Биир дойдулаахпыт, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус –Алдан бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Николай Саввич Пестряков библиотека туһунан хоһоон хомоҕой тылынан маннык этэн кэбиспиттээх:
Библиотека – өй-санаа ырайа,
Библиотека – улуу бараммат кылааппыт,
Библиотека – бары норуот киэргэлэ,
Библиотека – барыбыт киэн туттуута.
Кырдьыга даҕаны оннук, дирбиэннээх-дарбааннаах 20-с сыллардааҕы ааҕар балаҕаннартан, ол да инниттэн биирдиилээн тэриллэн үлэлээбит библиотекалар, библиотека үлэһиттэрэ билиини-көрүүнү тэҥэ, сырдыгы, кэрэни хас сүрэххэ сахпыттарын билигин кэлэн ааҕар кыаллыбат.
Саха норуотун бастакы көүлүөнэ интеллигенциятын бас-көс киһитэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр биир бастыҥ ыра санаатынан саха дьоно үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх, аан дойду сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан иһиилэрин ситиһии этэ. Кини олоҕун устата ол ыратын олоххо киллэрэр туһугар туруулаһан үлэлээбитэ. 1898 сыллаахха Дьокуускайга бастакы босхо библиотеканы тэрийбитэ. Бэйэтин кэриэс суругар өр сыллар устата муспут саамай күндүтүк саныыр баайын-библиотекатын Дүпсүнүн дьонугар-сэргэтигэр аныырын эппитэ.
В.В. Никифоров тус бэйэтин кэриэһэ төһө даҕаны туолбатаҕын, олоххо киирбэтэҕин иһин, биһиги улууспут дьоно, эдэр ыччата билиигэ-көрүүгэ тардыһыылара күүстээҕин 1924 сыллаахха Бороҕон улууһун киинигэр Томторго оскуола үөрэнээччилэрин этиилэринэн тэриллибит В.И. Ленин аатынан народнай библиотека туоһулуур. Бу үтүө бачыымы Саха АССР Норуот үөрэҕириитигэр Наркомун иһинэн үлэлиир Политпросвет отделын сэбиэдиссэйэ А.Ф. Бояров народнай библиотека тэриллиитин үчүгэй саҕалааһынынан сыаналаан, Наркомпрос өрүүтүн моральнай уонна материальнай өттүнэн өйүөҕүн иһитиннэрэн туран, Саха сирин бары улуустарын уонна волостарын кииннэригэр кинилэр холобурдарын батыһалларыгар ыҥырбыта. Народнай библиотека сэбиэдиссэйинэн Г.П. Босиков ананан үлэлээбит.
Ааспыт үйэ дирбиэннээх-дарбааннаах 20-с сылларын аанын кытаанахтык сабан күүрээннээх 30-с сыллар кэлэллэр. История кыларыйан турар кырдьыгын кэпсиир чахчылар маҥнайгы народнай библиотека базатыгар тирэҕирэн 1937 сыллаахха Уус Алдан оройуонун библиотеката тэриллибитин кэпсииллэр. Библиотека бастакы сэбиэдиссэйинэн Т.Ф. Замятина 1937-1947 сылларга үлэлээбитэ.
Сэрии кэннинээҕи олох тэтимнээхтик сайдан, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута. Дойду үрдүнэн библиотекалар үлэлэрэ иннин диэки киэҥ хардыынан хаампыта. Ол биир көстүүтүнэн оҕо ааҕыытыгар болҕомто улаатыыта буолбута. Оройуоҥҥа 1961 сыллаахха оҕо библиотеката тэриллибитэ.
1978 сыллаахха оройуон 26 библиотеката кииннээһиҥҥэ киирэн биир тиһик буолуулара ситиһиллибитэ. Тиһик бастакы директорынан С.И. Максимова анаммыта, салгыы директорынан З.В. Мигалкина үлэлээбитэ. 1993 сылтан кииннэммит библиотека тиһигин В.Н. Окоемова салайар. Кииннээһин сүрүн ситиһиитинэн нэһилиэк филиалларын библиотекардарын үлэлэрэ-хамнастара киинтэн салаллыыта, үлэһиттэргэ методическай, библиографическай өттүнэн көмө оҥоһуллуута буолбута.
Күн бүгүн Уус Алданнааҕы кииннэммит библиотека тиһигин иһинэн С.С. Васильев–Борогонскай аатынан Киин, Оҕо уонна ыччат ааҕар киинэ – «Сыккыс» библиотека уонна 26 нэһилиэк библиотекалара Российскай Федерация уонна Саха Республикатын библиотекаларын сайдыытын Стратегияларын, Модельнай Стандартарын сүрүн ирдэбиллэринэн үлэлииллэр.
Кииннэммит тиһик үлэтин «Уус Алдан улууһугар культура сайдыыта 2023-2027 сылларга» муниципальнай программа «Уус Алдан улууһугар библиотека бигэтик сайдар эйгэтин тэрийии» подпрограмманан сүрүннүүр. Кииннэммит библиотека тиһигин 26 нэһилиэк библиотекатыттан 8 библиотека туспа дьиэлээх-уоттаах.
2022 сыллаахха В.В. Никифоров–Күлүмнүүр аатынан саҥа Культура Дыбарыаһыгар С.С. Васильев–Борогонскай аатынан улуустааҕы Киин библиотека, Оҕо уонна ыччат ааҕар киинэ – «Сыккыс» библиотеката үлэлиир.
Улууска библиотека дьыалатын сайдыытын кэрэһэлиир биир хайысханан модельнай библиотекалары тэрийии буолар. 2023 сылга улууска 14 бастыҥ библиотекалар нэһилиэнньэҕэ Интернет ситимин, аныгы технологиялары туһанан ааҕааччыны информациянан толору хааччыйар, тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлээх-уоттаах модельнай библиотека статуһун ыллылар. Бу үлэлэр нэһилиэк баһылыктарын күүстээх өйөбүллэринэн олоххо киирэрин бэлиэтиибит.
Быйыл, 2024 сылга, Уус Алдан бастакы библиотеката тэриллибитэ 100 сылын коллектив үлэтигэр ситиһиилэрдээх, инникигэ эрэллээх бэлиэтээри олорор. Улуус библиотекалара аныгы технологиялары киэҥник туттан, дьон-сэргэ туһугар үлэлииллэр, билиини-көрүүнү тарҕаталлар, ааннара ааҕааччыларбытыгар өрүү аһаҕас.
Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр олунньу 12 күнүттэн В.В. Никифоров- Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура Дыбарыаһын быыстапкалыыр саалатыгар тэриллибит библиотека историятын сырдатар дириҥ ис хоһоонноох быыстапкаттан саҕаланаллар.
Ольга Павлова, С.С. Васильев–Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр «Алгыс» киинин сэбиэдиссэйэ