Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр бензин сыаната 6-7 солкуобайынан ыараан соһутта. Онно арай “Туймаада-Нефть” хампаанньа сапыраапкаларыгар ыарыы илик диэн буолбута. Ол эрээри, күн бүгүн барыта тэҥнэстэ – аҕыйахтыы солкуобайынан, кэпиэйкэнэн араастаһыылаах. Холобур, илин эҥээргэ Бороҕоҥҥо АИ-98 мааркалаах бензин лиитэрэтэ 68 солк. 40 харчы буоллаҕына, Чурапчыга 68 солк. 20 харчы эбит. Оттон Дьокуускайга 65 солк. 30 харчыга куттуохха сөп. Бу массыыналах дьон ордук сөбүлээн куттар бензиннэрин сыанатын эрэ тэҥнээн көрүү.

Тыа сирин саамай тутаах тиэхиньикэтин тыраахтар сэлээркэтэ олус ыараабыт, ханна да лиитэрэтэ 83 солк тэҥнэстэ. Ити тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ ыарахаттары үөскэтэрэ биллэр.

Экспердэр этэллэринэн, Россияҕа бензин сыаната ырыынак “көҥүл тыынынан” салайтарар эбит. Онон судаарыстыба кыайан хонтуруоллаабат диэн этэллэр. Ол туһунан Дмитрий Медведев “Биир ньыгыл Россия” баартыйа салайааччытын быһыытынан хас да сыллааҕыта Саха сиригэр кэлэ сылдьан этэн турардаах.

Аны аҕыйах хонуктааҕыта сонуннарга сүрүн ас-үөл сыаната үрдүөҕэ диэн кэпсээбиттэрэ. Онон кыһыммыт ыарахан сыана аргыстаах кэллэ.

Афанасий Сектяев