 сыл.

Бээрийэ орто оскуолатыгар ритмика учууталынан үлэлии кэлбит сылыгар, 1996 сыллаахха оскуола оҕолоругар «Дьиэрэӊкэй» оҕо үӊкүү ансаамбылын тэрийбитэ. Ансаамбыл улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээhиннэргэ көхтөөхтүк кыттара, үӊкүү күрэхтэригэр ситиhиилэнэрэ. 2014 сыллаахха Москваҕа буолбут «Богатство России» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы, «Единство России» диэн аан дойдутааҕы куонкурустарга II истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүттэрэ.

«Дьиэрэӊкэй» кыра бөлөҕө. «Отчут» үҥкүү. 2018 с.

2012 сыллаахха улахан дьоӊӊо «Алаhа» үӊкүү кэлэктиибин тэрийбитэ. 2019 сыллаахха кэлэктиип Москваҕа «Друзья в Москве» диэн аан дойдутааҕы куонкуруска III истиэпэннээх лауреат буолбуттара.

Анастасия Степановна үлэлиир сылларыгар уопсайа 200-тэн тахса үҥкүүнү туруорбута, олор истэригэр «Дьиэрэҥкэй» оҕо ансаамбылыгар 100-тэн тахса, «Алаhа» улахан дьон кэлэктиибигэр, саастаах дьоҥҥо, түөлбэлэргэ, уһуйаан иитиллээччилэригэр  уонтан тахсалыы, араас кэнсиэрдэргэ улахан дьоҥҥо кэлэктиип тэриллиэн иннинэ 50-н тахса. Ону таhынан кини 2005 сылтан «Бээрийэ кыымнара» диэн нэhилиэк иhинэн ыытыллар уhуйаан, оскуола оҕолоругар талааннары көрүү куонкуруһун тэрийэн ыытар.

«Алаhа» коллектива. «Туос тойуга» үӊкүү. 2019 с.

«Алаhа» коллектива. «Бэрбээкэй» үӊкүү. 2018 с.

Сахалыы үҥкүү хамсаныылара биhиги өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугастарын, туттуулара-хаптыылара чэпчэкитин, мындырдарын көрдөрөр. Кини туруорбут, сахалыы ураты үҥкүүлэрэ ордук киhини долгуталлар, үөрдэллэр. Ол курдук биир дойдулаахпыт Алексей Бэрияк ”Өлөксөөс” диэн сэhэнигэр олоҕуран, “Үлэhит дьахталлар”, Петр Тобуруокап хоhоонугар  “Биэс сурук”, ”Бэрбээкэй”, ”Дэгэрэӊ”, ”Чэйиӊ эрэ, оҕолоор, оонньуоххайыҥ”, ”Кириэс тэбии”, ”Арчы”, ”Туос тойуга”, о.д.а. Айбыт авторскай хамсаныылара өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа тиийэ биhирэммиттэринэн киэн туттабыт. Кини оҕону ритмикаҕа, үӊкүүгэ үөрэтиигэ методикаларын суруйбута. Алта брошюраны, альбому, 10-н тахса буклеты оӊорбута. Араас таhымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи семинардарга маастар-кылаастары ыыппыта.

«Алаhа» коллектива. «Үлэhит дьахталлар» үӊкүү. 2018 с.

«Алаhа» коллектива. «Биэс сурук» үҥкүү. 2019 с.

Анастасия Васильева СӨ култууратын туйгуна, «Уус Алдан улууhун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иhин», «Уус Алдан улууhун култууратын сайдыытыгар кылаатын иhин” бэлиэ хаhаайката, 2012, 2014 сылларга Уус Алдан улууhун култууратын лауреата, 4 оҕо күн-күбэй ийэтэ, тапталлаах эбээ. Кэргэнэ Илья Егорович улахан бааhынай хаhаайыстыбаны салайарыгар күүс-көмө буолар.

Туяра Никифорова, уопсас. кэрэсп., Мария Васильева, АГИКИ студена

Читайте дальше