Мин төһө да көбүөргэ көлөһүммүн тохпоторбун, маат сытын сыттаабатарбын тустуу фаната этим. Арай оҕо сылдьан оскуола күрэхтэһиитигэр 36 киилэ ыйааһыҥҥа үһүс миэстэ буолан турабын. Үс киһиттэн. Онно Борис Ефимов уонна Борис Заровняев диэн күүстээх баҕайы уолаттар сүнньүбүн тоһута сыспыттара. Ол «ситиһиибин» кэрэһэлиир дипломум билигин дьиэбэр баар. Онон тустууга сыһыаннаах үс түгэҥҥэ тохтоон ааһыахпын баҕарабын:
1. 1980-с сыллар саҕана көҥүл тустууга Н.Н. Тарскай аатынан күрэхтэһии саҥа сөргүтүллэн эрэр кэмэ этэ. Ол иннинэ бу, улуу киһибит аата умнуллан, кини аатынан күрэхтэһии Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бирииһэ диэҥҥэ кубулуйа сылдьыбыта. Николай Николаевич үтүө аатын тилиннэриигэ успуорт уһулуччулаах пропагандистара В.П. Кочнев, Л.Н. Кычкин, Р.Р. Бурнашев, А.А. Протопопов улахан өҥөлөөхтөр этэ.
Кэтэһиилээх күрэхтэһиибит Бороҕоҥҥо буолбута. Хамаанда бөҕө кэлбитэ, ыалдьааччылар кулууп дьиэҕэ «лыык» курдук симиллибиттэрэ. Мин 7 дуу, 8 дуу кылаас үөрэнээччитэ, аҕам булан биэрбит билиэтинэн киирэн көбүөртэн олох чугас, кулгаах-харах иччитэ буолан олорбутум. Кэнники саныыбын ээ, хараҕым дьолугар оччотооҕу ааттаах-суоллаах бөҕөстөрү барыларын кэриэтэ көрбүт эбиппин. Төһө да 40 быдан тахса сыл аастар, ол күрэхтэһиини олох бу баардыы өйдүүбүн. Ордук РСФСР чөмпүйүөнэ Егор Борисов уонна эдэр маастар Петр Бурцев өйбөр хатанан хаалбыттар. Дьэ, чахчы да чочуйан оҥорбут курдук быһыылаах-таһаалаах, дарайбыт сарыннаах, быакагар бииллээх, былларыттыбыт быччыҥнардаах, атлет көрүҥнээх уолаттар этилэр. Мин өйдүүрбүнэн ол күрэхтэһиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастардар иккиэ эрэ этэ – Григорий Христофоров уонна Иннокентий Аянитов. Бэл, Василий Гоголев оччолорго бу үрдүк ааты ыла илигэ. Кини ол кэмҥэ күөгэйэр күнүгэр сылдьара уонна СКА-тан кэлэн тустан кими да тулуппатаҕа, илиилээх-атахтаах оҥорботоҕо. Семен Морфунов, Роман Неустроев, Иван Захаров, Василий Борисов, Никон Брызгалов, Иван Соловьев, Игорь Кудрявцев курдук бэйэлэрин кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылаахтара, призердара, Сойууска тиийэ тустубут дьон кэлэн хамаандаларын чиэһин көмүскээбиттэрэ. Ол арааһа кинилэр көбүөргэ бүтэһик да тахсыылара буолуон сөп эбит. Кыра ыйааһыннарга убайдыы-бырааттыы Василий, Егор Алексеевтар, Семен, Виктор Черкашиннар, Гаврил, Алексей Окоемовтар, Сергей Степанов, Федот Мигалкин, Реворий Андросов, Никита Никифоров, Егор Старостин, Алексей Стручков, Прокопий Иванов, Егор Борисов, Петр Бурцев, Степан Заморщиков, Степан Сивцев, Николай Крылов курдук күүстээх ССРС успуордун маастардара бааллара. Бары да абытайдаах, биир тэҥ баайыылаах уолаттар этилэр. Онтон арыый үөһээ ыйааһыҥҥа Роман Цыпандин, Валерий Керемясов, убайдыы-бырааттыы Анатолий уонна Николай Константиновтар, Ефрем Ефремов, Иннокентий Захаров, Борис Борисов, Николай Рожин, Михаил Корякин, Кирилл Захаров, Максим Аммосов курдук ааттаах-суоллаах бөҕөстөр тустубуттара. Онтон ыарахан ыйааһыннарга Ньурбаттан Юрий Андреев, Максим Васильев, Өлүөхүмэттэн Александр Киселев, Орто Халыматтан Захар Чукров, Уус Алдантан Роман Егоров, Юрий Парников, Чурапчыттан Сергей Скрябин, Решетников (Будулай), Амматтан Садот Назаров курдук дуулаҕа бухатыырдар күөн көрсүһүүлэрин, көлөһүн-балаһын аллан күрдьүөттэһэ туралларын илэ харахпынан көрбүтүм. Бары да киһи хараҕа туолар, били олоҥхоҕо хоһуйалларын курдук, хастаабыт тиит мас курдук харылаах, биэстээх атыыр оҕуһу туруору туппут курдук быһыылаах-таһаалаах дьон этилэр. Өссө ордук кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу ааттаабыт бөҕөстөрүм бары кэриэтэ улуу тириэньэргэ Д.П. Коркиҥҥа дьарыктанан, буһан-хатан тахсыбыттара.
Уус Алдан хамаандата бу улахан күрэхтэһиигэ сэттэтэ субуруччу кыайан, улуу убайдарын аатынан Куубагы үйэ-саас тухары дойдуларыгар илдьэ хаалбыттара.
2. Ити сылларга мин аҕам Степан Гаврильевич Охлопков «Лена» сопхуос дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлии олорбута. Ол кэмҥэ Суоттуга көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатын таһааран ыалдьыттаппыта, нэһилиэнньэни кытта көрүһүннэрбитэ. Онно Аан дойду түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Сергей Корнилаев, Аан дойду чөмпүйүөнэ Виктор Алексеев, Европа чөмпүйүөннэрэ уонна призердара Александр Киркиснер, Андрей Ярцев, Михаил Костопуло, Юрий Воробьев бааллара.
3. 1988 сыллаахха дуу, 1989 эбитэ дуу, Дьокуускай куоракка көҥүл тустууга ССРС – АХШ хамаандаларын табаарыстыы көрсүһүүтүн тэрийбиттэрэ. Көбүөр Опера уонна балет тыйаатырын сценатыгар тэлгэммитэ. Океан уҥуоруттан кэлбит хамаанданы Олимпийскай чөмпүйүөн Дейв Шульц салайан аҕалбыта. Мин онно аатырбыт тустууктан автограф ыламмын, үөрүүм өссө үрдээбитэ. Кэлин Дейв дойдутугар массыына саахалыгар түбэһэн суорума суолламмытын туһунан хомолтолоох сурах кэлбитэ. Ол күрэхтэһиигэ Сэбиэскэй Сойуус чиэһин саха уолаттара Андрей Христофоров, Николай Яковлев, Михаил Протопопов, Олег Корнилов уонна Аан дойду чөмпүйүөнэ бүрээт бухатыыра Борис Будаев көмүскээбиттэрэ. Хомойуох иһин, күн-дьыл ыраатан хамаандабыт сорох чилиэннэрин умнуталаан кэбиспиппин. Дьэ, онно Борис Будаев утарсааччытын прогибтаан түһэрбитэ көрүөххэ кыраһыабай да этэ.
АЙЫМ