Бээрийэҕэ уһуйаан дьиэтэ, биэлсэр суоҕа элбэҕи атахтыыр

Быйаҥ сирдээх-уоттаах Бээрийэҕэ олоҕу-дьаһаҕы билсибэтэх ырааппыт. Ону билиҥҥи кэмҥэ төлөпүөн нөҥүө билсиэххэ сөп. Ол эрээри, сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордуга биллэр. Төһө да аныгы сайдыылаах үйэҕэ үктэннибит диэтэрбит, билигин да Бээри­йэҕэ тиийэ охсор кыаллыбат эбит. Онон нэһилиэк баһылыгын Петр Васильевы кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, үлэ-хамнас туһунан туоһуластым.

Петр Васильевич нэһилиэгэр үһүс болдьоҕор баһылыктыы олорор. Бу кэм устатыгар Бээрийэ бөһүөлэгэ 100% киинтэн ититиигэ киирдэ. Уруккута тоҥоору ыксатар оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, билигин оҕолор бэрт сылаас оскуолаҕа үөрэнэннэр абыраннылар. Кулууп эмиэ хас да сыл тоҥон турбута. Ол хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн эмиэ олус сылыйан айарга-тутарга табыгас­таах усулуобуйа олохсуйан турар.

Билигин ханна да кыстыкка киирии үмүрүйэн эрэр кэмэ. Ол сиэринэн бээрийэлэр даҕаны кыһыны этэҥҥэ туоруурга толору бэлэмнээх олороллор. Быйыл үтүөкэн сайын буолан оту да кыайбыттар. Былаан быһыытынан 600 тн оттуохтаахтарын 700-тэн тахсаны оттообуттар. “Ыалларбыт түүлээхтэр от атыылаһыахпыт диэбиттэр. Онно суоттанан төһө кыалларынан элбэҕи оттоотубут. Ол эрээри кыстыгы туоруур от­тоохпут, атыыласпаппыт диэтилэр. Итинтэн хомойо санаабаппыт, саппаастаах буолар хаһан баҕарар үчүгэй буоллаҕа. Сүөһүгэ, сылгыга хайдах дьыл буолуо биллибэт. Күн бүгүн ынах сүөһү ахсаа­на 200-кэ, сылгы 300-тэн тахса баар. Сирбит-уоппут эппиэттэһэр буолан сылгыны хото ииттэн испиппит, онтукайбыт икки сыллааҕыта ыарахан кыстыгы тулуйбаккалар балачча көҕүрээн турар», – диэн кэпсээтэ.

Бээрийэ улуус кииниттэн 80-тан тахса км. тэйиччи олорор нэһилиэк. Ахтан аһарбытым курдук, бөһүөлэк олоччу киинтэн ититиигэ холбоммута. Онон дьон олоҕор лаппа чэпчэтии оҥоһулунна диэххэ сөп. Ол эрээри, олох-дьаһах кэҥээн истэҕин аайы кыһалҕа эмиэ күөрэйэн кэлэ турар. Бу нэһилиэк Танда үрэх саамай ууланар сиригэр олорор. Онон суолга улахан эрэйи көрсөллөр. Саас улаханнык ириэрдэ эрэ суол быстан, сайын ортотугар диэри тиэхиньикэ сырыыта тохтуур. Угут дьылга олох да сир тоҥуор диэри оннук буо­луон сөп. Билигин бу күһүҥҥү ардахтартан ­–уоллара дириҥ колеялаах тоҥон турар. Онон грейдер кэлэн барара буоллар диэн кэтэһэллэр.

Кэлин сылларга мантан эдэр ыаллар көһүүлэрэ элбээбит. Ол сүрүн төрүөтүнэн уһуйаан суоҕа буолар. «Биһиги анал типовой уһуйаана суох олорбуппут уонча сыл буолла. Эргэбит аварийнай туруктаах буолан сабыллан, билигин урукку уопсай дьиэни уларытан оҥорон үлэлии турар. Ол түмүгэр 20 миэстэлээх уһуйааҥҥа 16 эрэ оҕо сылдьар. Аҕыйах сыллааҕыга диэри оҕобут баппакка, ол уочараттаһыыта буолар этэ. Инньэ гынан элбэх оҕолоох эдэр ыаллар көһү­тэлээн эрэллэр. Бу оскуола оҕотун ахсаана аччыырыгар эмиэ дьайда. Күн бүгүн оскуолабытыгар 34 оҕо үөрэнэр. Уһуйаан туттарар туһунан араас кэпсэтиилэри ыыта, бэйэбит көрүүлэрбитин киллэрэ сатаатыбыт да, өйөммөтө. Билигин федеральнай бырагыраамаҕа үлэлэһэ сылдьабыт.

Биир улахан кыһалҕанан биэлсэр суоҕа буолар. Федеральнай бырагырааманан тутуллубут толору хааччыллыылаах ФАП үлэҕэ ­киирбитэ ыраатта да, билигин да биэлсэрэ суох. Сиэстэрэ идэлээх киһини көрдөһөн үлэлэтэ олоро­бут. Онон ыалдьар дьон улаханнык эрэйдэннилэр», – диэн баһылык нэһилиэк сүрүн кыһалҕаларын билиһиннэрдэ.

Кыра да буоллар, кырата суох кыһалҕаларын кытта эйэлэһэн хаалбакка, олохтуун тэҥҥэ барсан, чэчирээн иһэр туһугар үлэлии-хамсыы олорор бүгүҥҥү Бээрийэ. Ийэтин да, аҕатын да өттүттэн үлэһит удьуордаах Петр Васильев ол туһугар нэһилиэгин уонтан тахса сыл салайан кэллэ. Дьоно-сэргэтэ да уолларыгар ­эрэллэрэ улахан.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше