Бэйэ аһын-үөлүн оҥорон таһаарыы туруга хайдаҕый?

Кыстыкка киирии чугаһаата. Аныгы кэммит сүрдээх тэтимнээхтик, балысхан сайдыылаах­тык уонна улары­йымтыатык баран иһэр. Онно сөп түбэһэргэ, бастатан туран, киһи чөл туруга эппиэттэһиэхтээх. Оттон чөл турук күннээҕи аһыыр астан улахан тутулуктааҕын бары билэбит. Биһиги тыйыс айылҕалаах өбүгэбит аһаан кэлбит аһа-үөлэ саха дьонугар олус туһалаах. Онон бу хайысханы хааччы­йар тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа, сайдыыта биһиги олохпутугар улахан суол­талаах.

Улууспутугар эти-үүтү оҥорон таһаарар үс тэрилтэлээхпит. Кинилэр салайааччыларыттан туох сонуннаахтарын, үлэ-хамнас хайдах бара турарын сурастыбыт. “Мүрү Ас” тэрилтэ салайаач­чыта Владимир Колесов тэрилтэ сонуннарыттан бу курдук үллэһиннэ:

– Уопсайа 1 722 туонна үүтү тутар былааннаахпыт, онтон төһөтө туолбута бу ыйга биллиэҕэ.
Бу кэмтэн ыла ”Мүрү Ас” түөрт ха­йысханан үлэлиэҕэ. Ол курдук ыраас ууну 0,5 мл бытыылкаттан саҕалаан 19 л тиийэ иһиттэргэ кутан атыыга таһааран кэллибит.
“Мүрү Ас” иһинэн 2022 сыл олунньутуттан эт аһы астыыр ”Томтор” диэн кэпэрэтииби тэрийэн эт астан полуфабрикаттары уонна барыанньа, джем, сироп оҥоробут. Манна анаан улууспут дьаһалтата 3 мөлү­йүөн үбү көрөн, онно бэйэбит эбэн территориябытыгар 112 кв.м. иэннээх сыах дьиэтин тутан бүтэрэн эрэбит, ис өттүн оҥоһуута хаалла. Этэҥҥэ буоллаҕына, кэлэр ый саҥатыттан үлэҕэ кии­риэҕэ, эбии 3-4 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Билигин 15 үлэһиттээх үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Быйыл улууспутугар биллэриллибит Инфраструктура сайдыытын сылыгар биһиги эмиэ саҥа тутууланныбыт диэн бэлиэтиибин.

Нэһилиэнньэттэн эт тутан саҕалыахпыт. Эт сыаҕа кыһыннары-сайыннары үлэлиэҕэ. Эһиил убойнай былаһаакка арынарга үлэлэһиэхпит.
Билигин дьон аһылыкка ордук болҕомтону уурар, иҥэмтиэ­лээх бэйэ аһыгар дьулуһар буолла. Онон төрөөбүт улуус­пут илгэлээх алаастарыттан тахсыбыт эт аһылыгы оҥорон та­һаа­рар кыахтаммыппытыттан үөрэбит.
Быйыл үчүгэй дьыл буолан, билигин да үүтү тута олоробут. 14 нэһилиэктэн, ол иһигэр 10 сайылыктан үүтү тутабыт, онуоха икки арыы сыаҕа, биир приемнай пуун үлэлиир. Үүтү таһар икки массыына сүүрэр.
Былырыыҥҥы отоммут баар буолан, билигин отон туппатыбыт, хойутуу тутуохпут.

Биир үөрүүлээх сонуммутунан тэрилтэбит ”Лөгөй” диэн ааттаах эрдэҕиттэн мунньуллан кэлбит 44 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах иэспититтэн бу сыл ыам ыйыгар төлөрүйбүппүт буолар.

Манна улууспут дьаһалтата уонна улуустааҕы тыа хаһаа­йыстыбатын салалтата тыа хаһаа­йыстыбатын министиэрис­тибэтин кытта биир ситимнээхтик үлэлэһэн төһүү күүс буол­лулар.
Ону таһынан ”Мүрү Ас” тэрилтэбит дьиэтэ ”Туймаада” агрохолдинг иһинэн сылдьыбыт эбит буоллаҕына, билигин бэйэбит бас билиибитигэр ылан эрэбит.
Хаачыстыбалаах бо­родуук­суйа­ны оҥорон таһаа­рарга, биллэн турар, үчүгэй обо­ру­дование наада. Биһиэхэ би­лигин 2000 сыллаа­ҕы обору­дованиелар тураллар. Олору саҥардыыга, эбэргэ ситиһиилэр баал­лар. Холобур, улахан холодильникпыт аккаас­таан кэбиһэн, эмиэ улуус үп өттүгэр кыраны эбэн уонна тыа хаһаайыстыбатын минис­тиэристибэтин кытта үлэлэһэн саҥа холодильник ыллыбыт. Өссө биир сүрүн тымнытар аппараап­пыт – чиллербыт – аккаас­таан кэбиспитэ. Онно эмиэ улуус дьаһалтатын уонна ”Холодсервис” тэрилтэни кытта үлэлэһэммит мууһурдар генераторы аҕалан туруордубут, итиэннэ министиэристибэбит бырагырааматыгар кыттан ол ороскуоппут 50 %-нын сабынныбыт.
Онон өрө көтөҕүллэн инникитин сайдыыга, таһаарыы­лаах үлэҕэ дьулуһабыт, улууспут дьоно бэйэ бородууксуйатын хамаҕатык ылан өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

Мария Аргунова.

Читайте дальше